Коронавирус сыстыганнаах инфекцията аан дойдуга тарҕаммытынан, чуолаан сааһырбыт дьоҥҥо болҕомто ууруллар. Бу ыарыы иммунитеттара мөлтөөбүт, сааһырбыт дьону ордук буулуур, ыараханнык киирэр эбит. Онон ийэлэрбитигэр-аҕаларбытыгар, эһэлэрбитигэр-эбэлэрбитигэр болҕомтобут, кыһамньыбыт күүһүрүөхтээх. Оттон оҕото-уруута суох, кыаммат, кырдьаҕас дьоҥҥо ким көмөлөһөр?
edersaas.ru
Өрөспүүбүлүкэтээҕи социальнай хааччыйыы кэлим киинин үлэһиттэрэ.
Кулун тутар ортотугар Социальнай үлэ аан дойдутааҕы күнэ бэлиэтэнэр. Уопсастыбаҕа социальнай үлэ улахан суолталаах. Кыаммат араҥаны, кырдьаҕастары, инбэлииттэри социальнай сулууспа үлэһиттэрэ көрөллөр-истэллэр, бүөбэйдииллэр. Ханнык баҕарар судаарыстыбаҕа социальнай сулууспа төһө үчүгэйдик үлэлииринэн гражданскай уопсастыба туругун, сайдыытын тургуталлар.
CӨ Үлэҕэ, социальнай сайдыыга министиэристибэтин иһинэн Өрөспүүбүлүкэтээҕи социальнай хааччыйыы кэлим киинэ тэриллэн, бу хайысханан киэҥ хабааннаах үлэни ыытар. Манна “Эрчим” социальнай реабилитация, “Тирэх” социальнай адаптация киинэ, “Мобильнай көмө” сулууспа, Оҕо, дьиэ кэргэн киинэ уонна дьиэҕэ баран кырдьаҕастары, инбэлииттэри көрөр-истэр салаа киирэллэр. 2017 сыллаахха Булуҥнааҕы уонна Үөһээ Халыматааҕы социальнай-бытовой кииннэр, Бүлүүтээҕи, Хаҥаластааҕы нэһилиэнньэни социальнай хааччыйыы кииннэрэ холбоспуттара.
Киин иһинэн 4,5 тыһыынча үлэһит хайдах да уустук балаһыанньаҕа тохтоон, чаҕыйан турбакка, үлэлии-хамсыы сылдьар. Социальнай эйгэҕэ чахчы үлэлэригэр бэриниилээх, эрэллээх, тулуурдаах, амарах сүрэхтээх, холку майгылаах эрэ дьон тулуйан үлэлиир. Онон, социальнай эйгэ “байыастара” диир оруннаах.
“Үлэбин олус сөбүлүүбүн”
Социальнай үлэһит Марфа Семеновна Пестрякова биир оннук киһи. Кини бу эйгэҕэ үлэлээбитэ 26-с сылыгар барбыт. Урут Уус Алдан улууһун Курбуһахтааҕы кырдьаҕастар, инбэлииттэр интэринээт-дьиэлэригэр үлэлээбит. Онтон куоракка көһөн кэлэн баран, социальнай үлэһитинэн киирбит.
Марфа Семеновна билигин 11 киһини көрөр-истэр. Кырдьаҕастарга эрэ буолбакка, инбэлииттэргэ уонна доруобуйаларыгар хааччахтаах оҕолорго дьиэлэригэр сылдьан, бородуукталарын, эмтэрин атыылаһан аҕалан биэрэр, дьиэни-уоту хомуйар, таҥастарын сууйар. Биэнсийэ пуондатыгар, Элбэх өҥөнү оҥорор кииҥҥэ, социальнай управлениеҕа, о.д.а. наадалаах буоллахтарына, докумуоннарын илдьэн-аҕалан биэрэр. Ыарыйдахтарына, поликлиникаҕа, балыыһаҕа арыаллаан илдьэр. Кырдьаҕастарга бу улахан көмө буоллаҕа. Ол эрээри…
— Дьиэҕэ олорор дьон үксүгэр кэпсэтэр-ипсэтэр киһиэхэ наадыйар. Кэтэһэн аҕай олорор буолаллар. “Хайа, куоракка туох сонун баар?” диэбитинэн көрсөллөр. Ол иһин хайаан да бэсиэдэлэһэбит. Уруккуну-хойуккуну ыйыталастахха, олус үөрэллэр, чааһы-чааһынан да кэпсиэхтэрин сөп, ону биһиги наар ыксыы сылдьар буоллахпыт дии. Төлөпүөнү, батсаабы, интэриниэти туһанарга үөрэтэбит. Арыый эдэр соҕустара түргэнник ылынан, туһаналлар, бэл, саайтка киирэн кинигэ, сурунаал ааҕаллар.
