Кырдьаҕас «Кыым» сабыллыыта

11.11.2016
Бөлөххө киир:

Кырдьаҕас «Кыым» хаһыакка үлэлээн-хамсаан, бэйэлэрин ааттарын-суолларын саха тыллаах хаһыат баай историятыгар хаалларбыт суруналыыс элбэх. Хомойуох иһин, «этэ» дииргэ тиийиллэр: кинилэртэн бүгүн ахсааннаах киһи биһиги ортобутугар баар. Биир үксүн онон туһанан, уруккуну умуннаран, токурутан, «утумнааччыларбыт» диэн арбанааччылар үөдүйэн таҕыстылар. Урукку, дьиҥнээх (билигин үрүҥү хараттан араарар инниттэн итинник хос быһаарар кыһалҕа тирээтэ) «Кыым» хаһыакка үлэлии сылдьыбыт киһи быһыытынан, бэйэм көрбүт-истибит чахчыларбар итиэннэ оччотооҕу хаһыат эрэдээксийэтин бирикээстэригэр, мунньахтаабыт боротокуолларыгар олоҕуран, маннык бэлиэтээһиннэри оҥорорго быһаарынным.

Хаһыат эйгэтигэр мин 1990 сыл сайыныттан сыстан барбытым. 1990 сыл алтынньы 1 күнүгэр «Кыым» хаһыат эрэдээктэрин А.К.Михайлов 341-с №-дээх бирикээһинэн «Дьокуускай» балаһаҕа 180 солк. акылааттаах корректор дуоһунаһыгар үлэҕэ ылыллыбытым.

Ол кэмҥэ эрэдээктэр Алексей Михайлов уоппускатыгар сылдьара. Хаһыаты Николай Герасимов дьаһайан олороро. Биир күн күнүскү чэй эрэ иннинэ Николай Афанасьевич эрэдээксийэҕэ ким баарынан кабинетыгар ыҥыртаан киллэрбитэ уонна «Янаевтаах ыҥырыылара кэллэ. Таһаарабыт дуу, суох дуу?» – диэн боппуруоһу чопчу туруорбута. Кыараҕас хоско сүүрбэччэ буолан мустубуппут. Горбачев ыытар бэлиитикэтин уонна Ельцин былааска тахсан эрэрин сөбүлээбэт, дойдуга бэрээдэги олохтуур дьон кэлбиттэриттэн (үс эрэ хонуохтарын ким тымтыктанан көрбүтэ баарай) үөрбүт хомуньуус кырдьаҕастар куоластара баһыйан, ыҥырыы сарсыныгар хаһыакка тахсыбыта. Ол нөҥүө күнүгэр өрө турааччыларбыт хаайыллыбыт, сорохторо ытыммыт сурахтара иһиллибитэ. Путчистары «өйөөбүттэригэр» буруйдаммыт эрэдээктэрдэр А.Михайлов уонна Н.Герасимов үлэлэриттэн уһуллубуттара. Уруулга эрэдээктэр иккис солбуйааччыта Дмитрий Николаев хаалбыта.

Эрэдээктэр Д.Н.Николаев 1991 сыл балаҕан ыйын 10 күнүгэр маннык ис хоһоонноох бирикээһи таһаарбыта: «Саха ССР Үрдүкү Сэбиэтин Президиумун 1991 сыл атырдьах ыйын 25 күнүнээҕи Ыйааҕар уонна Миниистирдэрин Сэбиэтин 1991 сыл атырдьах ыйын 27 күнүнээҕи Уурааҕар олоҕуран, урукку «Кыым» уопсастыбаннай-политическай хаһыат эрэдээксийэтин эстибитинэн ааҕарга итиэннэ эрэдээксийэ үлэһиттэрин РСФСР Үлэ туһунан сокуонун 33-с ыст. I чааһынан үлэлэриттэн ууратарга» диэн. Ол кэмҥэ үлэлии сылдьыбыт дьон үлэбит киниискэтигэр «Уволен по ст. 33 ч. I КЗоТ РСФСР в связи с ликвидацией редакции общественно-политической газеты «Кыым» диэн ырылхайдык суруллан сылдьар.

