Дьокуускайга Үтүө санаа сыла кэҥиир, салҕанар. Үчүгэйэ диэн, куорат олохтоохторо, боростуой дьон, ким эрэ ыйыытынан-кэрдиитинэн буолбакка, махтал-баһыыба күүппэккэ, ис сүрэхтэриттэн үтүөнү оҥороллоро элбээтэ. | ||
Ангелина Васильева, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru | ||
Фотографтар, визажистар, парикмахердар мустан, Өрөспүүбүлүкэтээҕи кырдьаҕастар, инбэлииттэр интэринээт-дьиэлэригэр “Кэрэ сэбэрэ күнүн” тэрийэн ыыттылар. Биир күн уонча киһилээх хамаанда кэлэн толору үлэлээн, интэринээт олохтоохторугар соһуччу үөрүүнү бэлэхтээтилэр. | ||
Сүүрбэччэ дьахтары баттахтарын кырыйан, бүрүчүөскэ оҥорон, тыҥырахтарын лаахтаан, сирэйдэрин-харахтарын кырааскалаан, киһи билбэт гына тупсарбыттар, киэргэппиттэр. Биллэр фотографтар <strong>Ксения Береговая, Вадим Руфов</strong> хаартыскаҕа түһэрбиттэр. Сорох дьахталлар үйэлэригэр хаһан да маннык киэргэммэтэх, хаартыскаҕа түспэтэх буолан, наһаа үөрбүттэр, долгуйбуттар. Дьахтар хас да саастаннын, ханнык да ыарахаттары тулуйдун, кини бэйэтин ис кэрэтинэн кэрэ. | ||
Маннык акцияны аны кулун тутар 5 күнүгэр Бекетов уулуссатыгар турар кырдьаҕастар, инбэлииттэр интэринээттэригэр ыытарга былаанныыллар. |
+1
+1
+1
+1
+1
+1
+1