Кырдьыгы уот харахха этиэххэ… (премьера)

24.02.2020
Бөлөххө киир:

Олунньу 8-9 күннэригэр Былатыан Ойуунускай аатынан Саха академическай тыйаатырыгар “Тимир Баасса” диэн испэктээк сүрэхтэннэ. Испэктээк чуолаан социальнай ситимнэргэ олус элбэх кэпсэтиини, мөккүөрү таһаарда. Хайҕабыл да, сиилээһин да баар… “Сергей Потапов бу сырыыга эмиэ тугунан соһутта?!” – диэн көрбөккө хаалбыт дьон быһаччы ыйытыыны биэрдэ.

edersaas.ru

Бу испэктээк Саха тыйаатырыгар туруоруллуутун туһунан тыйаатыр дириэктэрэ, СӨ норуодунай артыыһа Анатолий Николаев санаатын үллэһиннэ.

КЭПСЭТИИ ТАХСЫБЫТА — СИТИҺИИ

— Саха тыйаатырын сыанатыгар тоҕо чопчу бу испэктээк туруорулунна диэн көрөөччүлэр ыйыттылар, киэҥник дьүүллэстилэр. Урутаан эттэххэ, кэпсэтии тахсыбыта – бэйэтэ улахан ситиһии!

Билэрбит курдук, Максим Горькай “Васса Железнова” (“Тимир Баасса”) пьесатын өссө 1910 сыллаахха суруйбута. Бу — борохуот хампаанньатын бас билээччи Васса Железнова ыарахан дьылҕатын, улахан дьиэ кэргэнэ ыһыллыытын көрдөрөр алдьархай (трагедия).

Сергей Потапов кэнники кэмҥэ наар Уильям Шекспир айымньыларын туруорарынан (сотору “Макбеты” Татарстан тыйаатырыгар туруоруохтаах), М.Горькайы талыа дии санаабат этибит. Ону кини “Тимир Баасса” туһунан толкуйдаабыта ырааппыт эбит. Мин киниэхэ сэрии тиэмэтигэр уонна саха суруйааччыларын саҥа пьесаларын көрдөрө сылдьыбытым да, ааҕан көрөн баран: “Киһи дууһатын кылын таарыйбаттар. Наһаа судургулар, киһини толкуйдаппаттар, мин бэйэм сүрэҕим сытарыгар үлэлиэхпин баҕарабын”, — диэн, Горькайга санаммытын туһунан тыйаатыр уус-уран сэбиэтигэр иһитиннэрбитэ. Оттон уус-уран сэбиэт үксүгэр режиссерга ак­­каастаабат. Уопсайынан, тыйаатыр сокуонунан, режиссер айымньыны талла да, кини хайдах туруорарыгар, сүрүн оруолга кими таларыгар сэбиэт орооспот.


Дьэ, онон, Сергей Потапов эмиэ киһи үөйбэтэх өттүттэн соһуччу тугу көрдөрөрө буолла диэн күүппүт көрөөччү үгүс. Мин эмиэ бэ­­йэбиттэн көҥөнөн, эрэпэтиисси­йэлэри олох көрбөтөҕүм. Сергей Потапов оруолларга чуолаан кинини кытары элбэхтик үлэлээбит артыыстарын талбыт этэ.

Дьиктитэ диэн, бу туруорууттан элбэх толкуй үөскээтэ. Потапов бу иннинэ көрөөччүгэ таһаарбыт “Гамлетын” кэнниттэн маннык улахан кэпсэтии тахсыбатаҕа ээ. Билигин да бара турар кэпсэтии сүнньэ – ааспыт үйэтээҕи испэктээги билиҥҥи олоххо-дьаһахха дьүөрэлээһин.

ОЛОХ ОГДОЛУЙУУТА – ДЬИЭ КЭРГЭНТЭН

— Режиссер “Тимир Баассанан” биһиги тоҕо маннык олоро­бут, хаһан уһуктабыт диэн күүстээх ыйытыыны туруорда.

Ханнык баҕарар дойду инники сайдыыта ханнык эрэ собуоттан да, баабырыкаттан да буолбакка, бастатан туран, дьиэ кэргэн туругуттан тутулуктаах. Төһөнөн дьиэ кэргэн эйэлээхтик, кыахтаахтык олорор, үлэлиир буоллаҕына, бу дойду киһи хараҕар быраҕыллар гына сайдар. Оттон “Тимир Баасса” трагедияҕа олоҕо огдолуйан, утума быстан эрэр дьиэ кэргэн кэпсэнэр. Режиссер өскөтүн дьиэ кэргэн ыһылыннаҕына, дьиэ кэргэн олорор дойдута эмиэ ыһыллыан сөп диэн толкуйданарга ыҥырар.

Дьиҥэр, кинилэр баай ыаллар. Билиҥҥи өйдөбүлүнэн, Тимир Баасса – бизнесвумен. Билигин судаарыстыба дьоҥҥо барытыгар үлэ кыайан биэрбэт. Ол оннугар чааһынай тэрилтэлэр, урбаанньыттар үлэ миэстэтин таһаараллар. Судаарыстыба кыамматынан, дьиҥинэн үтүө дьыаланы оҥоро сырыттахтара дии.

