Кырыыстаах кириэс (Кэпсээн)

Ааптар:  Константин Бурнашов
Бөлөххө киир:
Хаартыска: PxHere

Биир билэр киһим олоҕор буолбут түбэлтэни кэпсээбитин, ааҕааччыларга тиэрдээри гынабын.

— Дойдубар, сопхуос баар эрдэҕинэ, тыраахтарга үлэлээбитим, — диэн киһим кэпсээнин саҕалаата. — Оччолорго дьиэлээх-уоттаах, кэргэннээх, оҕолордоох, ынахтаах, сылгылаах тыа ыалын сиэринэн быр-бааччы олорбуппут. Аны атыттартан чорбойорум диэн — арыгы испэт этим. Ону дойдум дьоно, салайааччылар хайгыы көрөллөрө. Ханна соруйдахтарын аайы үлэни улгумнук толорорум.

Биир саас биригэдьиирим ыйбыт бааһынатыгар тиийэн хорутан саҕалаатым. Эргэ өтөхтөөх, былыргы өбүгэлэрбит эмиэ бурдук ыһынан олорбуттар эбит. Ол бааһыналарын сопхуос саҥаттан солоон кэҥэппит. Ону эргэ өтөх, бааһына ортотугар арыыланан хаалбытыттан сылыктаатым. Бааһыната быһа холоон, биэрэстэ усталаах, биэрэстэ аҥаара туоралаах. Хорутуубун кытыытыттан саҕалаан эрдэхпинэ, матасыыкылынан агрономум бирилэтэн кэлэн: «Бу үрдэл сир сиигэ көтүмтүө, онон дириҥэт», — диэтэ.

Мин тыраахтарым саҥатык ДТ, 90 ат күүстээх, түөрт булууктаах, дириҥник да ыллаттардахха таһаҕас оҥостубат. Тигинэччи үлэлээн бааһына ортотугар диэри тиэртим. Ол сырыттахпына тыраахтарым булууга туохтан эрэ иҥнэн бөтө бэрдэрэн, хара буруонан сөтөлүннэ. Сыыйа иннин диэки дьүккүттүм, суох! Тыраахтарым син биир кыайбат. Хара буруонан бурҕачытар, умуллаары гынар. Мин булуукпун көрөбүн, туох да баара биллибэт. Эмиэ олорон, тыраахтарбын иннин диэки ыытабын — кыайбат!

— Бай?! Туох баар буоллаҕай? — диэн булуукпун өрө көтөхтөрбүтүм доҕоор! Булуугум быһаҕар кириэс иилиллэн оронон таҕыста. Дьэ, мин муодарҕаатым ахан. Бу бааһына ортотугар хантан кириэс кэллэ диэн? Урут син хорутуллан бурдук ыһыллыбыт сирэ эбээт. Түһэн көрбүтүм, араас былыргы сиэдэрэй ойуулаах, кириэһин туорайдара, ытарҕа курдук төгүрүк эминньэхтэрдээх, алтанынан дуу, көмүһүнэн дуу кутуллубут. Быһах иҥнибит сиринэн кылапачыйан көстөр.

Мин ылан эргим-ургум көрдүм, былыргы уустар оҥороллорун сөҕө санаатым. Кылапачыйарын иһин: «Арааһа, көмүстээх кириэс быһыылаах. Хата кэргэммэр араас киэргэл, ытарҕа оҥорторуом», — диэн көтөҕөн, били, өтөх аттыгар илдьэн буорга кистээтим. Ити кэнниттэн хойукка диэри үлэлээн, сирбин бүтэрэн дьиэлээтим. Киэһэ кэргэммэр наҕылыччы, булумньубун кэпсээтим: «Арааһа көмүстээх кириэһи буллум. Хата аҕалан, эйиэхэ илин кэбиһэр, ытарҕа оҥотторуохха», — диэтим. Ону кэргэним буолуммата.

— Аньыы даҕаны! Кириэстэн буолан, баҕар ойуун, удаҕан кириэһэ буолуо. Аҕалыма! Сэттээх-сэмэлээх буолуо, — диэтэ. Мин сөбүлэстим.

Иккис дуу, үһүс дуу күнүгэр оҕолор тэлгэһэҕэ оонньуу сылдьан, соһуйан, айдааран аҕай киирдилэр. «Таһырдьа күрүөҕэ улахан баҕайы көтөр кэлэн түстэ», — дэһэллэр. Муодарҕаан, таһырдьа тахсан көрбүтүм уоннаах оҕо саҕа хотой кэлэн сохсоллон олорор эбит. Оҕолор маһынан эпчиргэлииллэр, онно кыһаммат, хата, боотурҕуур. Хараҕын турулус-эрилис көрөн, дьэ сүрдээх. Онтон көтөн тиийэн тииккэ олордо. Күтүр кыылы кыйдаан баран, мин муодарҕаатым. Хотойу хаһан да харахтаан көрбөтөҕүм уонна ала-чуо тоҕо биһиэхэ кэлэн түстэ дии санаатым. Ити итинэн хаалла. Онтон аҕыйах хонон баран, торбостоох, ыата сылдьар ынахпыт сүтэн хаалла. Көрдөөн сири-дойдуну бараатыбыт. Ыаллартан ыйыталаһабыт да, ким да көрбөтөх. Арай, үһүс күнүгэр, сарсыарда түөрт чаас саҕана, дьиэбит таһыгар, ынахпыт кэлэн, улахан баҕайытык маҥыраата. Таҕыстыбыт. Онно-манна көрдүбүт да, ынахпыт суох, мунчаарыы буолла. Онтон сарсыарда, дьон уу баһа сылдьан, ынахпыт ууга түһэн өлө сытарын көрөн тыллаатылар.

