Кырдьаҕаһы көрө ылар ыал ахсаана элбиир

04.11.2016
Бөлөххө киир:

Кырдьаҕастар, инбэлииттэр интэринээт-дьиэлэригэр уочараты кыччатар туһуттан уонна көрүүтэ-истиитэ суох соҕотох хаалбыт, кыаммат дьон олоҕун чэпчэтэр сыалтан, кинилэри көрө-харайа ылар дьиэ кэргэттэри судаарыстыба үбүлүүр. Манна бүддьүөттэн 10 мөл. солк. көрүллүбүтэ. Кырдьаҕаһы көрө-харайа ылар ыалга ый аайы 17,7 тыһ. солк. хамнас төлөнөр. Ону тэҥэ, кырдьаҕас биэнсийэтин 75%-нын биэрэр. Биир ыал иккиттэн ордук киһини ылыа суохтаах. Туспа хос аныахтаахтар, эбэтэр кырдьаҕас дьиэтигэр күҥҥэ хаста да тиийэн, көрүөхтээхтэр-истиэхтээхтэр. Маны социальнай отдел хонтуруоллуур.

Өрөспүүбүлүкэҕэ 94 дьиэ кэргэн 96 кырдьаҕаһы көрөн-харайан олорор. Эһиилгиттэн өссө 50 дьиэ кэргэн эбиллиэхтээх. Ордук тыа сиригэр, биир дэриэбинэҕэ олорор дьон бу бырагырааманы сэргээбиттэр. Баҕалаах элбэх эбит, ол иһин уочарат үөскээбит. Ол гынан баран, баҕар, харчы ылар баҕаттан, эбэлэрин-эһэлэрин “иитэ” ылыахтарын баҕарар дьон кытта көстүбүттэр. Сокуон быһыытынан, маннык көҥүллэммэт, кинилэр онто да суох иитэр эбээһинэстээхтэр.

Кырдьаҕас киһи сааһын тухары олорбут сириттэн арахсара, билбэт дьонугар, интэринээккэ иитиллэрэ саныырга да ыарахан. Онон төрөөбүт түөлбэтиттэн арахпакка, билэр дьонун кытта дьукаахтаһара быдан ордук буоллаҕа. Оттон ыаллар эбэлэнэ-эһэлэнэ түһэллэр, көлүөнэлэр утумнарын салгыыллар.priemnaya-semya

Кырдьаҕаһы көрүү — эппиэтинэс

Киин куоракка кырдьаҕаһы көрө-харайа ылбыт 6 дьиэ кэргэн баар. Биһиги Марха сэлиэнньэтигэр олорор Пахомовтары булан кэпсэттибит.

Валерия Винокурова, ыал ийэтэ:

» Кини кырдьаҕас эдьиийин кытары олорбута. Биир дэриэбинэҕэ ыаллыы олорбуппут, өссө ырааҕынан аймахпыт. Онтон эдьиийэ ыараханнык ыалдьан сыппытын кэннэ, ылыахпыт диэн эрдэттэн үлэспиппит. Ол саҕана маннык бырагыраама баарын билбэт этибит. Хата кини билэн, дойдутугар уочараттаабыт этэ. Дьиэбитин кэҥэттэн, иккис этээс туттан баран, былырыын көһөрөн киллэрбиппит.

Эдьиийэ өлбүтүн кэннэ соҕотох хаалбыта, мас-муус киллэриитигэр, оһох отторугар ыарырҕатар этэ. Наһаа соҕотохсуйбут этэ.

Биһиги икки оҕолоохпут. Эбэбит уруккута учуутал буолан, улахан оҕобут уруогун аахтарыгар көмөлөһөр, үөрэтэр. Сылаас чэй өрөн, ас астаан тоһуйар. Онон дьиэбитигэр киһи баара үчүгэй бөҕө, абыранныбыт аҕай.

Кулгааҕынан мөлтөх соҕустук истэр, аппарааттаах сылдьар. Хараҕар эппэрээссийэлэниэхтээх. Онон быйыл медкииҥҥэ көрдөрдүбүт. Билигин Үһүс көлүөнэ оскуолатыгар эмтэнэ сылдьар.

Кырдьаҕас киһини көрүү-харайыы эппиэтинэстээҕин өйдүү-өйдүү ылбыппыт. Холобур, ыалдьар да түгэнигэр үчүгэй көрүү-истии, эмтэтии баар буолуохтаах. Кини улууска уочараттаабытын да иһин, куорат социальнай тэрилтэтэ утары баран, барыта табыллыбытыгар махталбытын биллэрэбит».

“Куоракка кэлэн, сэргэхсийдим”

Анна Дмитрьевна үйэтин тухары учууталлаан, оҕолорго билиини биэрэргэ олоҕун анаабыт киһи. Ол иһин да буолуо, баҕар, үөрэппит оҕолорум ааҕыахтара диэн, аатын уларытарбытыгар көрдөстө.

