Кырдьаҕас дьону угаайыга киллэрэллэр

18.10.2017
Бөлөххө киир:

Кырдьаҕастары массыанньыктааһынтан көмүскээһин, сэрэхтээх буоларга кинилэр билиилэрин-көрүүлэрин үрдэтии уонна сибээс ресурсаларынан хааччыйыы боппуруостарын «Улуус олоҕо» анал бырайыак чэрчитинэн «Уопсай кыһалҕа» былаһааккаҕа дьүүллэстилэр.

edersaas.ru

Соторутааҕыта биир билэр киһим өрөспүүбүлүкэҕэ киэҥник биллэр кырдьаҕас массыанньыктарга 100 тыһыынча харчытын албыннаппытын истэн хомойон, кэлэйэн кэпсээбитэ.

«… Ытыы-ытыы миэхэ эрийдэ. Доруобуйа харыстабылын министиэристибэтиттэн сылдьабыт. Балыыһаттан саҥа тахсыбыккын. Онон доруобуйаҕын чөлүгэр түһэрэргэр маннык аппараат наада. Бу счекка харчы түһэрдэххинэ, сарсын аҕалан биэрэбит, диэбит­тэрин, итэҕэйээхтээбит», – диэн кэпсээтэ.

Ким доруобуйата көнүөн, чэгиэн-чэбдик сылдьыан баҕарбатый? Кырдьаҕас муҥнаах бу дьоҥҥо итэҕэйэн, харчытын киниискэтит­тэн устан ыыта охсубут. Эрэннэрбит дьоно сүтэн хаалбыттарын уонна чугас дьонугар кэпсээн эрэ баран, массыанньыктар угаайыларыгар киирэн биэрбитин өйдөөбүт. Кыбыстан, суруналыыстар, полициялар да көмөлөрүнэн ол дьон ир суолларын ирдэтиэн баҕарбатах. Хааллаҕа ол…

Итинник төһөлөөх элбэх кырдьаҕас албын-көлдьүн тылга киирэн, кураанаҕы кууһан хаалара буолуой? Онуоха үксүгэр сибээс аныгы тэриллэрин туһаныыны билбэттэрэ-көрбөттөрө, итэҕэйимтиэ майгылара, санаа түһүүтүгэр баттатан, силиэстийэлэниэхтээх дьыаланы хойутатан кэбиһэллэрэ баар суол. Ол да иһин, кырдьаҕастары, нэһилиэнньэ көмүскэлэ суох араҥатын түөкүттэртэн хайдах харыстыыр туһунан кэпсэтии кэмиттэн-кэмигэр тахсар.

Алена Алексеева, Арассыыйа ИДьМ управлениетын бэрэстэбиитэлэ:

– Үксүгэр кырдьаҕас, аҕам саастаах дьон массыанньыктар илиилэригэр киирэн биэрэллэр. Массыанньыктар сатабыллаахтык туттар ньымаларынан кырдьаҕастарга араас мөкү ис хоһоонноох смс-иһитиннэриилэри ыыталлара буолар. Холобур: «… Аймаҕыҥ алдьархайга түбэстэ. Онон, суһаллык бу нүөмэргэ бачча суумата ыыта оҕус», – диэн ис хоһоонноох илдьиттэри ыыталлар. Эбэтэр: «Аҕыйах бырыһыаннаах кирэдьиити ыларга, эбэтэр эмтиир препараты сакаастыырга докумуоннаргын оҥорон биэрэбит», – дииллэр. Кырдьаҕаһы итэҕэтэ, сөбүлэһиннэрэ охсон баран, төлөпүөҥҥэ ыйбыт нүөмэрдэригэр эбэтэр баан каартатыгар ботуччу суумалаах харчыны ыытарыгар этэллэр. ГАИ үлэһитэбин диэн ааттаан, «суол саахала тахсыбытын, онно эһиги чугас киһигит буруйдааҕын» туһунан эмиэ иһитиннэриэхтэрин сөп. Ону тэҥэ, социальнай ситимнэр страницаларын «алдьатан» киирэн, доҕотторгут эбэтэр билэр дьоҥҥут ааттарыттан харчынан көмө оҥороргут туһунан сурук ыыталлар.