Аны, ол күһүнүгэр сиргэ аһыы сылдьар сылгым сүтэн хаалла. Уоран сиэбиттэрэ да, өлбүтэ да биллибэтэ. Дьэ иэдээн, тэмтэрийии буолла! Ойоҕум миэхэ мөҕүттэр. Кэнникинэн кыҥыр-хаҥыр саҥарсар буоллубут. Аһыырым да ас буолбат. Суку-сакы сылдьабын. Ол да буоллар, санаам алдьанан арыгы испэппин. Онтон кэнники муунтуйан, аралдьыйа таарыйа хаарты оонньуур идэлэнним. Оонньоон диэн, үп сүүйтэрээччитэ мин. Быр бааччы олорбут ыал ол кириэс көстүөҕүттэн ыла, олохпут огдолуйан, кэргэмминээн арахсар аакка барбыппыт. Кини түөрт оҕотун илдьэ атын сиргэ көспүтэ. Онтон мин соҕотох хаалан, аһыыр-аһаабат икки ардынан сылдьан, доруобуйабар оҕустаран, устунан сөтөл ыарыытыгар ылларан, балыыһа киһитэ буоллум, — диэн олоҕор буолбут түбэлтэни кэпсии олорон, мин диэки сэниэтэ суохтук унаарыччы көрөн кэбистэ. — Аныгы ыччат ону-маны көрбүтүн барытын алдьатар, ыһа-тоҕо сылдьар. Ону сэрэтэр курдук суруйуоҥ этэ, — диэбитин сөбүлэһэн бу суруйдум.

Бу киһи кэпсээнин истэн баран маннык түмүк оҥоруохха сөп дии саныыбын. Былыр улахан ойууну, удаҕаны дьонтон кистээн, тыаҕа көмөллөрүн туһунан эдэр сылдьан кырдьаҕастар кэпсииллэрин истэрим. Онон бааһынаны кэҥэтэн, ыркый тыаны бульдозерынан астаралларыгар кириэс өҕүллэн сиргэ тимирбитэ буолуо. Урут бу киһи хорутуон иннинэ, атын тырахтарыыстар сирэ чычаас гына хоруталлара буолуо. Ол иһин кириэһи таарыйбакка, үрдүнэн сырыттахтара. Бу киһи олоҕун алдьатар быатыгар агроном кэлэн, дириҥник хоруттаран, кириэһи ороон таһаардаҕа. Хас да сыллааҕыта «Эдэр сааска» Багдарыын Сүлбэ «Сэргэни алдьатар сэттээх» диэн суруйуутун аахпытым. Онно майгынныыр түбэлтэҕэ түбэспит киһи эбит дии санаабытым. Кириэһи кистээбит сиригэр билигин да сытар үһү. Хантан орообут сирин билэр. Мин сэрэйиибинэн, эмиэ Болугур Айыытын курдук сүдү киһи көмүллэ сытара буолуо. Маны анал үөрэхтээх учуонайдар туох дииллэрэ буолла. Бу дьикти! Сирин уонна киһитин биллэр биричиинэнэн суруйбатым.

Онон доҕоттоор! Сыыһа туттуннаххытына туох барыта сэттээх-сэмэлээх буолааччы. Алдьатар аньыы! Ытык сирдэри ытыгылааҥ! Сиэри-туому тутуһуҥ диэн алгыс тыллаах суруйуубун түмүктүүбүн.

Константин Бурнашов.

 * * *

Бу кинигэни ааҕыҥ

 Бу кэпсээн «Бичик» кинигэ национальнай кыһата бэчээттээн таһаарбыт «Көстүбэт эйгэ» сериянан тахсыбыт «Иччитэх өтөххө кииримэ» Егор Спиридонов хомуйан оҥорбут кинигэтигэр баар. Маны таһынан, ааҕааччы «Сахалыы ыалдьыбыт», «Ойууннар айалара», «Көрбүөччү», «Түһүүр да араастаах», «Киһи уҥуоҕар түүҥҥү уот», «Бүлүүһэ сүүрдэн кырдьыгы билбитэ», о.д.а элбэх кэпсээннэри, дьикти түбэлтэлэри сэргии ааҕыаххыт!

+1
3
+1
0
+1
0
+1
1
+1
1
+1
1
+1
0