Көһүппэтэх түгэннэр иэгэйэр икки атахтааҕы эрийэн-мускуйан да биэрээхтииллэр. Ньургуйаана илиҥҥи тыллары үөрэтэр факультеты кыһыл көмүс мэтээлинэн бүтэрдэ. Интернет ситиминэн эрдэттэн кэпсэтэн, оҕо эрдэҕиттэн хаста да сылдьыбыт Кытайыгар үлэлээн көрөргө быһаарынна. Олох суолугар саҥа үктэнэн эрэр, үчүгэй үлэһит буолар кэскиллээх кыыс манна хааларыгар төрүөт да суох курдук. Ийэлэрэ улахан кыыһа Мусятын оҕолорун көрсөн, ньир-бааччы улуус киинигэр олорор. Күтүөттэрэ Гоша рейскэ сылдьар буолан, дьиэтигэр хонор хоноһо, сылдьар ыалдьыт кэриэтэ. Дьиэлээхтэр үөрэнэн хаалан кыһаллыбаттар, эр киһини тутан олоруоҥ баара дуо? Аһатар-таҥыннарар киһилэрэ кини эрэ буоллаҕа.
Ньургуйаана ыраах дойдуга барыан иннинэ дьонугар тахсан сынньана түһэргэ сананна. Эдьиийин үс саастаах игирэ кыргыттара кинини чуҥкуппаттар. Чаҥкынаһан, часкыһан түһэннэр көрүдьүөс кырачааннар. Кэпсээннэрэ, дьээбэлэрэ диибин диэн. Ньургуйаана тахсан бараатын кытары кэтэ сылдьыбыт тапочкатын кистээн кэбиһэллэр. Киэһэ кэлэн атаҕын таҥаһын көрдөөн булумахтанарын көрдүлэр эрэ, булан аҕала охсоллор. Ол аайы манньатын Чупа-чупс эбэтэр Киндер-сюрприз кэмпиэт ылаллар. Ол кэнниттэн былдьаһа-былдьаһа эдьиийдэрин сыллаан-уураан ылаллар. Бэйэ-бэйэлэрин итинник истиҥник таптаһаллар.
Эдьиийдэрэ айанныыр кэмэ чугаһаан, тиэтэйэ-саарайа хомуна сырытта. Арахсыахтарын иннинэ киирэр ааҥҥа олоппос уурунан олоро түстүлэр. Кыыс олбуор аанын аһан тахсан истэҕинэ, кыргыттартан биирдэстэрэ Айыына сарылыы-сарылыы эдьиийин илиититтэн тардан төттөрү киллэрэ сатаата. «Эчи, дьиибэтин, бу үйэҕэ сайыспат, ытаспат этилэрэ», – Ньургуйаана эмискэ сүрэҕэ ытырбахтаан ылла. Эбээтэ сиэнэ ытыырын тохтото сатаата да, кыысчаан өссө тииһигирэн туран Ньургуйаана ырбаахытын тэллэҕиттэн тардыалыыр. Хайыай, эдьиий киһи ытырыктатар санаатын киэр кыйдыы сатыы-сатыы автовокзалга тиийдэ. «Чэ, туох буолуой, оҕо эрэ сайыһар» диэтэр да, кулгааҕар Айыына: «Эдьиий, барыма, хаал», – диэн көрдөһөр саҥата ааһан-араҕан биэрбэтэ.
х х х
Ньургуйаана куоракка икки хонно. Докумуоннара табыллыбакка, көтөр күнүн уларытарга күһэлиннэ.
Күнү быһа сүүрбүт-көппүт киһи сытаат утуйан хаалыа эбит да, уута кэлэн биэрбэтэ. Сарсын айанныырыттан долгуйара итиччэ дуу, сүрэҕэ биир кэм эппэҥнэс. Саҥа нухарыйыах курдук буолан иһэн, туох эрэ куһаҕаны түүйэр түүлү түһээн түҥнэһиннэ. Утуйар-утуйбат икки ардынан сыттаҕына, арай хоһун аанын күүскэ тоҥсуйдулар.
Аанын аспыта күтүөтэ турар эбит, биир тылы кыайан эппэт буола ыгылыйбыт көрүҥнээх.
– Хайа, Гоша, ханна бардыҥ, туох буоллуҥ? – Ньургуйаана соһуйда.
– Тоойуом, дьоммут куһаҕан буоллулар быһыылаах… Оҕолору көрө тахсыаҥ дуо?
– Хайдах, оттон сарсын көтөбүн дии, дьоммут хайдах буоллулар диигин?! – Ньургуйаана туох эрэ алдьархай ааҥнаабытын дьэ өйдөөн, сарылыыр былаастаах ыйытта…
Күҥҥэ көрбүт күндү ийэтэ, баар суох эдьиийэ Муся кинини орто дойдуга соҕотохтуу хаалларбыттар… Уҥуор кытылга лууктуу тахсан иһэн, тыылара тэстэн ууга былдьанаахтаабыттар. Аана суох алдьархай диэн манныгы этэн эрдэхтэрэ. Кырачаан Айыына сүрэхчээнэ сэрэппитин Ньургуйаана сөҕө санаата. Кыыс Муся күҥҥэ көрбүт чыычаахтарын аҕаларыгар соҕотохтуу быраҕан барара хайдах да сатаныа суоҕун өйдөөтө. Чугас дьоно: «Кэскилгин кэрдинимэ, карьераҕын оҥостуоҥ этэ. Онуоха-маныаха диэри оҕолору бэйэбит көрөн эриэхпит», – диэн этэн көрдүлэр да, Ньургуйаана кыыһырартан атыны билбэтэ. «Оҕолору кимиэхэ да биэрбэппин, эдьиийим дьиэтигэр олоруохпут», – диэн соһуччу быһаарынна.
