Кырдьаҕас сапёр кэпсээнэ

Ааптар: 
11.01.2023
Бөлөххө киир:

Мин сэрии иннинэ отуппуттан тахсан эрэр эдэр киһи этим. Күүс-уох да баара: тоҥ да маһы булгурута тутуох курдугум. Үлэни да кыайыллара, сырыыны да сылдьыллара. Ааллаахха таһаҕаска сылдьарым, колхуоска илии үлэтэ элбэх буоллаҕа. Саха киһитэ тугу сатаабатаҕа баарай?! Миигин да оннук ииттэхтэрэ. Сылгыга оҕобуттан сыстаҕаспын, ол да иһин буолуо, Ааллаахха барыы буолбутугар миигин биир бастакынан суруйбуттара. Ол айан туһунан туспа кэпсээн, хаһан эмит кэпсиэҕим.

Мин арҕааҥҥы сэриигэ хайдах сылдьыбыппын кэпсиэҕим. Ол туһунан сыалай кинигэ да суруллуон сөбө буолуо. Мин быстах-остох түгэннэри ахтан ааһыам.

Дьэ, маннык. Бэбиэскэни 1942 сыллаахха сайын бэс ыйыгар туппутум. Майаҕа байаҥкамаакка диэри сатыы киирбиппит. Бэстээхтэн кыһыл борохуокка олорон Өлүөнэ эбэнэн устубуппут. Ким ытыыр, ким ыллыыр — унньуктаах уһун айан буолбута. Юг диэн ыстаансыйаҕа кэлбиппит кэннэ барыбытын устуруойдатан баран, араас сирдэринэн тарҕаппыттара. Мин барыта торулас тоҥ нууччаларга түбэспитим. Син илии-атах көмөтүнэн, сороҕор маатыранан өйдөһөр этибит. Манна, били, Ааллаахха сылдьыбытым туһалаабыта: бар, кэл диэбит курдук аҕыйах нууччалыы тылы билэр этим. Нуучча ити көрдөххө тоҥкуруун курдук да, бодоруһан бардахха, бэртээхэй атас-доҕор! Миигин Николка, Коля диэн ааттыыллар этэ.

Байыаннай дьыалаҕа үөрэппиттэрэ: автоматынан ытарбыт, окуопа хаһарбыт, марш-бросок диэн баара, кыранаатаны быраҕарбыт. Сыалы син бэркэ ытарым, хамандыырым хайгыыр этэ: «Якут, меткий стрелок!», — диэн. Нууччалар олох сатаан ыппаттар, оннуктары хамандыыр “мазилалар” диэн ааттыыра. Ол курдук, үөрэнэн сапёр буолбутум. Дьэ, манна үлэни сатыырым, сүгэнэн, эрбиинэн, быһаҕынан, күрдьэҕинэн сатабыллаахтык туттарым абыраабыта. “Как Прокопьев надо делать!” —  диэн хамандыыр хайҕабыл тыллара кулгаахпар билигин даҕаны иһиллэр курдуктар.

Биир үтүө күн устуруой буолла, арҕаа бараҕыт диэтилэр. Сэрии тыаһын истэ илик этибит, дьэ, аны ол диэки тиийэр буоллахпыт дии санаатым.

Тимир суол диэннэрин саҥа көрөбүн, буойаска саҥа олорсобун. Миэхэ барыта саҥа, сонун. Ол быыһыгар дойдубун, дьоммун санаан ылабын:» Дьонум эрэйдээхтэр хайдах -туох олороохтууллара буолла?». Нууччалар ытаһаллар да, ыллыыллар да. Эмиэ дьоннорун санаахтыыллара буолуо. Мин ол баран иһэн ойох ылбатаҕым, оҕо төрөппөтөҕүм да ордук эбит диэн санааҕа кэлбитим. Арай бу тиийэн, ол уоттаах сэриигэ өлөн хаалыым, оччоҕо  хайдах буолаллар?!

Арҕаа диэки киирэн истэх аайы  сэрии тыйыс тыына биллэн киирэн барда: урусхалламмыт куораттар, дэриэбинэлэр, алдьаммыт сэрии сэптэрэ… Ыыс — быдаан буруо, өлбүт ынахтар — сылгылар, хара таҥастаах дьахталлар, ытаабыт-соҥообут оҕолор… Көрөргө ыарахан хартыына!

Ханнык эрэ ыстаансыйаҕа тохтоотубут. Мантан антах суол суох, сатыылыыгыт диэн буолла. Хайыахпытый, түстэхпит дии. Сыт-сымар ыарахана манна баар эбит! Били буомбалааһыҥҥа өлбүт сүөһүлэр хараллыбакка сыталлара туох аанньа буолуой! Сытыйыы — ымыйыы бөҕөтө!

