Намҥа кыс ортото дьэдьэни үүннэрдилэр

Ааптар: 
02.12.2016
Бөлөххө киир:

Намҥа баар кыһыҥҥы оранжереяҕа ыалдьыттаатыбыт. Сибэкки курдук саха дьоно төрүт баһылыы илик салаабытыгар, хотоойутук ылсан үлэлии-хамсыы сылдьар Далбар хотуну уруйдааннар, күөх үүнээйилэр көхтөөхтүк күөгэһэллэр.

www.edersaas.ru

Евдокия Гаврильева күнэ сибэккилэриттэн саҕаланар. Оранжереятыгар тахсан, хас биирдиилэрин сыныйан көрөр, кэпсэтэр-ипсэтэр.
— Хайа доҕотторум, төһө бэркэ хоннугут? Виноград, тоҕо санньы түстүҥ? Хайыы, дьэдьэним номнуо буһан эрэр эбиккин!
Дьиҥинэн кини идэтинэн нуучча тылын уонна литературатын учуутала. Саха судаарыстыбаннай университетын 1981 с. бүтэриэҕиттэн Мэҥэ Хаҥаласка уонна Нам орто оскуолатыгар сүүрбэччэ сыл устата оҕо аймах кутун тутан таһаарыылаахтык учууталлаабыта. Өссө да уһуннук айа-тута үлэлиэҕин ыарахан ыарыы мэһэйдээбитэ. Таптыыр үлэтиттэн уурайан, дьиэтигэр олорорго күһэллибитэ. Оччолорго улахан кыыһа Санкт-Петербурга устудьуоннуура, икки кырата оскуолаҕа үөрэнэллэрэ. Кинилэри атахтарыгар туруорар туһугар туох эмит дьарыгы булуохха наада этэ. Ол иһин Евдокия Степановна бастаан “Мэри Кей” фирма бородууксуйаларын батарыынан дьарыктаммыта, кэлин күөх үүнээйигэ, сибэккигэ ылсарга санаммыта.
Сибэккини үүннэрэрин уруккуттан сөбүлүүрэ, оскуолаҕа үлэлиирин саҕана кини кэбиниэтэ саамай элбэх сибэккилээҕинэн биллэрэ. Араас улахан мунньахтарга эбэтэр үөрүүлээх дьоро киэһэлэргэ нуучча тылын уонна литературатын кэбиниэтин сибэккилэрин илдьэн сааланы киэргэтэллэрэ.

