Бу күннэргэ Бүлүү улууһун Кыргыдай нэһилиэгэр түөрт кыбартыыралаах саҥа дьиэ үлэҕэ киирэн, олохтоохтору улаханнык үөртэ.
Үөрүүлээх тэрээһин туһунан Кыргыдай дьаһалтатын исписэлииһэ, «Дайыы» түмсүү салайааччыта Елизавета Наумова бу маннык кэпсээтэ:
— Кыргыдайга эдэр исписэлиистэргэ тутуллубут дьиэ тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтин «Тыа сирин территорияларын кэлим сайдыыта» федеральнай бырагырааманан түөрт кыбартыыралаах дьиэ үөрүүлээх быһыыга-майгыга арыллыыта буолла.
Биһиги нэһилиэкпит — Бүлүү улууһун биир уһук, кытыы сытар нэһилиэгэ. Суола-ииһэ сайыҥҥы өттүгэр мөлтөһүөр. Ол да буоллар, кыах баарынан суолбут туһунан сытыы боппуруоһу улууска, өрөспүүбүлүкэҕэ туруорсабыт. Хаһан эрэ суолбут боппуруоһа «бэттэх кэлэн» быһаарыллыа диэн эрэллээхпит. Онон дьиэ-уот, суол, үчүгэй сибээс баар буоллаҕына, эдэр исписэлиистэр кэлиэхтэрэ, тохтуохтара, олохсуйуохтара. Нэһилиэкпит аҕа баһылыга Василий Александров киирэн-тахсан, туруорсан, бары өттүнэн толору хааччыллыылаах саҥа уопсай дьиэни үлэҕэ киллэрбитэ тыа сирэ сайдыытыгар төһүү күүс буолара саарбаҕа суох.
Бу дьэндэйэн тахсыбыт саҥа дьиэҕэ үөрэ-көтө 4 ыал киирдэ. Кинилэр — нэһилиэк кэскиллээх ыччаттара. Саҥа үлэлээн эрэр эдэр исписэлиистэр. Маны таһынан, быйыл олохтоох амбулаториябытыгар быраас ананан кэлэн үөрүүбүт өссө үксээтэ. Өр кэмҥэ эмчитэ суох олорон, эрэйдэнэ сырыттыбыт.
Эдэр исписэлиистэргэ туттарбыт дьиэбит бэдэрээччитэ Федор Николаевка, кини дуогабардаһан тутуу биригээдэтин салайааччытыгар Павел Романовка, тутааччыларга махтал бастыҥын, этэр тыл маанытын аныыбыт!