Кырдьаҕас дьону көрөр учаастактар арылыннылар

12.10.2017
Бөлөххө киир:

Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Дархана Егор Борисов бу сыл ыам ыйыгар улуус балыыһаларыгар гериатрияҕа аналлаах учаастактары арыйар туһунан «Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр кырдьаҕас дьоҥҥо медицинскэй көмөнү оҥоруу дьаһалларын туһунан» Ыйааҕа тахсыбыта.

edersaas.ru

Бу Ыйаахха олоҕуран уонна СӨ Доруобуйа харыстабылын министиэристибэтин былааннарынан,  Дьокуускай к. 2 №-дээх балыыһатыгар учаастагы арыйарга тэрээһин үлэлэр ыытыллыбыттара. Ону сэргэ, атырдьах ыйын 1 күнүттэн Марха балыыһатыгар терапевт-быраас Мария Егорова гериатрияҕа эбии үөрэнэн үлэтин саҕалаабыта.

Оттон бу күннэргэ 70 саастарын ааспыт кырдьаҕастары көрөр итинник учаастактар 202-с микрооройуоҥҥа Медицина Дьокуускай куораттааҕы киинигэр уонна өрөспүүбүлүкэтээҕи 3 №-дээх балыыһа поликлиникатыгар  үлэлэрин саҕалаатылар. Учаастактарга 500-тии киһи сыһыарыллар. Исписэлиистэр кырдьаҕастары көрөргө эбии анаан үөрэннилэр, кинилэргэ медицинскэй сиэстэрэлэр көмөлөһөллөр.

Урут кырдьаҕастары Гериатрия киинигэр эрэ көрөр буоллахтарына, билигин сытар уонна дьиэ иһигэр нэһиилэ сылдьар кырдьаҕастарга мобильнай биригээдэлэр дьиэлэригэр тиийэллэр. Инникитин сылга иккитэ дьиэлэригэр тиийэн скрининг-тест оҥоруохтара.

Мантан салгыы итинник учаастактар Нерюнгри уонна Мэҥэ Хаҥалас оройуоннарын киин балыыһаларыгар аһыллыахтара.

Надежда ЕГОРОВА, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0