Өрөспүүбүлүкэтээҕи 3 №-дээх килиниичэскэй балыыһа Аҕа дойду Улуу сэриитин, үлэ уонна тыыл бэтэрээннэригэр, бэтэрээннэр огдооболоругар, үтүөлээх кырдьаҕастарга болҕомтото уонна оҥорор өҥөтө сылтан сыл аайы кэҥиир.
edersaas.ru
Балыыһа кылаабынай бырааһа, мэдиссиинискэй наука доктора Ольга Татаринова иһитиннэрбитинэн, ааспыт сыл биир суолталаах түгэнинэн балыыһа паллиативнай, ревматология уонна травматология көмөлөрүн оҥороругар көҥүлү ылбыта буолла. Поликлиника иһинэн амбулатория-хирургия көмөтүн киинигэр уролог-быраастар, хирурдар сэдэх эпэрээссийэлэри оҥороллор.
Быраастар десаннара эмтэнээччилэр дьиэлэригэр сылдьарын элбэттэ. Кинилэргэ табыгастаах буоларын туһугар Өрөспүүбүлүкэтээҕи 3 №-дээх килиниичэскэй балыыһа быраастарын биригээдэтэ бэтэрээннэргэ уонна кырдьаҕас дьоҥҥо дьиэлэригэр тиийэллэр. Онон, кырдьаҕастар бэйэлэрэ үөрэммит эйгэлэригэр, сылаас дьиэлэригэр сэдэх идэлээх исписэлиистэртэн сүбэ-ама уонна араас процедуралары ылаллар.
“Кыһамньылаах поликлиника” бырайыагы олоххо киллэриигэ көхтөөх үлэ ыытыллар, ол үлэ үтүө түмүктээҕэ номнуо көстөр. Холобур, билигин сүрүн исписэлиистэр ыарыһахтары бастакы этээскэ, бэйэ-бэйэлэриттэн ырааҕа суох кэбиниэттэргэ олорон көрөллөр.
Надежда ЕГОРОВА, “Саха сирэ”, edersaas.ru