Кырдьаҕас тырахтарыыс куорат үбүлүөйүн күнүгэр 70 сааһын туолла

Ааптар: 
11.09.2022
Бөлөххө киир:

Дьокуускай куорат 390 сылыгар анаммыт биир эмиэ интэриэһинэй тэрээһин дьон болҕомтотун тарта.

Балаҕан ыйын 11 күнүгэр төрөөбүт дьон Дьокуускай куорат 390 сыллаах үбүлүөйэ бэлиэтэнэр күнүгэр Орджоникидзе болуоссатыгар көрүстүлэр. Куорат мэриятын пресс-сулууспата иһитиннэрбитинэн, 127 киһи регистрацияламмыт.

Кинилэртэн бүгүн 70 сааһын туолбут Мэҥэ Хаҥалас Томторуттан төрүттээх Николай Ноговицын ураты бэлэҕи тутта.

Үйэ сааһым тухары тырахтарыыстаабытым. 5 оҕолоохпун, элбэх сиэннээхпин”, — диэн кэпсиир Николай Петрович.  Сиэннэрэ “бүгүҥҥүттэн ыла эһээбитин тапталлаах куораппытын кытта бииргэ төрөөбүтүн билэн баран, олох атын харахпытынан көрөбүт”, — диэн санааларын үллэстэллэр.

Николай Петрович кырдьар сааһыгар оҕолорун уонна сиэннэрин кытта олороору куоракка көһөн кэлбит. Онон быйылгы үбүлүөйдээх балаҕан ыйын 11 күнэ Мэҥэ Хаҥалас Томторуттан төрүттээх үлэ бэтэрээнигэр умнуллубат өйдөбүлүнэн буолла.

Елена ПОТОЦКАЯ, “Саха сирэ” хаһыат.

Ааптар хаартыскаҕа түһэриитэ уонна видеоҕа устуута.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0