Кыргыз Сайдыкулов

06.12.2016
Бөлөххө киир:

Россияҕа ыытыллыбыт бүтэһик биэрэпис түмүгүнэн, Саха сирэ 950 тыһыынчаттан тахса нэһилиэнньэлэнэн, сахалары таһынан, нууччалар, эбээннэр, украинецтар, эбэҥкилэр, татардар, буряттар, киргизтэр уо.д.а. олороллоро биллибитэ. Онон биһиги өрөспүүбүлүкэбитигэр сүүстэн тахса араас омук сүүһүнэн сыллар тухары бииргэ алтыһан, эйэ-дэмнээхтик олорон кэллилэр. Кэлиҥҥи сылларга Киргизия олохтоохторо Саха сиригэр кимэн киириилэрэ элбээтэ. Бүгүҥҥү «Итии чэй» рубрикабытыгар өр сылларга «Манас» кыргызтар диаспоралара» уопсастыбаннай түмсүү бэрэссэдээтэлинэн үлэлээбит Эсен Сайдыкулов ыалдьыттыыр.

37 сыл

Эсен Какелеевич, эн Саха сиригэр олорбутуҥ ыраатта. Хас сыллаахха кэлбиккиний?

– Тохсунньу 10 күнүгэр Саха сиригэр кэлбитим номнуо 37 сыла буолар. Син ыраатта. Оччолорго миигин үс сылга болдьохтоон үлэҕэ ыҥырбыттара. Кэлээт да, дуогабар баттаһаат, муусука-драматическай тыйаатырыгар үлэлээн барбытым. Тэрилтэбит кэлин Опера уонна балет тыйаатырыгар кубулуйбута. Онно үлэлии сылдьан саха кыыһын кытары билсэн ыал буолбуппут. Кэргэним Мария Васильевна Колмогорова Кэбээйиттэн төрүттээх (СӨ үтүөлээх артыыската, Опера уонна балет тыйаатырын кылаабынай балетмейстера – Ааптар). Икки оҕолоохпут. Номнуо сиэннэрдээхпит. Кыыһым Сардаана биһиги суолбутун батыһан, билигин балет солистката буола үүннэ. Уолбутугар кыргызтыы ааты биэрбиппит.

Оҕолоруҥ сахалыы саҥараллар дуо?

– Хомойуох иһин, оҕолорум кыргызтыы билбэттэр, сахалыы син өйдүүллэр. Бэйэм сахалыы кыратык билэбин, өйдүүбүн. Холкутук кэпсэппэппин эрэ. Үйэбит тухары Дьокуускай куоракка олорбут буолан, оҕолор нуучча кылааһыгар үөрэммиттэрэ.

 Барыларын тутар кыах суох…

Төрөөбүт дойдугуттан тэлэһийэ сылдьан, дьэ, кыргызтыы үгэстэри тутуһаҕын дуо? Сахалыыны ылынныҥ дуу?

– «Сэбиэскэйдии» диэн этиэм этэ. Урукку сэбиэскэй кэминэн хаалан хаалбыппын быһыылаах. Мин оҕолорбун уонна эдэр дьону кырдьаҕастары убаастыырга, ытыктыырга үөрэтэбин. Ол эрээри кэлиҥҥи сылларга дойдубуттан араас дьон кэлэр буолла. Олору барыларын хонтуруоллуур кыаҕым суох…

Оннук. Эн уһун кэмҥэ биир дойдулаахтарыҥ диаспораларын салайан кэллиҥ. Миэстэҕин атын киһиэхэ туран биэрбит үһүгүн дии. Эйигин ким солбуйда?

– Мин 18 сыл устата уопсастыбаннай түмсүүнү салайан кэллим. Миигин дьон билэр, убаастыыр. Ол эрээри кэлиҥҥи кэмҥэ наһаа сылайдым. Киһи киһини кытта атааннаһар, тыл тылга киирсибэт түгэннэрэ наһаа элбээтэ. Онон былырыыҥҥыттан түмсүүнү саҥа киһи салайар.

«Сүрдээх баламат киһи»

Саҥа бэрэссэдээтэли сөбүлээбэт диэн кэпсэтэллэрин истибитим. Ол кырдьык дуо?

– Кырдьыгынан эттэххэ, оннук. Наһаа кытаанах, баламат, ньиэрбинэй киһи диэххэ сөп. Кини кэлиэҕиттэн община икки аҥы араҕыста. Ыччаттарга уонна саастаахтарга.

Ол туох идэлээх киһиний. Сааһа төһөнүй?

– 40-нун ааспыт. Таксист. Эдэрдэр кинини өрө туталлар. Миигин утары үлэ ыыталлар. Саастаахтар миигин өйүүллэр. Түмсүү салайааччытын уларытар санаалаахпыт. Номнуо биир кандидатура баар. Нууччалыы ыраастык саҥарар. Сахалыы саҥара үөрэн диэн сүбэлиибит. Уонна ити билиҥҥи бэрэссэдээтэл туһунан элбэҕи этэр санаам суох…

Эсен Какелеевич, билигин Саха сиригэр төһө ахсааннаах кыргыз олорор?