nam-oranzh
Саҕалааһын
Инбэлииттэргэ босхо бырайыас көрүллэрин туһанан, кэргэммин Анатолий Петровичһы кытары Санкт-Петербурга баран кыыспытын көрсүбүппүт, — диэн кэпсиир Евдокия Степановна. — Куорат кэрэ-бэлиэ миэстэлэринэн дьаарбайбыппыт, сибэкки маҕаһыыныгар киирэн тахсыбыппыт. Ол сылдьан кэргэним: ”Доҕоор, эн сибэккини сөбүлээн уонна сүрдээҕин табан үүннэрэр киһи сибэккинэн дьарыктаныаххын сөп эбит ээ”, — диэтэ. Онуоха биһигини “Жигули” массыынатынан илдьэ сылдьар, онно олорор биир дойдулаахпыт Семен Пухов сэҥээрэ түспүтэ, силигин ситэрэн сибэкки ыытыах буолбута. Биһиги манна кэлэн, кыра хос куортамнаспыппыт. Ити икки ардыгар олунньу ый бүтүүтэ буолбута. Сибэккибит кэлбитин туһунан истэммит, Дьокуускай аэропордугар киирэн ыллыбыт. Сэмэн сибэккилэри дьааһыкка биир биир дьаптайан уган баран, суулаан ыыппыт. Ону били арендаласпыт сып-сылаас дьиэбитигэр аҕаламмыт, сөптөөх иһити булбакка, ол-бу тааска ууран кэбистибит уонна үөрэ-көтө дьиэлээтибит. Сарсыныгар кэлбиппит, били барахсаттарбыт бары хоҥкуһан хаалаахтаабыттар. Ол курдук сибэккибит үксэ өлөн хаалбыта. Мин оччолорго кыһыҥҥы сибэккилэринэн уонна оҕуруотунан эрэ дьарыктанарым. Букет буолар сибэккилэри (тюльпаннары, розалары, гвоздикалары, хризантемалары, гербералары уо.д.а.) көрүү-истии хайдаҕын букатын билбэт этим. Холобур, саҥа кэлбит сибэккини аллараа өттүн быһан уурары итиэннэ сөрүүн сиргэ тутары билбэккэбин, ол өлөрөн кэбистэҕим дии.
Күрэстэһээччи курдук көрөллөрө
Куоракка сибэкки маҕаһыыннарыгар киирэн сүбэлэтээри ону-маны ыйытан көрдөхпүнэ, төрүт кэпсэппэттэр, хата, үөҕэ сыһан таһаараллар. Күрэстэһээччи курдук көрөр буоллахтара. Инньэ гынан, бэйэм алҕастарбыттан түмүк оҥостон бу ааспыт уонча сыл тухары сибэккинэн дьарыгыран кэллим.
Наар соҕурууттан сакаастыыгын дуу, бэйэҥ эмиэ үүннэрэҕин дуу?
— Кыһыҥҥыны бэйэм үүннэрэбин, дьөрбө оҥоһуллар сибэккилэрин сакаастаан ылабын. Тыыннаах сибэкки диэн сүрдээх уйан. Сакаастаабыккын син суулаан ыыталлар эрээри, син биир онтон төһөтө эрэ үлүйэн, буорту буолан кэлэр. Сөмөлүөккэ таһаҕаһы киллэрии-таһаарыы бириэмэни эрэйэрэ өйдөнөр. Ону таһынан алта-сэттэ чаастаах уһун көтүүгэ тымныы сиргэ ууруллан хаалыан эмиэ сөп. Дьиҥинэн соҕуруу сибэкки атыылаһыллар сыаната чэпчэки эрээри, айаннаан кэлэрэ, боростуой табаардааҕар быдан ыарахан.
Манна, Намҥа, дьону сибэккигэ хайдах үөрэттиҥ?
Өссө оскуолаҕа үлэлии сылдьан, сэлиэнньэни көҕөрдүүгэ үлэлэспитим. Инньэ гынан, сайыҥҥы уонна кыһыҥҥы сибэккилэри дьон үчүгэйдик билэр, саас-сайын сибэкки бөҕөтүн атастаһар да, атыылыыр да үгэстээхпит. Оттон букеттары дьэ, бастаан бэрт эрэйинэн ылаллара. Билигин үөрэннилэр. Саҥа оҕоломмут ийэ төрүүр дьиэттэн тахсыыта, үбүлүөйдэр, наҕараадалааһыннар, атын да араас дьоро күннэр тыыннаах сибэккитэ суох ыытыллыбат буоллулар. Бэл, “Бырастыы букета” диэн баар, бээтинсэҕэ, субуотаҕа “наһаалаан” кэбиспит дьээдьэлэр бырастыы гыннараары кэргэттэригэр букет бэлэхтиир идэлэннилэр.
Оранжерея

Уон биир миэтэрэ усталаах, биэс миэтэрэ кэтиттээх оранжерея акылаата буруус маһынан, эркинэ уонна үрдэ поликарбонатынан оҥоһуллут, ону таһынан уу итиэннэ оһох турарыгар анаан дьоҕус дьиэлээх. Таһырдьа барбах эрэ 40 кыр. тымныы буоллаҕына, манна сылаас. Икки кэтит кирээдэнэн араас үүнээйи үүнэн ахан турар! Туох суоҕуй? Хаһан даҕаны харахтаабатах араас сибэккилэрим таһынан сэбирдэхтэрэ түһүтэлээн, умнастара эрэ ордубут үүнээйилэр бааллар. Ыйыппытым, виноградтар эбит. Оттон бу бэттэх муннукка…. тыый, дьэдьэннэр тэһэ көрөн тураллар!
— Дьэдьэни урут “Московскай делакатеһы” үүннэрэрим, быйыл Италия суордун олордубутум. Үчүгэйдик астаммыттара, ити билигин бүтэһиктэрин биэрэн тураллар, онтон “утуйуохтара”, — диэн быһаарар хаһаайка. — Хайа да сибэккини мин мээнэ уһаппакка, лэппиччи быһан уонна эргэрбит сэбирдэхтэрин утары ылан кэбиһэбин. Ол иһин, үүнээйилэрим бары хойуулар, күөхтэр.
Үүнээйи көрө, атыылаһа Гаврильевтарга дьон тиһигин быспакка сылдьар. Ол иһин тиэргэннэригэр дьиэ туттан маҕаһыыны арыйбыттарын кыыстара Диалектина үлэлэтэр эбит.
Раиса СИБИРЯКОВА.Евдокия Степановна сүбэлэрэ

