Кырбааһын аны холуобунай буруй буолбатах?

Ааптар: 
Бөлөххө киир:

РФ Холуобунай кодексатын икки ыстатыйатыгар – “Кырбааһыҥҥа” (116-с) уонна “Алимены төлөөбөт буолууга” (157-с) – уларыйыылар киирдилэр. 

Бэрэсидьиэн Владимир Путин ону бигэргэтэр федеральнай сокуоҥҥа от ыйын 4 күнүгэр илии баттаата. Ол эбэтэр, холуобунай сокуону “декриминализациялааһын” салҕанар. Бу туһунан официальнай интернет-порталга бэчээттэммит.

Ол докумуоҥҥа сурулларынан, өскөтүн киһи кыра уонна орто ыар буруйу аан бастакытын оҥорбут, хоромньутун төлөөбүт буоллаҕына, холуобунай эппиэтинэстэн босхолонон, ыстараап эрэ төлүөн сөп. Оттон ол ыстараабын ыйыллыбыт болдьох иһинэн төлөөбөтөҕүнэ, холуобунай эппиэккэ тардыллар.

Бу сокуон ирдэбилинэн, кырбааһын иһин холуобунай эппиэтинэс көрүллэр өскөтүн: бэйэ чугас дьонугар туһуланан, күлүгээнниир санааттан, политическай, расовай, омугунан уонна итэҕэлинэн абааһы көрөн, өһүрэн биитэр ханнык эмит социальнай бөлөххө өстөһөн оҥоһуллубут буоллаҕына.

Аны алимены төлөөбөт буолуу туһунан. Киһи холуобунай эппиэккэ тардыллар, өскөтүн бу буруйу хаста да оҥорбут буоллаҕына. Ол эбэтэр, сэрэтиллибит киһи алимены тута төлөөтөҕүнэ, холуобунай эппиэттэн мүлчү туттарар.

Бу уларыйыыларга даҕатан, атын киһи баайын-малын уоруу суумата эмиэ үрдээбит —  1 тыһыынча солкуобайтан 5 тыһыынчаҕа диэри буоллаҕына, уоруйах холуобунай эппиэккэ тардыллар. Маны тэҥэ, 159-с ыстатыйаҕа (“Түөкүннээһин”) 5-с, 6-с уонна 7-с чаастар эбиллэн биэрбиттэр – эппиэтинэһэ ордук кытааппыт.

Биир бэйэм чопчу “Кырбааһын” ыстатыйа чааһыгар бэрт ээ дии санаабатым. Олох ыараан, буруйу оҥоруу кыралаан үрдээн эрэр, киһини бырдах курдук өлөрүү күн аайы кэриэтэ тахса турар кэмигэр итинник сымнатыы үчүгэйгэ тиэрдибэтэ буолуо.

Вера МАКАРОВА

“Саха сирэ” 2016 сыл от ыйын 7 күнэ.

 

 

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0