– Бүгүҥҥү туругунан, арааһа, 8 – 9 тыһыынча киһи баара буолуо. Кыһын дойдуларыгар бараллар. Сайын үлэлии кэлэллэр. Сыл ахсын ортотунан 5 – 6 тыһыынча киһи кэлэр. Федеральнай миграционнай сулууспа Саха сиринээҕи управлениетын чахчыларынан, сыллата 7 – 8 тыһыынча киһи кэлэр диэн. Халлаан сылыйдаҕына, кулун тутартан саҕалаан кэлэллэр. Докумуоннарын бэлэмнииллэр, медицинскэй көрүүнү ааһаллар. Үлэҕэ көҥүл ыллылар да, үлэлээбитинэн бараллар. Таможеннай сойуус аһыллыаҕыттан үлэҕэ киирии бэрээдэгэ судургутуйда. Ол курдук Киргизия Евразийскай экономическай сойууска холбоһон, Россияҕа үлэлии кэлэллэригэр анал патент ирдэниллибэт.

Киргизияҕа сахалар элбэхтэр

Биһиги өрөспүүбүлүкэбитигэр 140-ча омук баара биллэр. Онтон эн дойдугар төһө араас омук олорор? Омугунан арахсаллар дуо?

– Сүүсчэкэ омук баарын билэбин. 500-тэн тахса саха олорор этэ. Өссө билигин элбээбит буолуохтаах. Киргизтэр соҕуруу уонна хоту диэҥҥэ арахсаллар. Саха сиригэр ордук соҕуруу өттүгэр олорооччулар кэлэллэр. Соҕурууҥҥулар ыгым, кытаанах майгылаах дьон.

Биир дойдулаахтарыҥ сүрүннээн атыы-эргиэн салаатын баһылаан олороллор дии.

– Наһаа да баһылаабаталлар, син үлэлиир дьон элбэх. Ордук тутууга, атыы-эргиэн салаатыгар үлэлииллэр. Таксистар элбээтилэр. Оҕуруот аһынан Киргизияттан төрүттээх узбектар эргинэллэр. Онон кинилэри киргизтэри кытары буккуйар сыыһа.

– «Буруйу оҥоруу омуга суох» диэн этэллэрин үгүстүк истэбин. Киргизияттан кэлбит дьон буруйу оҥоруулара төһө тахсарый? Статистика оҥороҕут дуо?

– Араас дьон баар буолар. Барыларын өтө көрөр кыахпыт суох. Уонна биир халыыпка киллэрэр сыыһа. Холобур, олохтоох киһи наркотиктаах тутулуннаҕына, бу Ил Дархан буруйа буолбатах ээ. Онон салайааччыны, бэрэссэдээтэли, президени буруйдуур сыыһа дии саныыбын. Буруйу оҥоруу таҕыста даҕаны, биһиэхэ биллэрэллэр. Барытын билэ-көрө сылдьабыт. Ол эрээри чопчу сыыппараны этэр кыаҕым суох.

Саха үгэстэрин билэбин

Павел Пинигини кытары билсэҕин дуо? Киргизтэри өйүүр, үлэлии кэлэллэригэр көмөлөһөр диэн этэллэрэ төһө оруннааҕый?

– Улаханнык билсибэппин. Туох эмит наада буоллаҕына биһиэхэ тахсаллар. Ити киргизтэри «крышалыыр» диэни олох сымыйа. Ис дьиҥин билэр буоллаҕым дии. Онон киһини билбэт эрээри мээнэ саҥаралларын адьас сөбүлээбэппин. Павел Пинигин Киргизияҕа улаханнык убаастанар, ытыктанар киһи.

Сайаана Талбан диэн Таатта кыыһын суруга социальнай ситимнэри аймаан, бу тула кэпсэтии, дьүүллэһии, санаа үллэстиитэ күн бүгүнүгэр диэри тахса турар. Эйигин Ытык Күөлгэ ыҥырбыта дуо?

– Мин саныахпар, ити суругу кини суруйбатах быһыылаах. Ким эрэ көмөлөспүтэ, ыйан-кэрдэн биэрбитэ буолуо. Элбэх оҕолоох, итиччэ кэрэ, үтүөкэн дьахтар итинник суруйбатах буолуохтаах. Дьиҥэр, тута миигин кытары көрсөн, атах тэпсэн олорон кэпсэтиэ этэ. Тааттаҕа барар санаалаах этибит даҕаны, массыына көстүбэккэ кыаллыбатаҕа. Кини миэхэ саха норуотун үгэстэрин, олоҕун-дьаһаҕын, култууратын көрдөрөр санаалаах этэ. Ол эрээри мин Саха сиригэр 40-ча сыл олордум. Кэргэним саха. Сахалыы аһылыгы сөбүлээн аһыыбын, үгэстэри билэбин.

Эсен Какалеевич, оттон төрөөбүт дойдугар көһөр санаалааххын дуо?

– Сааһырыы барда. Тымныыттан чаҕыйар буолбуппун. Баҕар, аны аҕыйах сылынан көһүөхпүт. Анараа баран кыстыыр буолуохпут.

Анивера Акимова.

Хаартыска: интернеттэн.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0