эниэтик олорбут ыал аҕата, Хара муора флотугар хапытааннаабыт, арыгыһыт буолан хаалбыт Сергей Железнов куһаҕан кэмэлдьитэ биллэн, холуобунай дьыала тэриллибит, хаайыллаары сылдьар. Онуоха кэргэнэ Тимир Баасса: “15 сылы быһа көрөн-истэн кэлбит хаһаайыстыбабын ыһар са­­наам суох, сайыннарыахпын баҕарабын. Эн сууттаннаххына, аптарытыаппыт түһэр, кыргыттарбытын ким да кэргэн ылбат, ыал аатыттан ааһабыт!..” — диэн икки кыыһын, уолун, сиэнин инникилэрин са­­наан, кэргэнин дьааты иһэн, олохтон туорууругар көрдөһөр.

“Киһи суох буолла – кыһалҕа суох буолла”. Биллэн турар, сиэр-майгы өттүнэн көрдөххө, олус ыарахан суол. Ол эрээри, биисинэс бэйэтэ туһунан сокуоннаах быһыылаах. Ханна элбэх харчы, онно хара дьыала баар. Горькай дьоруойун Тимир Баасса диэн мээнэҕэ ааттаабатах быһыылаах. Дьиэ кэргэнин харыстаан, төһөлөөх сору-муҥу көрдө, төһөлөөх ньүдьү-балай быһыыны тулуйда?

ИККИ ҮЙЭ ДЬҮӨРЭЛЭҺИИТЭ

— Тоҕо билиҥҥи кэмҥэ сөп түбэһэр диибитий? Тимир Баасса, төһө да оҕолорун иннин быһыма диэн оҕонньоруттан көрдөстөр, оҕолоро үлэлээбэттэр. Биир ­кыыстара ыарыһах, биир кыыстара иһээччи буолан хаалбыттар. Тапталлаах соҕотох уоллара ыарыһах, кыраныысса таһыгар олорор, кэргэнэ террористка, революционерка. 5 саастаах сиэннэрэ атын дэриэбинэҕэ ыалга иитиллэр. Тимир Баасса, бэйэбит илдьэ сырыттахпытына, биһигиттэн туох да итэҕэһэ суох киһи буолан тахсыа диэн, ыраах күрэтэргэ күһэллэр.

Биһиги оҕолорбутун хайдах гынан куһаҕан дьаллыктартан туора тутабыт? Арҕаа омуктар сабыдыалларыгар оҕустарбакка, аҕыйах ахсааннаах норуот сүтэн-симэлийэн хаалбатын туһугар ыччаттарбытын хайдах бэлэмниибит? Мин санаабар, “Тимир Баассаны” көрбүт киһи ха­­йаан да маннык ыйытыыны бэйэтигэр бэриммит уонна долгуйбут буолуохтаах.
Саха омук — муударай омук. Улуу Ойуунускай биһиги күүспүтүнэн буолбакка, өйбүт күүһүнэн олоруохтаахпыт диэбитин умнуо суохтаахпыт.

ОҔОЛОРБУТ – СУОТАБАЙ СИЭРТИБЭЛЭРЭ?

Сергей Потапов – идэлээх режиссер. Бу испэктээккэ өссө биир ситиһиитэ – ар­­тыыстарын бэйэтэ аттаран туруоруута. Кини бу кэпсэтэ олорор ыйытыыбытын туруоруута – эмиэ ситиһии. Горькай трагедиятын хайдах суруллубутунан ытыска ууран биэрбитэ ­буоллар, көрөөччү төһө ылыныан билбэтим, бука, ыарырҕатыа этэ. Арай, артыыстар хайдах оонньоо­буттарын ырытыа этэ. Оттон “Тимир Баассаҕа” оннук кэпсэтии тахсыбата, ол оннугар айымньы, испэктээк ис хоһоонун, туруоруллуутун кэпсэтэллэр.
Декорация, көстүүмнэр, режиссура, уот-күөс олус табыллыбыт. Дьиҥэр, баара-суоҕа 2 эрэ нэдиэлэ үлэлээтилэр. Сатабылларынан, уопуттарынан кум-хам тутан, улахан айымньыны көрөөччүгэ туруоруу – режиссер сатабыла, талаана.

“Эмиэ да дьоһуннаах тиэмэни көрдөрөллөр эрээри, солуута суох эриллэҥнээһин элбэх, арыгылааһын сиэри таһынан элбэхтик көһүннэ”, — диэтилэр. Мин санаабар, манна режиссер ити көстүүлэри соруйан аҕала-аҕала хатылыыр. Эһиги кинилэр курдук буоллаххытына, туга-ханныга биллибэт дьалхааннаах олоххо олорон биэриэххит, омук быһыытынан симэлийиэххит диэн толкуйдатар.

Испэктээк бүтэһик көстүүтүгэр сиэннэрэ уолчаан кириэһилэҕэ соҕотоҕун олорон хаалла. Дьонугар улаханнык кыһаммата, ол оннугар суотабай төлөпүөнүн тутан баран бэйэтин эйгэтигэр киирэн хаалла… Бу дириҥ көстүүнэн Сергей Потапов алдьархайдаах улахан боппуруоһу туруорда. Билигин биһиги биирдэрин да туола илик оҕолорбут төлөпүөн сиэртибэлэрэ буолан эрэллэр буолбатах дуо? Кырдьыгы уот харахха этиэххэ ээ – итинник көстүү баар.


“Тимир Баасса” быйылгы сезоҥҥа өссө да көрдөрүллүөҕэ. Баһаалыста кэлэн көрүҥ, сыаналааҥ.
Биһиги урут көрөөччүгэ барытын ыстаан биэрэр буоллахпытына, билигин, дьэ, толкуйдааҥ диэтибит.

Надежда ЕГОРОВА, «Саха сирэ», edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0