Биһиэхэ сахаларга итинник ис хоһоонноох бэртээхэй өс хоһооно баар. Онон-манан эргиппэккэ уот харахха этэр буолбатах дуо? Дьэ ол иһин, мин элбэхтик үөрэммит, элбэҕи билбит, онон-манан сылдьыбыт, үлэ бөҕөнү үлэлээбит, олоҕум баай уопутугар олоҕуран, аны идиэйэ (сыал-сорук) быраҕан биэрэргэ тииһэн турдум. Онуоха, хайдах эрэ, бырааптаах курдук сананабын ээ! Мин бу сүбэм ордук тыалар предпринимателлэригэр, бизнеһинэн, атыынан-эргиэнинэн дьарыктанаачыларыгар, ИП-га чугас курдук. Ол гынан баран, кураанах куолу буолбакка, олоҕум уопутуттан маннык холобурдары аҕаллахпына сатаныыһы.
МИИН БУОЛАР ЭТ БОРОҺУОГА
Сэбиэскэй былаас саҕана этэ. Биирдэ Москубаҕа, үлэм хайысхатынан, семинарга бардым. Суруналыыспын. Теле-араадьыйаҕа кылаабынай эрэдээктэрбин, Сойууһунай өрөспүүбүлүкэлэртэн барыларыттан кэриэтэ кылаабынайдар кэлбиттэр этэ. Гостиница нүөмэрдэригэр иккилии-үстүү буолан олоробут. Таджикистан телевидениетиттэн икки уол уҥа өттүнээҕи хоско бааллар. Арай, биирдэ киэһэ, куораттан кэлэн, хоспор киирэн истэхпинэ үчүгэй да үчүгэй, сип-сибиэһэй эт сыта дыргыйан кэлэр. Ханнык эрэ хос эт буһарыммыт быһыылаахтар дии санаатым. Гостиницабыт боростуой соҕус, этээс аайы уопсай куукуналаах. Биллэн турар, нүөмэргэр эмиэ ас буһарынаҕын. Дьукаах уолбар кэпсээбитинэн киирдим: “Ким эрэ сибиэһэй эт буһарыммыт, сыта сүр минньигэс. Иҥсэм көптө”, — диэн. Уолум: “Куукунаҕа күөстэнэр киһи суох этэ, соторутааҕыга диэри”, — диир. Мин туох эрэ кыра наадаҕа көрүдүөргэ таҕыстым. Ол бириэмэҕэ уҥа хостон чаанньык тутуурдаах таджик уола таҕыста. Онуоха, ааннара аһыллыбытыгар, эмиэ буспут эт минньигэс сыта муннубар саба биэрдэ. Мин буоллаҕына, уолу тохтотон ыйытабын: «Эһиги эт буһаранныгыт дуо? Ити туох этэй, үчүгэй баҕайы сыттаах?»—диэн. «Суох, суох, биһиги эт буһарымматахпыт, киирэн көр даҕаны!» — күлэ-күлэ этэр. Дьээбэҕэ, мин хосторугар кииристим. Киэһээҥҥилэрин аһыы олороллор эбит. Остуолга кырыылаах икки ыстакаан ыраас кумааҕы лииһинэн сабыллан тураллар. Били, миигин киллэрбит уол мичээрдээбитинэн биир ыстакааны арыйа баттаата уонна мин муннубар чугаһатта: дьэ доҕоор, эт барахсан дыргыл сыта эмиэ муннубар саба биэрдэ. Бу үчүгэйин! Сип-сибиэһэй буспут эттээх көстүрүүлэни аһа баттаабыт курдук.
