Кырдьаҕас суруналыыс саҥа кинигэтин ааҕааччыларыгар бэлэх уунна

Ааптар: 
Бөлөххө киир:

Саха суруналыыстыкатын аксакала Дмитрий Кустуров дьонугар-сэргэтигэр “Күнүм киэһэриитэ” өссө биир саҥа кинигэтин утары уунна.

Ааптар “Аан тылыгар” ааҕааччытыгар туһаайан “… сэрии, сут-кураан саҕана дьон-сэргэ, ордук ыччат, олоҕо тугун-ханныгын хайдах баарынан көрдөрөргө кыһанным. Эмиэ ол туһуттан издательствоҕа, “Кыым”, “Саха сирэ” хаһыаттарга үлэлээбит кэммэр бар дьон олоҕор туох эрэ туһалааҕы оҥорорго бэчээт үлэтэ хайа эрэ өттүнэн сабыдыаллааҕын, сорох түгэҥҥэ үөһэттэн дьаһалымсыйыыны тумнан кэбиспэккэ, суруйарбын ордордум” диэн этэр.

Дмитрий Васильевич уһун олоҕун устатыгар эн-мин дэһэн алтыһан ааспыт, хаһыакка бииргэ үлэлээбит дьоннорун, суруйааччылары, тылбаасчыттары сорохторун хомуруйа былаан, сорохторун истиҥ тылынан ахтар. “Кыым”, “Саха сирэ” эрэдээктэрдэрэ Петр Филиппов, Савва Томскай, Кирилл Габышев, Алексей Михайлов, Иван Аргунов, Василий Кириллин, Наталья Харлампьева тустарынан санаатын аһаҕастык суруйар.

Репрессия хааннаах сылларыгар норуот сүмэтэ, үөрэхтээҕэ олоҕо суох буруйдаммытын, кэрэгэй дьылҕаламмытын ыйан туран, кырдьаҕас суруналыыс “барыта бэйэбит кыттыыбытынан, бэйэбит ускайдааһыммытынан…” диэн хомойон бэлиэтиир.

Аҕыс уон ахсыс хаарын санныгар түһэриммит Дмитрий Васильевич «Күнүм киэһэриитэ» кинигэтин  (Дьокуускай: “Бичик”, 2017) ааҕан баран, нуучча биллиилээх литературоведа, оҕо бэйиэтэ Корней Чуковскай (Николай Васильевич Корнейчуков, 1882—1969) “Арассыыйаҕа уһуннук олоруохха наада – интэриэһинэй!” диэн этиитин санаан ылаҕын.

Роман Попов, “Саха сирэ” хаһыат

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0