Олоххо араас буолар: эмсэҕэлээччи киниэхэ туһулаан буруйу оҥорбут киһини көмүскүү, эппиэттэн куоттара сатыыра баар буолааччы. Биир оннук дьыала Ньурба суутугар көрүллүбүт.
Суут быһаарбытынан, Ньурба улууһун 44 саастаах олохтооҕо ойоҕосторо тостуор диэри кырбаммытын полицияҕа «уулуссаҕа билбэт дьонум кырбаатылар» диэн сайабылыанньа суруйбут. Куорат пааматынньыгын таһыгар диэн өссө чуолкайдаан биэрбит.
Онто баара, бэйэтин «гражданскай» ойоҕун уола кырбаабыта биллибит. Эдэр киһини холуобунай эппиэтинэстэн куоттараары, итинник сымыйа тыллабыр оҥорбут.
Онон, сымыйалаабыта биллэн, буруйдаах уол сууттанан накаастаммыт.
Оттон бу киһини суут РФ Холуобунай кодексатын 306-с ыст. 1 чааһынан, ол эбэтэр, буруйу оҥоруу туһунан билэ-билэ сымыйа тыллабыры оҥорууга, буруйдааҕынан билинэн, 304 чаас булгуччулаах үлэҕэ уурбут.
Бириигэбэр сокуоннай күүһүгэр киирэ илик, өрүттэр ааһыныахтарын сөп.
Бу туһунан СӨ Борокуратуурата иһитиннэрдэ.
Биһиги корр., «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru
Хаартыска: интэриниэттэн