Ити кэнниттэн «өрөспүүбүлүкэтээҕи норуот хаһыата» диэн тэриллэн, хайдах быһыыга-майгыга үлэлии сылдьыбытай? Хаһыат эрэдээксийэтин 1992 сыл балаҕан ыйын 3 күнүнээҕи бирикээһин аан тылыгар «сыана уон төгүл үрдээн, хаһыат тахсар ороскуота улааппыта, холобур, өрөспүүбүлүкэҕэ хаһыаты, сурунаалы таһаарыы ороскуота 1992 с. 350 мөл. солк. тэҥнэспит буоллаҕына, 1993 с. 1 млрд 50 мөл. солк. тиийээри турара» ахтыллар, онон сиэттэрэн Бэчээт уонна маассабай информация министиэристибэтэ «Кыым» хаһыат тираһын хааччахтыырга, хамнас ыйдааҕы фондатын 15% сарбыйарга быһаарбыт. Эрэдээксийэ иһинэн ороскуоту кыччатарга, штаттары сааһылыырга уонна сарбыйарга анал хамыыһыйа тэриллэн үлэлээбит.

Оччолорго сыана үрдээһинин, инфляцияны суруналыыс хамнаһа кыайан сиппэтин ааһан, хойутуур этэ. Маннык уустук кэмҥэ «Аргыс» реклама бюрота хамнаска эбии төлөбүр биэрэн, инчэҕэй тирбэҕэ быстыбатынан олорбуттарын бэтэрээннэр ахтан-санаан ааһааччылар.


СӨ Президенин 1993 сыл алтынньы 13 күнүнээҕи Ыйааҕынан «Кыым» хаһыат тахсара тохтотуллан, эрэдээксийэ кэллэктиибэ уопсай мунньаҕынан бэйэтэ тэрийбит «Аргыс» реклама бюротун үлэтин алтынньы 14 күнүттэн тохтоторго быһаарбыта уонна «үбүн-харчытын дуогабар эбэһээтэлистибэтинэн төлөммүтүн кэнниттэн ордор харчыны 1993 сыл алтынньы 13 күнүгэр диэри үлэлии олорбут дьоҥҥо тэҥ кээмэйинэн түҥэтэригэр ликвидационнай хамыыһыйаҕа сорудахтыырга, «Аргыс» РБ докумуоннарын, хаалар сириэстибэлэрин акт быһыытынан «Саха сирэ» хаһыат эрэдээктэрэ В.В.Кириллиҥҥэ туттарарыгар эбээһинэстииргэ» диэн уураахтаабыта.  Онон 1991 с. «Кыым» политическай буруйдааһыҥҥа түбэһэн, судаарыстыба хаһыата буолар статуһун сүтэрэн баран, «норуот хаһыатын» быһыытынан лоп курдук икки сыл, 1993 с. диэри, үлэлээбитэ. Үлэһиттэр үгүстэрэ «Саха сирэ» хаһыакка көһөн салгыы айан-тутан барбыттара.


Мин Чурапчыга «Саҥа олох» хаһыакка түөрт сыл үлэлээн бараммын, «Кыым» хаһыат дьиҥ-чахчы утумнааччыта буолбут «Саха сирэ» хаһыакка 1995 сылтан ыла үлэлии сылдьабын. Маҥнай кэлэрбэр «Кыымҥа» бииргэ үлэлээбит дьонум элбэх этилэр. Онон син биир урукку кэллэктииппэр эргиллибит тэҥэ санаммытым. Хаһыаппыт эрэдээксийэтэ урукку «Кыым» хаһыат кырдьаҕастарын үөрүүлээх үбүлүөйдэригэр чиэстиир итиэннэ олох булгуруйбат сокуонунан бу орто дойду олоҕуттан аттанар күннэригэр атаарар. Олох кыларыйбат кырдьыга оннук. Мин сүрэхпэр сөҥмүт онтон атын кыым суох.

28

Василий НИКИФОРОВ

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0