Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр бэс ыйын 19-21 күннэригэр М.К.Аммосов төрөөбүтэ 120 сылыгар аналлаах Кыргызстан Өрөспүүбүлүкэтин Литературатын күннэрэ ыытыллыахтара. edersaas.ru
Быйыл уһулуччулаах судаарыстыбаннай уонна политическай деятель, саха норуотун чулуу уола, Саха сирин уонна Кыргызстан судаарыстыбаннастарын төрүттэспит Максим Кирович Аммосов төрөөбүтэ 120 сыла бэлиэтэнэр. Ил Дархан Егор Борисов 2016 сыл тохсунньу 22 к. 36 №-дээх дьаһалынан Ил Түмэн Бэрэссэдээтэлэ Александр Жирков уонна Бырабыыталыстыба Бэрэссэдээтэлэ Евгений Чекин салалталарынан, М.К. Аммосов төрөөбүтэ 120 сыла туолуутун киэҥник бэлиэтээһини бэлэмнээн ыытыыга өрөспүүбүлүкэтээҕи тэрийэр кэмитиэт үлэлиир.
М.К. Аммосов үлэтэ, олоҕо уонна дьылҕата саха уонна кыргыз омугу ыкса ситимнээбитэ. Максим Кирович салалтатынан Киргизия Өрөспүүбүлүкэтэ союзнай статустаммыта, Төрүт сокуоннаммыта. Аммосов бу дойду экономиката, култуурата сайдарыгар бэйэтин баай уопутун, чаҕылхай талаанын, күүһүн-уоҕун биэрэн үлэлээбитэ. Итини таһынан, судаарыстыбаннай үлэҕэ национальнай каадырдары анааһыҥҥа, репрессия сылларыгар олохтоох интеллигенцияны көмүскээһиҥҥэ ураты болҕомтотун уурбута. Ол да иһин, Максим Кирович Аммосов үтүө аатын Кыргызстан норуота мэлдьи күндүтүк ахтар.
Төһө да сыл-хонук тэтимнээхтик ааһан истэр, икки уруулуу омук доҕордуу сыһыана салҕанар. Бэлиэ даатаҕа сөп түбэһиннэрэн, бэс ыйын 19-21 күннэригэр Саха сиригэр М.К.Аммосов төрөөбүтэ 120 сыллаах үбүлүөйүгэр аналлаах тэрээһиннэр чэрчилэринэн, судаарыстыбалар икки ардыларыгар сыһыаны бөҕөргөтөр соруктаах, үтүө үгэстэри салҕаан, Кыргызстан Өрөспүүбүлүкэтин Литературатын күннэрэ ыытыллаллар. Бу күннэри ыытыыга бэлэмнэнии үлэтэ эрдэттэн барбыта, биэдэмистибэлэр икки ардыларынааҕы тэрийэр кэмитиэт тэриллибитэ. Ил Түмэн спикерэ Александр Жирков Бишкеккэ сырыытыгар М.К.Аммосов төрөөбүтэ 120 сыллаах үбүлүөйүгэр аналлаах тэрээһиннэри ыытар туһунан Кыргызстан Өрөспүүбүлүкэтин салалтатын, айар интеллигенциятын кытта кэпсэтии ыыппыта.
