Бэҕэһээ Хаҥалас кыраныыссатыгар үгэс быһыытынан тохтоон баран, сүөм түстүм. Быраҕыллыбыт бааҥкалар, салапаан пакеттар… Толору бөх симиллибит буочука… Сүүһүнэн алаадьы ыһылла сытар… Кыыл-сүөл сиэбэт эбит.
Хаар ууллан, улуустар икки ардыларынааҕы кыраныыссалар тохтобулларыгар соччото суох хартыына баара буолуо. Былырыы хаһыакка хаартыскалаан таһаараары гынан баран туттуммуппут. Кыраныысса тохтобула — улуус сирэйэ. Мин санаабар, анал сулууспа кыраныыссаллары көрүөхтээх, дьаһайыахтаах, хомуйуохтаах. Сылга биирдэ буолбатах. Нэдиэлэ аайы.
Сахалар айылҕабытын ытыктыыбыт. Сирбитин-уоппутун аһатабыт. Айаҥҥа аартык иччилэрин айах тутар үтүө үгэстээхпит. Тыһыынчанан киһи айанныыр. Үксүбүт алаадьы уурар. Алаадьыбыт күнтэн-күн эбиллэр. Хомуйбатахпытына оргул саҕа буолар чинчилэнэр. Араас дойдулартан турист ахсаана элбиир. Итинниги көрбүт ыалдьыттарбыт үтүө үгэспитин атыннык өйдүүһү. Дьаһанарга уолдьаста. Үтүө үгэспитин күөрт ыт күлүүтүгэр ыытымыаҕыҥ! Бэйэ бодобутун тардыныаҕыҥ.
Улуус, нэһилиэк баһылыктарыгар туһаайан, кыраныыссалары, тохтобулллары хомуйтаралларыгар ыҥырабын. Аар айылҕабытыгар сыһыаммытын саатар Экология сылыгар биллэриэҕиҥ!