Айсен Николаев: Кыстыгы туоруурга көмө оҥоһуллуоҕа

Ааптар: 
Бөлөххө киир:

Дьааҥы Боронугуттан сүөһү кыстыгы туорууругар отунан, эбии аһылыгынан хааччыйыы туһунан ыйытык киирбитигэр Ил Дархан тустаах көмө барыта оҥоһуллуоҕун эрэннэрдэ.

Айсен Николаев этэринэн, былырыыҥҥы холоотоххо быйыл от үүнүүтэ син бэттэх, ол эрэн ардахтаан, курааннаан сорох улуустар отторун аҥаарын кыайан оттооботохтор. Аҕыс итинник энчирээбит улуус баарын быһаарбыттар.

Кэнники кэккэ улуустар мобильнай биригээдэлэри тэринэн былааннарын син толорбуттар. Онон өрөспүүбүлүкэ тас өттүттэн от тиэйиитэ былааннаммат. Ол оннугар эбии аһылыкка болҕомто уурууллуоҕа уонна атын улуустартан от тиэйиллиэҕэ.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
1
+1
0
+1
0