Ыалдьыттар
Буолаары турар Кыргызстан Литературатын күннэрин бырагырааматын ис хоһоонун билиһиннэрдэххэ, Кыргызстан дэлэгээссийэтэ Дьокуускайга бэс ыйын 19 күнүгэр көтөн кэлэр. Кыргызстан Өрөспүүбүлүкэтин Президенин сүбэһитэ Мира Карыбаева салалтатынан дэлэгээссийэ састаабыгар Кыргызстан парламенын дьокутаата, Кыргызстан Өрөспүүбүлүкэтин култууратын үтүөлээх деятелэ Садык Шер-Нияз, Кыргызстан Суруйааччыларын национальнай сойууһун бэрэссэдээтэлэ, дипломат, Кыргызстан Өрөспүүбүлүкэтин култууратын үтүөлээх деятелэ Акбар Рыскулов, Алыкул Осмонов аатынан Национальнай библиотека дириэктэрэ Жылдыз Бакашова, Кыргызстан кинематографистарын сойууһун бэрэссэдээтэлэ Таалайбек Кулмендеев, Кыргызстан норуодунай худуоһунньуга Суйутбек Торобеков, Кыргызстан Судаарыстыбаннай бириэмийэтин лауреата, биллиилээх скульптор Аскар Турумбеков, Чингиз Айтматов аатынан Иссык-Куль форумун президенэ Чингиз Айтматов уола Аскар Айтматов, Кыргызстан драматическай тыйаатырын литературнай чааһын сэбиэдиссэйэ, суруйааччы Алтынай Темирова, суруйааччы, «Жетиген» сурунаал кылаабынай редактора Абдуламит Джумашев, суруйааччы, Кыргызстан Өрөспүүбүлүкэтин култууратын үтүөлээх деятелэ Култегин Кожогелди, Кыргызстан парламенын отделын салайааччыта Сатина Бакашева, комузист Тынчтыбек Чуйтиев, Бишкеккэ “Олоҥхо” уопсастыбаннай түмсүү салайааччыта Ньургуйаана Иннокентьева бааллар.
Литература мусуойугар
Бэс ыйын 19 күнүгэр 14 ч. П.А.Ойуунускай аатынан Литературнай мусуойга Кыргызстан суруйааччылара уонна Саха сирин суруйааччылара, наука уонна искусство деятеллэрэ кыттыылаах «төгүрүк остуол» ыытыллыаҕа. Манна Чингиз Айтматов талыллыбыт айымньыларын тылбааһынан «Илгэлээх ардах” кинигэ уонна кыргыз суруйааччыларын айымньыларынан “Күн кууһар хайатыттан» тылбаас хомуурунньуга, итиэннэ саха суруйааччыларыгар анаммыт “Ала Тоо” литературнай сурунаал анал таһаарыыта сүрэхтэниэхтэрэ.
Киэһэтин П.А.Ойуунускай аатынан Саха академическай тыйаатырыгар Саха сиригэр Кыргызстан Өрөспүүбүлүкэтин күннэрин үөрүүлээх аһыллыыта буолуоҕа. Чингиз Айтматов «Хаарыан хампа күөх кытылым», «Ийэ сир» айымньыларынан Саха тыйаатырын репертуарыттан испэктээкиллэртэн быһа тардыыны көрдөрүөхтэрэ.
Ыһыах күн, бэс ыйын 21 күнүгэр, Кыргызстан дэлэгээссийэтэ Нам улууһугар ыалдьыттыа.
Литературалар доҕордоһуулара – норуоттар доҕордоһуулара
История кэрдиис кэмнэрин, үйэ аҥарын анараа өттүнээҕи түгэннэри сэгэтэн көрдөххө, 1966 сыллаахха Саха сиригэр Киргизия суруйааччыларын улахан дэлэгээссийэтэ кэлэ сылдьыбыт. Ол иннинээҕи сылга Саха сирин суруйааччылара Семен Данилов салалтатынан күннээх Кыргызстаҥҥа ыалдьыттаабыттар.
Оччотооҕу «Кыым» хаһыат кэпсииринэн, «Ил-18» сөмөлүөтүнэн Киргизияттан Суруйааччылар сойуустарын бастакы сэкирэтээрэ Токтоболот Абдумомунов салалтатынан 8 киһилээх дэлэгээссийэ кэлбит. Москваттан кыргыз суруйааччыларын кытта РСФСР Суруйааччыларын сойууһун бырабылыанньатын бэрэссэдээтэлэ Леонид Соболев, РСФСР Суруйааччыларын сойууһун бырабылыанньатын сэкирэтээрэ Франц Таурин, поэттар Яков Шведов, Сергей Викулов кэлбиттэр.