Күтүөтэ Гоша сэҥээрэрин да, биһириирин да биллэрбэтэ. Күтүөттэрэ дьонун сүтэриэҕиттэн ыла ууну омурдубуттуу сылдьар. Төрүкү оҕолоругар да чугаһаабат буолла. Рейстэн кэллэҕинэ, ханна эрэ аймахтарыгар аарыыр. Төннүбүт сураҕын эрэ истэн хаалаллар. Оҕолоругар харчы хаалларбытын ыаллара киллэрэн биэрэллэр.
Ньургуйаана маннык олорор хайдах да табыллыа суоҕун билиннэ. «Ыал аҕата, алаһа дьиэ хаһаайына хайдах туора сиргэ ыырданыахтааҕый? Оҕолоругар тоҕо чугаһаабатый, мин баарбын иһин дьиэтигэр киирбэт, эбэтэр…», — кыыс арааһы бары санаан ылар. Барар сирэ баҕана үүтэ, кэлэр сирэ кэлии үүтэ буолан, ыаллыы олорор Балбаараттан сүбэлэтэ сатаата. Эмээхсин кыыс ис мучумаанын истэн баран, чочумча саҥата суох олордо.
— Дьэ, ыарахан, доҕоор. Гоша кыра тыал хоппот киһитэ этэ. Оҕолоругар сүрэҕэ сытар, кини курдук аламаҕай аҕа суоҕа. Арай ити… ити эйигиттэн кыбыстара дуу. Эр киһи хараҕар быраҕыллар, сүрэх сылаанньыйа көрөр оҕото буоллаҕыҥ…
— Оччоҕо… — Ньургуйаана харахтара таһынан бычалыйыах айылаахтык кип-киэҥинэн көрөн кэбистэ — Арааһа, мин дьиэттэн тахсан биэриэхтээхпин быһыылаах. Игирэчээннэрим: «Паапабыт хаһан кэлэрий?» — диэн ууга-уокка түһэрэллэр. Мин тугу да кыайан быһааран эппэппин. Бэйэм даҕаны кинилэргэ ыллардым. Балтыларбын хаалларан, ханна эрэ барар туһунан саныахпын да куттанабын. Хайдах буолабын? – кыыс Балбаара эрэ быыһыаҕар-абырыаҕар итэҕэйэн, баччааҥҥа диэри умса түһэн олорбут бэйэтэ эмээхсиҥҥэ эргилиннэ.
— Туох билиэй, тоойуом. Сүрэх уонна өй мөккүөрэ куруук да баар. Сүрэҕиҥ тугу этэрин иһит. Былыр биһиги өбүгэлэрбитигэр сүтүктээх эр киһи кэргэнин балтын ойох гынара диэн үһүйээн баар быһыылааҕа…
— Суох, саҥарыма, оннук эрэ буолуо суоҕа! – итинниги эрэ истиэм диэбэтэх кыыс түргэн үлүгэрдик таһырдьаны былдьаста.
Ньургуйаана утуйбат да, аһаабат да буолаахтаата. «Ити Балбаара тугу-тугу этэн эрэрэ буолла? Ама да мин буолтум иһин, эдьиийим огдооботугар хоойго сытар холоонноох доҕор буолуохтаахпын дуо? Тугун сүрэй? Үөрэммитим, аан дойдуну кэрийиэх баҕа санаам күдэҥҥэ көтүөх бэйэтэ дуу?» — Ньургуйаана утуйаары сытан дириҥ толкуйга түстэ.
Сарсыарда түннүгэр чыычаахтар саҥаларыттан уһугунна. Эдьиийиниин олордубут мастарыгар чыычаахтар түһэн, күнү-күннээн чыбыгыраһаллар. Үнүр кыргыттарыныын чыычаахтарга аһыыр долбуур оҥорон түннүктэрин таһынааҕы мастарыгар ыйаабыттара. Игирэчээннэр күнү быһа хас чыычаах кэлэн аһыырын маныыллар.
— Аламай маҥан күн арыалдьыттара күн кыһалҕата суох көтө-дайа сылдьаллара үчүгэйин. Ол гынан баран, кинилэри сирдиир ийэ чыычаахтара көстүбэтэҕэ хас да хонно. Тоҕо эбитэ буолла? — Ньургуйаана ийэтэ суох хаалбыт кырачааннарын бу ийэтэ суох чыычаахтарга холоон ылла. — Ийэтэ, аҕата суох оҕолору ким баҕарар атаҕастыан сөп. Мин балтыларбын киирии ийэ хайдах ылыныа биллибэт. Суох, кэбис, мин манна букатыннаахтык хаалабын. Эдьийим куһаҕан киһини таптаабатаҕа биллэр. Бүгүн Гошаны булан дьоһуннаахтык кэпсэтиэм. Кини утарбат буоллаҕына, ханна да барбаппын, хаалыам. Оччоҕо кырачааннарбыт ийэлээх уонна аҕалаах буолуохтара, дьоллоох оҕо саас көҥүл чыычаахтара буолуохтара. Бу биһиги иитиэхтиир чыычаахтарбыт курдук…
Ньургуйаана ис иһиттэн чэпчээн, оҕолорун туруортуу хоско сүүрдэ.
Надежда ЕГОРОВА-НАМЫЛЫ