—Олор, ылдьыттаа!—диэн буолла. Биир уол, ыскааптан сымнаҕас тирии мөһөөччүктээҕи ылла, быатын сүөрдэ, арыйда уонна миэхэ чугатан баран: «Бу тугуй?»—ыйытар. «Бурдукка дылы дии, арай өҥө сиэрэй»—диибин, соччо-бачча итэҕэйбэтэхтии. «Бурдук буолбатах», — диэн баран, остолобуой ньуосканан кураанах ыстакаан үс гыммыт бииринэн кутта, ол үрдүгэр итии уу кутта уонна ыраас бүлүүһэнэн сабан кэбистэ. Биэс мүнүүтэнэн бэлэм буолуо диэннээх. Биэс мүнүүтэ ааста. Ыстакааны арыйан кыра ньуосканан буккуйдулар, дьэ уонна миэхэ биэрдилэр. Син биир чэй курдук иһэллэр эбит. Амтан да амтан! Сип-сибиэһэй эт хойуу миинэ! Өссө ордукка дылы. Мин буоллаҕына, тотон, астынан хааллым. Бу маны, бэртээхэй миини хайдах, туох этиттэн онороллорун кэпсии түһэллэригэр көрдөстүм. Уолаттарым, нууччалыы мөлтөхтүк саҥарар буоланнар, киһи тутатына өйдүүр сибээстээх кэпсээн тахсыбата. Ол да буоллар, мин өйдөөн хаалбыппынан, сибиэһэй бараан этин тэлэккэлээн, хатаран, мэлийэн оҥороллор үһү, олус үлэлээх уонна бырыынчык диэбиттэрэ. Оттон кинилэр дойдулара биһиэнинээҕэр быдан итии, кураан, күннээх буоллаҕа дии. Ол үрдүнэн, элбэҕи бэлэмнээбэттэр эбит. Ыраах командировкаҕа, холобур, Москубаҕа, эбэтэр ханна эрэ уһуу баралларыгар хайаан да ыһык гыналлар. Аччыктаатахтарына, сылайдахтарына итинник миин оҥостон иһэн абыраналлар эбит. Көрбүттэр уонна амсайбыттар бары олус сөбүлүүллэр дииллэр.
Эти уонна үчүгэй балыгы хатаран сиэһин, туттуу уонна ыһык гыныы, кэһии оҥостуу сахаларга даҕаны уруккуттан баара биллэр. Холобур, хотулар үчүгэй балыгынан ДЬУУХАЛА , мин төрөөбүт сирбэр Бүлүү уонна Эдьигээн оройуоннарын кыраныыссатыгар МЭЭКИНДЭ диэни оҥороллоро. Ол аата, сааскы андыны иһин, уҥуоҕун барытын ылҕаан баран, синньигэс мастарга тиирэн, ураҕас төбөтүгэр баайан салгыҥҥа хатарыы. Салгын охсон биэтэҥнии турара сибилигин да харахпар баар. Ол гынан баран, балары элбэҕи, ыһа-тоҕо туттар гына оҥорбоккун. Хоту таба этин чараас гына тэлэккэлээн хатарыы быстах баара биллэр.
Оттон мин бүгүн эһиэхэ кэпсиирим отой атын хайысхалаах…
ЭМИС, БӨДӨҤ СОБОТТОН
Хатаран баран үлтү мэлийэн бурдук курдук оҥоруохха. Дьэ, доҕоттор, мин этиим аан бастаан, отой кыаллыбат, өссө фантазияҕа маарынныыр курдук иһиллиэн, ылыныллыан сөп. Ол — баа буолбатах. Саҥаны, сонуну ыараханнык ылынар идэлээхпит, уруккулуу, туох да уларыйыыта суох чуумпутук олоруоххун баҕараҕын. Ол гынан баран, олох балысхан сайдыыта тугу көрдөрөрүй? Олус боростуойдук этэр буоллахха—фантазиялаабыппыт олохпутугар киирэн иһэр буолбатах дуо! Элбэхтэн биир эрэ холобуру этэбин: суотабай төлөппүөнэ суох билигин биир да киһи сатаммат. Оттон мин буоллаҕына, бу ыстатыйабар боруоста ИДИЭЙЭ быраҕан биэрэбин. Олоххо киллэрэр олус уустуктардаах буолуон бэркэ диэн билэбин, буолаары буолан, бары өттүнэн ыарахаттары, араас моһоллору да да көрсүөххүн сөп. Ол эрээри, хаһан эрэ син биир мин этэрбэр кэлиэхпит, онно саарбахтаабаппын. Онон, манан эрдэттэн ылсыбыт туох куһаҕаннаах буолуой! Бу дьарыгы саҕалаабыт хорсун предприниматель өрөспүүбүлүкэ устуоруйатыгар бигэтик киирэрэ эмиэ саарбахтаммат. Өссө, аан дойду да үрдүнэн. Бөдөҥ, эмис соботтон оҥоһуллубут миин буолар бороһуок бренд буолуон сөп курдук. Сибилигин да маҕаһыыннарга кнорр, ролтон, доширак о.д.а. бааллар дии.
