Кыстык: үлэ былаан быһыытынан баран иһэр

Ааптар: 
16.11.2019
Бөлөххө киир:

Маһы-оту кырыа куруһубанан бүрүйэн, сири-дойдуну хаар суорҕанынан үллүйэн, кыһыммыт тиийэн кэллэ.


Хаһаайыстыбалар быйылгы кыстыкка хайдах туруктаах киирбиттэрин туһунан тыа хаһаайыстыбатын миниистирин солбуйааччы, кыстык өрөспүүбүлүктээҕи ыстаабын салайааччы Николай Афанасьев маннык кэпсиир:


— Төрүөҕү ылыы быйыл куһаҕана суох буолла, ол курдук, ынах сүөһү 81,4 %-а, биэ 67,8 %-а төрөөтө. Былырыыҥҥы сылга бу көрдөрүү туһааннааҕынан 79,5 % уонна 53,2 % этэ. Сэтинньи 7 күнүнээҕи чахчынан, бас билии көрүҥүттэн тутулуга суох өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн барыта 237 тыһ. 64 ынах сүөһү уонна 249 тыһ. 511 сылгы баар. Мантан идэһэҕэ туттубут, эккэ туттарбыт кэнниттэн, былаан быһыытынан, 2020 сыл тохсунньу 1 күнүгэр 180 тыһ. 781 ынах сүөһүнү, ол иһигэр 76 тыһ. 659 ыанар ынаҕы уонна 181 тыһ. 276 сылгыны, ол иһигэр 114 тыһ. биэни киллэриэхтээхпит.
— Дьэ, аспыт-үөлбүт хайдаҕый?
— Билиҥҥи туругунан 459 тыһ. 707 т от, 21 тыһ. 896 т сиилэс, 13 тыһ. 256 т сенаж, зернофураж, 2 тыһ. 267 т сылгы бурдуга, 76 т туус уонна 3 тыһ. 180 т концентрированнай аһылык баар. Онон, биир сүөһүгэ 10,5 аһылык единицата тиксэр. Бу куһаҕана суох көрдөрүү.
Хаһаайыстыбалар сүөһүнү-сылгыны наар дороххой отунан туруорбакка, комбикуорманы, эбиэһи кэмигэр сиэтэллэрэ, сүөһү аһылыгын иҥэмтиэлээх эттиктэринэн, макро-микроэлеменнэринэн, битэмииннээх эбиликтэринэн байыталлара, ол иһигэр, сүөһү этигэр-сиинигэр дьайымтыалаах цеолиты, Кэмпэндээйи тууһун уо.д.а. туһаналлара ирдэнэр. Итиэннэ, биллэн турар, ынах сүөһү да, сылгы да туруктарын көрө-истэ сылдьан, ыраары гыммыты эбии аһылыкка киллэрэллэрэ, бэтэринээрдэри кытары ыкса үлэлэһэн, эмтиир-сэрэтэр үлэни тиһигин быспакка ыыталлара наада.
— Сайын курааннаан уонна тыа баһаардара тураннар, ыксаллаах быһыы-майгы биллэриллэ сылдьыбыт Дьааҥы улууһун хаһаайыстыбалара кыстыкка хайдах туруктаах киирдилэр?
— Кураантан тэптэрэн уонна ойуур баһаардарыттан сылтаан, Дьааҥы улууһун хаһаайыстыбалара оттооһуну бэрт уустук быһыыга-майгыга саҕалаабыттара. Ону учуоттаан, Ил Дархан ыйааҕынан, улуус таһымнаах ыксаллаах быһыы-майгы эрэсиимэ биллэриллибитэ. Бырабыыталыстыба атырдьах ыйын 8 күнүгэр таһаарбыт ыйааҕынан, кэлэр кыстыкка бэлэмнэниигэ 12 мөлүйүөн солкуобайы көрбүтэ, ол иһигэр 10 мөлүйүөн солкуобай харчы ыраах учаастактарга оттуур мобильнай биригээдэлэри тэрийиигэ итиэннэ кинилэр оттообут отторун тиэйиигэ-таһыыга ананан бэриллибитэ. Ол түмүгэр, улуус хаһаайыстыбалара кыстыгы көрсө 7 тыһыынча 700 туонна оту оттообуттара. Эбии Тааттаттан 600 туонна оту, Томпоттон 400 туонна сенаһы атыылаһарга дуогабардаспыттарын кыһыҥҥы суол аһылыннаҕына тиэйтэриэхтэрэ. Атын да улуустарга кураан тэбиитигэр кыстыыр отторун ситэ хааччымматах хаһаайыстыбалар тиийбэт отторун ханнык хаһаайыстыбаттан атыылаһалларын өссө күһүн быһаарынан, дуогабар түһэрсэн тураллар.
— Кыһыммыт кэлиитэ эриэ-дэхси буолбата, сорох улуустарга хаардаан баран ардаата. Ити кыстыкка, чуолаан, сылгы хаһыытыгар хайдах дьайыаҕай?
— Кырдьык, алтынньы бүтүүтүгэр Сунтаарга, Ньурбаҕа, Үөһээ Бүлүүгэ, Бүлүүгэ, Горнайга, Кэбээйигэ ардах былаастаах хаар түһэн, күчүмэҕэйдэри уонна ыксалы үөскэтэ сырытта. Ол эрээри, ити сөҥүү сылгыга охсор буолла диэн күүркэтэр, эрдэттэн аймалҕаны тардар наадата суох, кыстыкпыт да саҥа саҕаланнаҕа дии. Билигин сылгыһыттар убаһаларын арааран түмүктээн эрэллэр. Сылгы аһылыкка киирэ илик. Биһиги хаһыы хайдах буолуоҕун биирдиилээн улуустарынан үөрэтэ, чахчылары түмэ олоробут итиэннэ сылгы туругун кыраҕытык кэтээн көрөргө, сылгы эрдэ уонна маассабайдык аһылыкка киириэн сөптөөх нэһилиэктэригэр от, бурдук саппааһын өссө төгүл көрүнэргэ сүбэлиибит.

Раиса Сибирякова, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0