Социальнай үлэһит бэйэтэ психолог курдук. Кырдьар, ыалдьар түгэҥҥэ, соҕотох хааллахха, кыаммат да буоллахха, киһи ыксыыр-ыгылыйар, санаата түһэр, сороҕор хаппырыыстыыр да буоллаҕа. Дьон майгыта да араас. Ону барытын өйдөөн, тулуйан, биир тылы булуохха наада. Мин бэйэм эбээлээх эһээбэр иитиллибит уонна кырдьаҕастары кытта үлэлээбит уопуттаах буолан, сааһырбыт дьону кытта түргэнник биир тылы булабын. Кэнникинэн букатын да аймахтыы, чугас дьон курдук буолан хаалабыт. Үлэбин олус сөбүлүүбүн. Ый аайы биһигини социальнай үлэһит оскуолатыгар үөрэтэллэр, элбэх сүбэни-аманы ылабыт.
Биир киһиэхэ нэдиэлэҕэ иккитэ сылдьабын. Төлөпүөнүнэн эрийэн, куруук билсэ турабын. Эмискэ наада буолан хааллаҕына, ханнык баҕарар күҥҥэ тэрилтэлэринэн сүүрэбин. Соҕотох олорор дьоммор уһун өрөбүллэргэ эмиэ сылдьа турабын, хааллартаан кэбиспэт буоллаҕым. Күнү быһа сүүрэн-көтөн баран, киэһэ кэлэн, көмпүүтэргэ үлэлиибин, отчуоттуубун, докумуоннары толоробун, — диэн Марфа Семеновна кэпсиир.
“Ыксаллаах балаһыанньаҕа да үлэлиибит”
— Оттон оҕолоох-уруулаах дьон эһиги көрүүгүтүгэр киирэллэр дуо?
— Кэнники кэмҥэ оннук дьону көрөр-истэр буоллубут. Күнү быһа дьиэттэн тахсыбакка олороллор. Оҕолоро, сиэннэрэ сарсыардаттан киэһээҥҥэ диэри үлэлииллэр, үөрэнэллэр, докумуоннарын да сырсарга сололоро суох. Онон кырдьаҕастар биһигини кимнээҕэр үөрэ көрсөллөр.
— Карантин киирбитинэн, туох миэрэлэри ылынаҕыт?
— Биһиги уруккуттан мааскалаах, бэрчээккилээх сылдьабыт, харыстанар ньымалары туһанабыт. Кырдьаҕастарбытын эрдэттэн маасканан, хаһаайыстыбаннай мыыланан хааччыйбыппыт. Сорохтор бэйэлэрэ таҥастан мааска тиктэллэр. Сүрүннээн дьиэттэн тахсыбакка олороллор. Билиҥҥи балаһыанньаҕа харыстанар туһунан өйдөтөр, сэрэтэр бэсиэдэлэри ыытабыт. Күн аайы сарсыарда, киэһэ эрийэн, уопсай туруктарын, кыраадыстара, хааннарын баттааһына төһө буолбутун ыйыталаһабын.
Бэйэбит оптуобуһунан сылдьабыт, айан ороскуота төлөнөр. Оптуобуска киһи аҕыйаабыта, сырыылара бытаарбыта биллэр. Онон, сылыйбычча, хайа уонна харыстана да таарыйа, чугас эргин сатыы сылдьабын. Дьонум чугас соҕус олороллоро үчүгэй. Дойду үрдүнэн ыксаллаах балаһыанньа биллэрилиннэҕинэ да, биһиги үлэлиибит, уурайар бырааппыт суох.
Ангелина Васильева, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru
Хаартыска: Өрөспүүбүлүкэтээҕи социальнай хааччыйыы кэлим киинин архыыбыттан.
Эбэн эттэххэ
Дьиэттэн кыайан тахсыбат, бородууктаны, наадалаах табаары атыылаһар кыаҕа суох дьоҥҥо көмө киинэ тэрилиннэ. Киини СӨ ыччат, дьиэ кэргэн дьыалаларыгар министиэристибэтэ тэрийдэ. Манна 600-чэ волонтер баҕа өттүнэн үлэлээн саҕалаата. Бастакы үс күн иһигэр 11 сайаапка киирбит. Сайаапка кэлин лаппа элбиирэ күүтүллэр.
8 800 200 34 11 босхо нүөмэринэн эрийэн, сайаапкаҕытын биэриэххитин сөп.