Кыстык билиҥҥитэ этэҥҥэ

Ааптар: 
24.01.2019
Бөлөххө киир:

Уһун, тымныы кыһыннаах хотугу дойдуга харыларын күүһүнэн сыралаһан ынах сүөһүнү уонна сылгыны иитэн олорор өбүгэлэрбит тохсунньу бүтүүтүн дьыл (кыһын) оройо дииллэрэ итиэннэ кыстыкка киириэхтэн төһө от сиэммитин, аны төһө хаалбытын ааҕыналлара-суоттаналлара.

edersaas.ru

Ол сиэринэн тыа хаһаайыстыбатын миниистирин солбуйааччы, өрөспүүбүлүкэтээҕи суһал ыстаап салайааччыта Николай Афанасьев кыстык туругун уонна мантан саас былааннанар үлэ-хамнас туһунан билиһиннэрэр.

Ас-үөл баар
Билигин өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн бас билии көрүҥүттэн тутулуга суох бары хаһаа­йыстыбаларга 184 тыһ 241 ынах сүөһү уонна 178 тыһ 95 сылгы кыстаан турар. 14 тыһ 770 сылгы, ол эбэтэр сылгы аҕыс бырыһыана аһылыкка киирдэ. Улуустардааҕы кыстык суһал ыстааптарын кытары ыкса сибээһи тутан олоробут, миэстэтигэр даҕаны тиийэн билсэбит, силиэктэринэн даҕаны мунньахтыыбыт. Кыстык эриэ-дэхси баран иһэр, от-мас баар, сылгыны бөрө тардыбыт биирдиилээн түбэлтэтин аахпатахха, киһини долгутуох быһыы-майгы суох, ынахтар төрөөн эрэллэр. Ити эрээри быһа этиллибэт, мантан саас күн-дьыл тугу көрдөрүө биллибэт.
Билиҥҥи туругунан, 303 тыһ т от, эбэтэр кыстыгы көрсө бэлэмнэммиттэн 64 бырыһыана хаалла. Ааспыт сайын 14 тыһ т сенаж оҥоһуллан, 27 тыһ сиилэс угуллан, сүөһү сүмэһиннээх аһылыга былааны таһынан соҕотуопкаламмыта. Онон сөптөөх ас-үөл саппааһа уонна комбикорм баар. Сайын сорох улуустарга халааннаабытын, сорохторго төттөрүтүн курааннаабытын түмүгэр, татым оттоох хаһаайыстыбалар уонна нэһилиэктэр суох буолбатахтар. Бөдөҥ хаһаайыстыбалартан Бүлүү улууһугар “Тыымпы” кэпэрэтиип, Уус Алдан улууһугар “Уус Алдан” МТС кэпэрэтиип, киин куоракка “Сахаплемхолбоһук” АУо отторо тиийбэт. Онон өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн 13 тыһ т от тиэйиллиэхтээх, итинтэн 4,5 тыһ туонната тиэрдиллэн турар. Холобур, Горнайга 716, Ньурбаҕа 450, Тааттаҕа 1 тыһыынча 184, Үөһээ Бүлүүгэ 300, Уус Маайаҕа 40 т от тиэйилиннэ.
Оту тиэйии-таһыы ороскуотун сорох чааһын толуйууга бирикээс бырайыага бэлэмнэнэ сылдьар. Ол быһыытынан, киин, илин эҥээр уонна Бүлүү улуустарыгар улуус таһыттан оту тиэйии ороскуотун 65 %-а, хотугу улуустарга 70 %-а, оттон улуус иһигэр тиэйии ороскуотун 40 %-а толуйуллар. Уматык сыаната үрдээбитинэн, 2012 сылтан туттуллан кэлбит тарыып арыый улаатыннарыллар.

Ыһыы үлэтигэр бэлэмнэнии

Тохсунньуттан саҥа аһыллыбыт кыһыҥҥы суол муус устар ортотуттан сабыллар, онон бириэмэ ыгым. Оту, комбикорманы эрэ буолбакка сааскы ыһыыга туттуллар сиэмэни, оттугу-уматыгы, саппаас чааһы бу кылгас кэм иһигэр тустаахтарга тиэрдэн, ыһыы үлэтин кэмигэр тэрийэр сорук турар.Инньэ гынан, кыстык ыстааптара бу салааҕа эмиэ үлэлиибит. Билигин улуустарынан, хаһаайыстыбаларынан бурдугу, сүөһү сиир култуураларын уонна хортуоппуйу хас гектарга ыһары, онно төһө сиэмэ наадатын, онтон төһөтүн өрөспүүбүлүкэ таһыттан аҕалары былаанныы, ааҕа-суоттуу уонна сиэмэни хааччы­йар хампаанньалары кытары кэпсэтэ сылдьабыт. Сиэмэни аҕалыыга «Сахакирэдьиит» кэпэрэтиип Бүлүү эргин улуустарга дуогабар түһэрсиитин саҕалаата.
Оттон субсидия хайдах мэхэньиисиминэн оҥоһуллара олунньу 6 күнүгэр Москваҕа ыытыллар Арассыыйа Тыатын хаһаайыстыбатын министиэристибэтин мунньаҕар быһаарыллыаҕа. Ыһыы үлэтин былаанын бигэргэтии, улуустары кытары сөбүлэһиилэри түһэрсии ол кэнниттэн оҥоһуллуоҕа.

Раиса Сибирякова, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0