Кэлиҥҥи сылларга дьон үксэ араас омук дойдутугар сынньана барарынан сибээстээн, кыраныысса таһыгар тахсар пааспар биир сүрүн докумуонунан буолла.
edersaas.ru
Суолталаах докумуону оҥорторорго икки өҥө оҥоһуллар — урукку ирдэбилинэн (5 сыл болдьох) уонна саҥа көрүҥүнэн пааспары толоруу (10 сыл болдьох). Бу туһунан СӨ Ис дьыала министиэристибэтин Миграция боппуруостарыгар управлениетын кыраныысса таһыгар тахсар пааспары толорууга отделение салайааччыта, полиция майора Георгий УАРОВ маннык быһаарар.
Пааспар саҥа көрүҥэ
Саҥа ирдэбили тутуһан оҥоһуллар докумуон уратыта — сирэйэ (страница) элбэх; киһи биометрическай чахчылара: тарбах суола (папиллярные узоры пальцев рук) уонна харах өҥнөөх бүрүөтэ (радужная оболочка глаз) суруллаллар. Кыраныысса таһыгар тахсар пааспарга биометрическай параметрдары учуоттааһын ирдэбилэ 2010 сыл кулун тутар ыйтан олохтоммута.
Б.дь. атырдьах ыйын 30 күнүттэн Украинаҕа биометрическай пааспардаах эрэ дьону киллэрэр буоллулар. Урукку 5 сыллаах пааспарынан бу дойду кыраныыссатын туораабаккын. Ол иһин кыраныысса таһыгар тахсар пааспар саҥа көрүҥүн толорторооччу дьон ахсаана биллэ улаатта. Биометрическай чахчылаах пааспары маны таһынан Саудовскай Аравияҕа ирдииллэр.
Чэпчэтиинэн туһаныҥ
Пааспар оҥорторорго Өҥөнү оҥоруу судаарыстыбаннай былаһааккатын туһанар ордук табыгастаах. Регистрацияламмыт киһи миграция управлениетын анал отделыгар тустаах күҥҥэ, бириэмэҕэ кэлэн пааспарын оҥорторуон сөп. Кыраныысса таһыгар тахсар пааспар икки көрүҥүн оҥорор отделение исписэлиистэрэ 4 анал автоматизированнай үлэлиир миэстэлээхтэр. Мин матырыйаал оҥорор кэммэр электроннай өҥөнөн туһаныан баҕалаах хас да киһи боппуруоһун тута быһаарыста.
Дьокуускай куорат Федор Попов уулуссатын 8 №-гэр кэллэххинэ, эйиэхэ кыраныысса таһыгар тахсар пааспары оҥорорго судаарыстыбаннай өҥө былаһааккатын нөҥүө көмөлөһөргө бэлэмнэр. Бэйэҕин кытта РФ гражданина буоларгын туоһулуур пааспаргын уонна СНИЛС-кын илдьэ кэлэҕин.
2016 сыллаахха судаарыстыбаннай өҥө былаһааккатынан — 1628 киһи, оттон быйылгы сыл тоҕус ыйын устата – 7298 киһи туһаммыт.
2016 сыл тохсунньу 1 күнүттэн “РФ Налоговай кодексын 333.35 ыстатыйатын иккис чааһыгар уларытыыны киллэрии туһунан” 402 №-дээх Федеральнай сокуон (2016 сыл сэтинньи 30 күнэ) олоххо киирбитэ. Бу сокуоҥҥа олоҕуран, электроннай өҥөнөн туһанар дьоҥҥо анаан пааспар ылыыга 30%-наах чэпчэтии оҥоһуллубута. Ол эбэтэр, пааспар саҥа көрүҥэр (10 сыл болдьох) улахан киһиэхэ 3500 солк. оннугар 2450 солк., оҕоҕо 1500 солк. оннугар 1050 солк. төлөнөр.
Пааспар эргэ көрүҥэр (5 сыл болдьох) улахан киһиэхэ 2000 солк. оннугар 1400 солк., оҕоҕо 1000 солк. оннугар 700 солк. төлөнөр.
Елена ПОТОЦКАЯ, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru
Ааптар хаартыскаҕа түһэриитэ.