Колымана уонна Ломоносов үрүҥ эһэлэр оҕолонон, өрөспүүбүлүкэ олохтоохторун үөрдүбүттэрэ. Санатар буоллахха, былырыын Колымана сэтинньи 30 күнүгэр арҕаҕар киирбитэ уонна тахсыбатаҕа. Билигин оҕолонон да баран быга илик.
Александр ТАРАСОВ, «Саха сирэ» хаһыат, https://edersaas.ru
«Орто дойду» зоопарка дириэктэрэ Лука Сафонов: «Кырачаан иккис ыйыгар барда. Саамай сүрүнэ, хараҕын аста уонна атаҕар турда, хаамар. Атыырын-тыһытын үс ыйын туоллаҕына биирдэ быһаарарбыт буолуо», – диэн кэпсээтэ.
Зоопарка исписэлиистэрэ видеокамера көмөтүнэн арҕах иһигэр туох буоларын барытын кэтээн, көрө-истэ олороллор. Олунньу 21 күнэ – үрүҥ эһэ күнэ. Бу иннинэ кырачаан эһэ арҕаҕыттан таҕыстаҕына, ити күн кырачаан эһэни суруналыыстарга билиһиннэрии буолара күүтүллэр.
Видео: «Саха» НКИК.