Кырыы нэһилиэккэ оҕо уһуйаана аһылынна

Бөлөххө киир:

Ахсынньы 13 күнүгэр Сунтаар улууһун Түбэй Дьаархан нэһилиэгэр саҥа таас дьиэ дьэндэйдэ.

edersaas.ru


Аныгы ирдэбилгэ эппиэттиир бу дьиэ кырачааннарга ананар. Ол эбэтэр нэһилиэнньэ өр сылларга туруорсубут оҕо уһуйаана арыллан, олохтоохтор Саҥа дьыл иннинэ улахан бэлэҕи тутан үөрүүлэрэ муҥура суох.

Уһуйаан үлэһиттэрэ уонна олохтоохтор улуус баһылыга Анатолий Григорьевка уонна тутааччыларга ис сүрэхтэриттэн махтаннылар.

Бу күннэргэ улууска өссө Тойбохойго саҥа таас кулууп, Маар Күөлгэ оскуола арыллаары тураллар.

Надежда ЕГОРОВА, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0