  • Хайа да бэйэлээх сибэкки кыһын баччаларга сынньанар, утуйар. Ол иһин ууну элбэҕи кутуллубат, элбэхтик аһатыллыбат, мээнэ көһөрүллүбэт, сыҕарытыллыбат. Сорох сибэккилэр хамсатары төрүт сөбүлээбэттэр. Алҕаска да миэстэлэриттэн сыҕарыттахха, сибэккилэрин уонна бутуоннарын түһэрэн кэбиһэллэр.

  • Сибэкки сырдыкка талаһан үүнэр, күн диэки өттө ордук хойдор. Ити иһин кэмиттэн кэмигэр эргитэн, күлүк диэки өттүн сырдыкка аҕалыллар.

  • Эбии аһатыыны олунньу ортотуттан саҕаланар. Ити кэмҥэ сибэкки бутуон биэрээри эрдэттэн бэлэмнэнэр. Мин “НВ-101” диэн оттон-мастан оҥоһуллубут Япония препаратын ордоробун. Бу препарат сибэкки үүнэр көҕүн үрдэрэр, онон арассаада сиэмэтин сытыара түһэн ылыахха сөп.

  • Култуура көрүҥүн ахсын анал аһылык баар. Холобур, розаларга, бегонияларга эбэтэр сэбирдэхтээх дикоративнай үүнээйилэргэ (калатеяҕа, диффенбахияҕа, драценана, шефлераҕа) диэн.

  • Маҕаһыынтан саҥа кэлбит сибэккини уопсай сибэккилэри кытары бииргэ ууруллубат. Кырата биир нэдиэлэ харантыыҥҥа тутан, кэтээн көрүллэр. Баҕар, туох эрэ ыарыылааҕа эбэтэр үөн-көйүүр баара буолуо.

  • Үүнээйини ”Интавир”, “Фитоверм” уонна “Зубр” курдук эмтэринэн кыһын устата иккитэ ыстардахха, үөн үөскээбэт. Оттон ыарыыны сэрэтэргэ “Фитоспорин” тэҥнээҕэ суох. Кыс устата эмиэ иккитэ ыстарыллар.

  • Киһи хараҕар нэһиилэ көстөр, кырдаайытааҕар да кыра үөн сибэккигэ ууну үөһэттэн кутартан үөскүүр. Итинник үөн үөскээбэтин наадатыгар ууну поддоҥҥа (хос түгэххэ) кутуллар. Оччотугар ууну иһээри силис үүнэр-сайдар, үүнээйи наадалаах сиигинэн хааччыллар, оттон үөһэ өттө кураанах буолан, сиик үөнэ ыспат.

  • Үүнээйигэ үөн ыспыт буоллаҕына, буорун үрүт өттүн 1,5-2 см халыҥынан хастаан, саҥа буору кутуллар. Эргэ буору таһырдьа таһааран тоҥоруллар, 40 – 50 кыр. тымныыга үөн өлөр. Иһитин, турар сирин сыта суох дихлофоһунан, үүнээйини, буору “Интавирынан” ыстарыллар.

  • Үгүс сибэккилэр (роза, азалия, стефанотис, гордения уо.д.а.) сөбүгэр сылааска, 18-20 5оС үүнэллэр. Аһары сылааска кэхтэллэр. Сибэккини ититэр ситим батареятыгар, үргүйэр түннүккэ, аан таһыгар, уопсайынан салгын курдары охсор сиригэр туруоруллубат.

  •  Оскуоланы, детсаады көҕөрдүүгэ хаппырыыһа суох каланхоэны уонна сэбирдэхтээх дикоративнай үүнээйилэри үүннэрэр ордук. Герань үчүгэй эрээри, аллергиялатар диэн оҕо тэрилтэтигэр көҥүллээбэттэр. Спатифиллум (“Дьахтар дьоло”) эмиэ үчүгэй. Бу сибэкки атыннык “путинка” диэн ааттанар. Тоҕо диэтэххэ, Президент мунньахтыыр саалатын сибэккитэ үксэ спатифиллум.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0