«Мин 71-бэр сылдьабын. Эдьиийим олохтон барбытын кэннэ, соҕотох хаалбытым куһаҕан баҕайы этэ. Тыа сиригэр гаас да суох, бэлэм уу-хаар да хантан кэлиэй. Онон эргиччи ыарахан курдук буолбута.

Куоракка кэлбитим үчүгэй бөҕө. Манна чааһынай дьиэҕэ олорор буолан, чуумпу, дэриэбинэҕэ курдук. Дьиэлэрэ киэҥ, толору хааччыллыылаах, сылааска, бэлэмҥэ олорор үчүгэйэ сүрдээх. Мин туспа хостоохпун, тэлэбииһэрдээхпин, хаһан баҕарар көрөр да, утуйар да  кыахтаахпын.

Киһи сэргэхсийэр эбит. Оҕолор чуҥкуппаттар. Син биир сонуну истэ-билэ олороҕун. Аны бу Үһүс көлүөнэ оскуолатыгар сылдьан эмтэнэн, дьону кытта билсэн-көрсөн, олус сэргэхсийдим. Оннооҕор саҥа дьүөгэлэрдэнним. Быраастар барахсаттар кырдьаҕас дьоҥҥо сыһыаннара үчүгэйиттэн, болҕомтолоох, кыһамньылаах сыһыаннарыттан сөхтүм, үөрдүм. Барытын үчүгэй баҕайытык быһааран биэрэллэр. Сүнньүм ыалдьар этэ, ону аппараатынан эмтээтилэр. Массааска сылдьабын. Биһиэхэ, тыаҕа эмп-томп да суох ээ. Манна эмтиир гимнастика, психолог уоскулаҥ хоһо, араас куруһуоктар бааллар. Дьырылаан массаастыыр кириэһилэни тыа киһитэ аан бастаан көрөбүн… Онон доруобуйам тубуста, сүнньүм ыарыыта намырайда диэххэ сөп.

Сайын дойдубар тахсан сайылаан, сынньанан, айылҕаттан күүс-уох ылан, дьоммун көрсөн киирбитим. Куоракка киирбиппин букатын кэмсиммэппин.

Үлэҕэ олохторун бүтүннүү анаабыт кырдьаҕас дьону умнубаттарыгар, маннык көрө-харайа ылар бырагырааманы олоххо киллэрбиттэригэр, Үһүс көлүөнэ оскуолатын тэрийэн дьону сэргэхсиппиттэригэр бырабыыталыстыбаҕа, тустаах министиэристибэҕэ, эмтээбит быраастарбар истиҥ махталбын тиэрдэбин. Өссө да айымньылаахтык үлэлииргитигэр, кырдьаҕас дьоҥҥо болҕомтоҕутун уура тураргытыгар баҕарабын».

Саргылана Петрова, Дьокуускай к. социальнай көмүскэл управлениетын кылаабынай исписэлииһэ:

  • Куоракка, Мархаҕа, Хатаска, Маҕаҥҥа барыта 6 ыаллаахпыт. Үксүгэр уруккуттан билсэр дьон. Сорохтор уруккуттан көрөн олорбуттар, сокуон тахсыбытыгар сайабылыанньалаах кэлбиттэрэ. Биир дьиэ кэргэн өр кэмҥэ ыаллаһан олорбут эмээхсинин ылбыта. Биһиэхэ квота быйыл саҥа көрүллүбүтэ. Эбии сайаапкалар киирэннэр, эһиил өссө 10 квотаны көрдөөн олоробут. Кырдьаҕаһы харайа ылыыны анал хамыыһыйа быһаарар. Дьиэ кэргэн толору бырааптаах чилиэнэ, эбэтэ, эһэтэ буолуохтаахтар. Ыарыйдаҕына, эмтэтэн, көрөн-истэн бүөбэйдиэхтээхтэр. Хайдах олороллорун баран көрөбүт, билсэ турабыт. 17 тыһыынча хамнастаахтар, ону бэйэлэрэ көрөллөрүнэн тутталлар. Биир сылга дуогабар түһэрсэбит, онтон уһатан иһэбит. Ирдэбил быһыытынан, дьахтар 55, эр киһи 60 сааһыттан көҥүллэнэр. Ол эрээри, аҥардас хаалбыт, бэйэтин көрүнэр кыаҕа суох киһи, ырааҕынан аймахтара буолуон сөп. Куоракка интэринээт-дьиэлэр баар буолан, маннык дьиэ кэргэттэр элбэҕэ суохтар. Араас дьон баар. Сорохтор бэлэмҥэ, элбэх дьоннуун алтыһыыга үөрэнэн хаалан, интэринээттэриттэн барыахтарын баҕарбаттар. Оттон чуумпуну, дьиэ кэргэн сылаас эйгэтин сөбүлээччилэргэ бу саамай табыгастаах бырагыраама.
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0