Сорох уолаттар муннуларын — айахтарын саба тутталлар, сорохтор хотуолууллар.

Дьэ, мантан саҕаламмыта дьиҥнээх фронт олоҕо!  Таҥас — сап киртийэн — хохтуйан, аһыы сыта, убайдарбыт холоҥсолоро.

Чугастааҕы дэриэбинэҕэ тиийдибит. Дьэ, манна  билбитим, киһи киһиэхэ киһилии сыһыанын, амарах санаатын. Хаһан да харахтаан көрбөтөх дьонугар нуучча дьахталлара барахсаттар, куруппааскы маҥаттар, баанньык отто охсон сууннаран, таҥаспытын ньылбы тардан ылан сууйан, куурдан биэрбиттэрин сөрү диэн сөҕөн, бэри диэн бэркиһээн турабын. Бу өссө саҕаланыыта эрэ этэ. Кэлин кинилэр биһигини төһөлөөх абыраабыттарын ааҕан сиппэккин!

Биһиги, сапёрдар, үлэбит: алдьаммыт- кээһэммит суоллары, муосталары өрөмүөннээһин, сороҕор саҥаны тутуу, миинэлээх хонууну ыраастааһын.

Бу барыта илиинэн толоруллар ыарахан үлэни доруобай, күүстээх-уохтаах, мындыр уус, тобуллаҕас толкуйдаах  киһи кыайар. Мин бу киһи уйана-хатана биллэр сырыытын оннук да буоламмын, тулуйбутум буолуо.  Онуоха эбии дойдум ахтылҕана, дьонум — сэргэм, төһө да тыһыынчанан килэмиэтирдээх сиргэ баар буоллаллар, күүспэр күүс, уохпар уох уктахтара! Хайа уонна хаһан эрэ кэргэн  ылыахтаах кыыһым, төрүөхтээх оҕолорум дьылҕалара тартаҕа!

Ити курдук бүтүн  Европа аҥарын кэриэтэ сири эт атахпынан уҥуордаан, Румынияны, Венгрияны босхолооһуҥҥа кыттыбытым, хаста да маршал Жуковтан махтал сурук ылбытым, сэбиэскэй дойдум иннигэр иэспин чиэстээхтик толорбутум.

Бу Улуу Кыайыыны Сэбиэскэй Сойуус норуоттара биир ньыгыл кэккэҕэ түмсэн, иллээх — эйэлээх буолан ситиспиттэрэ.

Миигин кытта бааллара : нууччалар, хохуоллар, бөлөрүүстэр, татаардар. Бары биир өлүүгэ өлөн, биир иһиттэн аһаан, биир синиэли саптан, биир куһуогу үллэстэн сылдьыбыппыт. Буомбалааһын кэнниттэн салҕыы айаннаан истэхпитинэ, ынах эбэтэр сылгы өлөөрү тэбиэлэнэ сытарыгар түбэстэхпинэ, мин саппыкым оһуттан  сахам быһаҕын ылан, хабарҕатын быһаммын хаанын сүүрдэрим уонна көп этиттэн оҥу быһан ылан мөһөөччүкпэр угарым. Онуоха уолаттарым : “Во, даёт Николка!” — дии — дии күлсээччилэр. Сынньанар сиргэ тиийдэхпитинэ, уот оттон эппин үтэһэҕэ үөлэн буһара охсобун. Минньигэс сыты ылан, уолаттар    бу баар буола түһэллэр уонна :»Николка, мне — мне!» — диэн туймаҥнаталлар. Хайыамый, уоспутунан үллэстэн сиэн кэбиһэбит! Дьэ, ити курдук убай — быраат буолан сылдьыбыппыт. Ол уолаттар үгүстэрэ сэрии хонуутугар хаалбыттара…

Мин сэрииттэн кэлэн баран бэрт   көрсүө, үлэһит кыыһы кэргэн ылбытым, сэттэ оҕону төрөтөн, үлэлээн — хамсаан дьон тэҥинэн олорбуппут. Кыракый оҕобут эһээхий эрдэҕинэ, кэргэним сыыстаран өлбүтэ.

Улахан кыыһым Люба, уолум Кирииһэ көмөлөрүнэн оҕолорбун атахтарыгар туруордум, онон сирдээҕи аналбын толордум!

Сэрии уонна үлэ бэтэрээнэ Прокопьев Николай Моисеевич ахтыытынан (бэтэрээннэр хаартыскаларыгар бүтэһик турар) суруйда Елена Прокопьева

Хаартыска: ааптар ыытта.

+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0