Василий Тимофеев, «Россельхозбаан» Саха сиринээҕи филиалын дириэктэрэ:

– Биһиги килийиэннэрбит счекка баар үптэригэр куттал суоһаабатын хааччыйабыт.

Массыанньыктар ардыгар баан үлэһиттэрэбит диэн кубулунан, кирэдьиити ыларга, историяҕытын тупсарарга, Ийэ хапытаалын харчынан биэрэргэ сүбэ-ама биэрэбит диэн албынныыллар. Итинник «үлэһиттэргэ» итэҕэйимэҥ. Түөкүннээһин 99 бырыһыаныгар албыннатааччы бэйэтэ массыанньык аатыгар харчы ыыппыт буолар. Дьиҥэр, баан үлэһиттэрэ эһиэхэ араас биричиинэнэн, кэккэ этиилэри киллэрэн эрийэллэрэ биллэр. Ол гынан баран, биир да баан үлэһитэ хаһан даҕаны эһиги пин-кодкутун ыйыппат.

Михаил Жирков, Элбэх функциялаах киин (МФЦ) быраап экспертизатыгар уонна босхо юридическай көмөнү оҥорууга отделын начаалынньыга:

– Биһиэхэ «Биэнсийэлээхтэри өйөөһүн» биир кэлим бырагыраама баар. Бу өҥөҕө страховой биэнсийэни ааҕыыттан саҕалаан үгүс элбэх өҥө киирэр. 202-с микро-оройуоҥҥа баар үөрэтэр кииммитигэр кырдьаҕастары көмпүүтэргэ үлэлииргэ, интэриниэти туһаныыга, электроннай ньыманан араас өҥөнөн туһанарга үөрэ­тэбит.

Анастасия Аккуратова, СӨ Үлэҕэ уонна социальнай сайдыыга министиэристибэтин социальнай хааччыйыыны, эпиэкэни уонна попечительствоны тэрийиигэ департаменын салайааччыта:

– Дьокуускайга 700-тэн тахса кырдьаҕас социальнай үлэһиттэр өҥөлөрүнэн туһанар. Биһиги үөһээ этиллибит түгэннэртэн хайдах харыстанар туһунан сүбэлэри-амалары биэрэбит, брошюралары таһаарабыт. Өрөспүүбүлүкэ 11 оройуонугар «Үһүс көлүөнэ оскуолата» үлэлиир. Манна уопсастыбаннай тэрилтэлэр элбэх быһаарар үлэни ыыталлар. Кырдьаҕастар, кыамматтар дьиэлэригэр кэлэр үлэһиттэрбит бары дастабырыанньалаахтар. Кинлэр – үксүгэр сыһыарыллыбыт, куруук кэлэр үлэһиттэр. Онон, социальнай үлэһиттэрбит диэн албынныыр түбэлтэлэр тахсыбаттарын кэриэтэ.

Сүбэлэр

Үбү-харчыны кытары сибээстээх дьыалаҕа сэргэх, болҕомтолоох буолуҥ!

— Баан каартатын бэйэҕитин кытары илдьэ сылдьыҥ. Каартаҕыт паролун уонна пин-кодын атын дьоҥҥо этимэҥ;

– Каартаҕытын сү­тэрдэххитинэ, суһаллык баан колл-киинигэр эрийиҥ уонна эпэрээссийэ барбатын курдук тохтотторуҥ (блоктатыҥ).

— Каартаҕытын уонна пин-кодкут суруллубут кумааҕытын бииргэ илдьэ сылдьымаҥ.

— «Эн каартаҥ ­блоктаммыт», «Эһиги бириис сүүйдүгүт» диэн смс-иһитиннэрии кэллэҕинэ, бастатан туран, бэйэҕит бааҥҥытыттан туоһулаһыҥ. Иһитиннэриигэ ыйыллыбыт нүөмэргэ олох эрийимэҥ. Эрийдигит даҕаны, каартаҥ реквизиттэрин арахпакка ыйытыахтара.

Надежда ЕГОРОВА, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0