Литература эйгэтигэр бэлиэ түгэни көрсө Саха сиринээҕи кинигэ издательствота Ленинскэй бириэмийэ лауреата Чингиз Айтматов “Тэбиэн хараҕа” айымньытын сахалыы тылбаастаан, 7 тыһ. экземплярдаах кинигэни бэчээттээн таһаарбыт. Бу хомуурунньукка кыргыз литературатын классигын «Тэбиэн хараҕа», «Джамиля», «Маҥнайгы учуутал», «Ийэ сир» диэн айымньыларын Николай Кондаков, Дмитрий Кириллин, Василий Гольдеров, учуонай Петр Афанасьев сахалыы тылбаастаабыттара киирбит. Оттон 1967 сыллаахха суруйааччы Иван Федосеев-Доосо кыргыз суруйааччыларын, поэттарын айымньыларынан «Ала-хайа сарыала» диэн хомуурунньугу таһаартарбыт.
Ыалдьыттар Дьокуускайга өрөспүүбүлүкэ салалтатын, учуонайдары, култуура, искусство деятеллэрин, ыччаты, Намҥа тыа сирин үлэһит дьонун кытта көрсүбүттэр. Мирнэйгэ саҥа тутуллубут 3 №-дээх хайа байытар фабрикаҕа, «Мир” карьерга, Иирэлээх быһытыгар сылдьыбыттар. 2 №-дээх фабрика үлэтин кытта билсэр кэмнэригэр бөдөҥ караттаах алмааһы булбуттар. Ол алмааска улуу акын Токтогул Сатылганов аата иҥэриллибит.
Кыргыз литературатын күннэрэ хайдах ааспыттарын туһунан Токтоболот Абдумомунов бу курдук санаатын тиэрдибит:
— Биһиги саха дьонун майгытыгар ыалдьытымсаҕын таһынан, өссө биир үтүө хаачыстыбатын бэлиэтии көрдүбүт. Ол саха дьонун ураты сэмэйэ буолар. Эһиги, хаһаайыттар, үчүгэй режиссердаргыт, бэйэҕит олус сатабыллаахтык күлүккэ хаалаҕыт уонна эмиэ олус сатабыллаахтык ыалдьыттаргытын сцена инники уотугар таһаараҕыт. Итинтэн биһиги үөрэниэхтээхпит уонна тарҕатыахтаахпыт.
Намҥа Максим Аммосов аатынан холкуоска сырыттыбыт. Бу холкуоска курдук олус бэриниилээхтик экспонаттары хомуйан мусуой тэриммиттэр аҕыйахтар. Бу олохтоох дьоно туһунан бэрт элбэҕи этэр. Мин Максим Аммосов туһунан киинэ сценарийа суруйарга сананабын. Эһиэхэ сылдьыбатаҕым, Максим Аммосов төрөөбүт сирин көрбөтөҕүм буоллар, ол олус уустук дьыала буолуо этэ.
Түмүккэ
“Литературалар доҕордоһуулара – норуоттар доҕордоһуулара” девиһинэн ыытыллыбыт көрсүһүүлэри биллиилээх фотограф Еремей Порядин хаартыскаҕа түһэрэн үйэтиппит. Оччотооҕу каадырдарга Намҥа доҕордоһуу сэргэтэ туруорбуттарын, Максим Аммосов аатынан холкуоска сахалыы таҥастаах кырачаан кыргыттары Т.Абдумомунов, Л. Соболев көтөҕөн туралларын, норуот ырыаһыта Прокопий Ядрихинскай-Бэдьээлэ дьиэрэһитэр куолаһын сэргээннэр, ыалдьыттар ытык кырдьаҕаска махтанан илии тутуһалларын көрүөххэ сөп.
Кыргыз суруйааччылара доҕордоһуу кутаатын чаҕылхай Максим Ала-Тоо тэллэҕэр аан бастаан умаппыта диэн бэргэнник бэлиэтээбиттэрэ. ХХ үйэҕэ түстэммит доҕордуу сибээс ХХI үйэҕэ салҕанан, уруулуу омуктар култуурунай уонна духуобунай ситимнэрэ бөҕөргүүр.
Татьяна Маркова.