Быйыл бу дьаҥтан сылтаан Арассыыйа таһыгар уоппускаҕа барарга сорумматтара ордук, оттон Арассыыйа куруортарыгар күһүн сынньанар кыах үөскүөн сөп.
Бу туһунан Федерация Сэбиэтин социальнай бэлиитикэҕэ кэмитиэтин бэрэссэдээтэлин бастакы солбуйааччы Валерий Рязанскай санаатын атастаста.
Парламентарий сыл бүтүөр диэри атын дойдулар омук туристарыгар кыраныыссаларын аһалларын саарбаҕалыыр.
— Быйыл Арассыыйа олохтоохторо атын дойдуга күүлэйдии бараары билиэт атыыласпаттарыгар, гостиницаҕа миэстэ уурдарбаттарыгар сүбэлиибин, —— диэтэ сенатор. Маны кытта араас чэпчэтиилэринэн мончууктуулларыгар үлүһүйбэттэригэр эттэ.
Ол оннугар эһиил тас дойдуга сынньанар барыстаах буолуон сөп, үгүс тас дойду отеллара аһыллан баран үчүгэй тарыыптарынан үлэлиэхтэрэ.
Арассыыйаҕа Хара муора куруортара сайын аһыллаллара саарбах, ол оннугар балаҕан ыйыгар-алтынньыга Арассыыйа олохтоохторо сынньанар кыахтаахтар диэтэ кини.
Маны сэргэ Арассыыйа олохтоохторо уоппускаҕа Арассыыйа үс эрэгийиэнигэр массыынанан барыахтарын сөп.
Татьяна Замахина, “Российская газета” хаһыаттан
Бэлэмнээтэ Женни СТРЮКОВА, “Саха сирэ” хаһыат
Хаартыска — интэриниэттэн.