Эмиэ, өйдөнүмтүө уонна интэриэһи тартын диэн, холобур аҕалабын. Биһиги өрөспүүбүлүкэбитигэр аата-ахсаана биллибэт элбэх күөл баар. Өрдөөҕүтэ этэ, сэбиэскэй былаас саҕана, экология хайысхатынан улахан мунньах буолбуттааҕа, араас регионнартан бэрэстэбиитэллэр кэлэн кыттыбыттара. Онуоха сүрүн дакылаатчыт, бүтэһигэр маннык диэбитин мин хаһан да умнубаппын: «Табаарыстар! Биһиэхэ, сүүһүнэн тыһыынча араас күөллэр бааллар. Кыаллара буоллар, эһиэхэ хас биирдиигитигэр биирдии күөлү бэлэхтиэхпитин сөп этэ. Оччотугар, дойдугутугар бэйэҕит бас билэр күөллээх тиийиэх этигит!» Бу тыллар, мустубут дьону олус долгуппуттара быһыылааҕа уонна күлсүү бөҕө буолбута.
Өссө биир холобур. Мин Бүлүүгэ, өрүс нөҥүө баар Балаҕаччыга бэһис кылааска үөрэнэбин. Оччолорго кулууп таҥара дьиэтин кэҥэс саалатыгар баара. Бадаҕа, кулун тутар этэ. Ити эргин чугас баар холкуостаахтар уопсай мунньахтара буола турара. Бырааһынньык эҥин барыта манна ыытыллааччы. Кулууп суох этэ, оччолорго. Биһигини, интэринээт уолаттарын, манна киллэрбэттэр, ол иһин, таһырдьанан иҥээҥнии сылдьабыт, арахпаппыт. Киинэ эҥин буолуо диэн, харчыта да суох буолларбыт, кэтэһэн эрдэхпит. Сынньалаҥнарын бириэмэтигэр үс-хас уол табахтыы ыстаҥалаһан таҕыстылар, урдүк кирилиэстэн арҕаа тиэргэҥҥэ түстүлэр. Биир уол айдаара түстэ: «Хайаа бу, кыраһаҕа ким эрэ кылыйан кыыраҥнаппыт дии, атаҕын суола үчүгэйдик көстөр, уолаттар, боруобалаан көрүҥ эрэ, баҕар тиийиэххит!» Биһиги буоллаҕына, бу көртөн матыахпыт дуо, уолаттарга чугаһаатыбыт. Биир уол, биир-биэс саҥата суох, кылыйан көрдө да тиийбэтэ уонна табаарыстарыгар кэлэн саҥалаах буолла: «Ээ, сибиэһэй собо миинэ испит киһи ситиэх эбит!» Ити тыллары саныы-саныы мин толкуй бөҕөҕө түспүтүм—оттон мин дойдубар күн аайы сибиэһэй собо миинэ иһээччибин даҕаны күүс, сэниэ киирбитин өйдөөбөппүн диэн. Туох да диэбит иһин, сибиэһэй собо миинэ барахсан эмп буоллаҕа дии. Ол туһунан кэлин син суруйар буоллулар. Хайа уонна бөҕөҕө /киһини аччыктаппата/, сэниэ киллэрэрэ, ууһатар уорганнаргар үчүгэйинэн дьайарын сааһырбыт көлүөнэлэр бары билэллэр о.д.а. Кыратыттан балык, чорботон собо сиэн улааппыт киһи уҥуоҕа уонна тииһэ кытаанах буолара биллибитэ ыраатта, били кальция элбэх буолан. Оттон медиктэр «кытаатыҥ, балыгы элбэхтик сиэҥ» диэн сүбэлииллэр дии.
СУДУРГУТУК САЙЫННАРАБЫТ
Мин өссө биирдэ хатылыыбын: эмис соботтон оҥоһуллубут бурдук курдук бороһуогу күн сарсын, быйыл, эһиил хайаан да баар гыныҥ диэбэппин. Көннөрү, туох эрэ кэскиллээҕи тутатына өйдөөн, хаба тардан ылан толкуйдаан оҥорбутунан, бэлэмнээбитинэн барар хорсун, харса суох дьоҥҥо баҕа санаа, былаан быраҕан биэрэбин. Бу—уһун бириэмэни, туруорсууну, тэрээһини, үөрэтэн көрүүнү, анаалыстааһыны, охотрыбнадзор, санэпиднадзор быраабылаларын тутуһууну, араас технологияны, докумуоннары, хайа уонна үбү-харчыны эрэйэр дьыала буоллаҕа. Бастатан туран, сөптөөх улахан, бөдөҥ, эмис соболоох күөлү булуу. Манна, дьон тоҕуоруйан олорор, куруук балыктыыр, ол балыгы аҕалан атыылыыр, холобур, Ньидьили, Нөөкүйэ, халымалар, уус алданнар чугас баар күөллэрэ о.д.а. киллэриллибэттэр. Быһата, Экология министиэристибэтэ, айылҕа харыстабылын атын да структуралара, туһааннаах тэрилтэлэр хайаан да кыттыһыахтаахтар. Маннык күөл нэһилиэнньэ олорор сириттэн төһө ыраах буолара быһаарыллыахтаах. Аны туран, база тутуута, суола-ииһэ, туох инфраструктура баар буолара, тырааныспара, кимнээх манна үлэлиэхтээхтэрэ—ииччэх-бааччах боппуруос хара баһаам буолуоҕа. Биир саамай уустук боппуруос: бу, бурдук курдук бороһуогу хайдах, ханнык ньыманан, туох технологияны туттан бэлэмниириҥ, хаата, аата-суола, Дьокуускайга диэри тырааныспарынан тиэйэн аҕалыыта, сыаната… Быһата, бу кыһалҕалары уонна боппуруостары бороһуогу бэлэмнииргэ ылсыбыт дьон толкуйдаан, үөрэтэн баран сөпкө соҕус быһаарыахтаахтар. Ол мин үрдүнэн-аннынан уопсай тылларынан этиим диэн, көннөрү, саба быраҕан сылыктааһын эрэ буоллаҕа.
Мин санаабар, бу—сабыта тутуу буолбакка, өр сылларга, кэскиллээх, Саха сирин аатын ааттатар, үлэ миэстэтин таһаарар дьаһаныы буолуохтаах. Фантазиялыыр буоллахха, кэлин маннык дьаһанан үлэлээһиммит сайдан промышленнай төрүккэ олоҕуран оҥоһуллаарай! Манна үлэлиир дьон кыра дэриэбинэлэрэ… Ол гынан баран, хара маҥнайгыттан олохтоох дьону үлэлэтиэҕиҥ. Кинилэр төрөөбүт-үөскээбит айылҕаларын харыстыахтара.
Биир эмэ хаһыакка ким эмэ бу боппуруоска санаатын этээрэй диэн эрэнэ хаалабын.
Георгий ВАСИЛЬЕВ—МАНДАР,
суруналыыс, Россия суруйааччыта, СӨ култуура үтүөлээх үлэһитэ.
Хаартыскалар: интэриниэттэн