Уус Алдантан биһиги уопсастыбаннай кэрэспэдьиэммит, үрдүк категориялаах иитээччи Клавдия Васильева оҕо уйулҕатыгар сүбэлиир матырыйааллара «Саха ыала» сыһыарыыга тиһигин быспакка бэчээттэнэн кэллилэр. Надежда ЕГОРОВА, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru
Клавдия Ивановна матырыйаалларын сэргээбит ааҕааччылар эрэдээксийэҕэ эбии боппуруостары ыыталлара эмиэ баар буолар.
– Клавдия Ивановна, биһиги ааҕааччыларбыт оҕо саадыгар барарга кырачааны хайдах бэлэмниир туһунан сүбэлэри истиэхтэрин баҕараллар.
– Кыра оҕо төрөөһүнэ хас биирдии ийэҕэ-аҕаҕа күндү да буоллаҕа. Маҥнай саҥа таһааран саҥарара, хааман даллаҥнаан бардаҕына хайа төрөппүт долгуйбат, үөрбэт буолуой?..
Аны бу оҕобут улаатан оҕо тэрилтэтигэр барар кэмэ тиийэн кэлэр. Бу түбэлтэ эмиэ үгүс төрөппүтү долгутар, үөрдэр.
Ол эрээри, бу түбэлтэҕэ үгүс эдэр ийэ, аҕа билбэтэ-көрбөтө, мунаарара үгүстүк көстөр.
Маныаха анал психологтар, уопуттаах иитээччилэр көмөлөрө эргиччи ирдэнэр. Онон оҕо тэрилтэҕэ маҥнай барарыгар тустаах санаалардаахпын.
Кыра оҕону үөрэх тэрилтэтэ аһыллаатын кытта тэрилтэҕэ аҕалар ордук. Дьарыктаныылар балаҕан ыйыттан ыам ыйыгар диэри бараллар. Онон сылаас кэмҥэ оҕо кэлэн, сыыйа үөрэнэн атын оҕолордуун дьарыкка кыттар буолан барар.
– Төрөппүт өттүттэн туох көмө баар буолуохтааҕый?
– Маҥнайгы нэдиэлэтигэр төрөппүт оҕо ньиэрбэтин харыстыырга үлэлэһэр. Ол курдук: телевизоры аҕыйахтык көрдөрөр; тыастаах-уустаах аралдьытыылар аҕыйатыллаллар; оҕоҕо элбэхтик кинигэ ааҕыллар, чуумпу оонньуу ирдэниллэр; төрөппүт оҕотун чаастатык кууһан- сыллаан да ылара наада. Оччоҕуна оҕо ньиэрбэтэ уоскуйар, сынньанар; оҕо туһунан иитээччилиин сиһилии кэпсэтиллэр; оҕо бэрээдэгин, тугу сөбүлүүрүн ханнык оонньууру ордорорун иитээччигэ биллэрэр ордук; дьиэҕэ хайдах көрүллэрин сиһилии кэпсэниллэр.
Бу инникитин оҕоҕо тус сыһыан олохтоноругар туһалааҕын быраактыка арылхайдык көрдөрөр.
– Оҕо аан бастаан аҕыйах чаас эрэ сылдьыахтааҕа сөп дуо?
– Бастаан оҕо тэрилтэҕэ 1,5-2 сааһыттан барара ордук. Иитээччи санаатыгар оҕону таһырдьа дьаарбайыы кэмигэр аҕалан баран эбиэккэ диэри сырытыннарар көдьүүстээх буолар.
Итинник 2 нэдиэлэ сырытыннаран баран, эмиэ 2 нэдиэлэ эбиэккэ диэри хаалларар көдьүүстээх. Салгыы 2 нэдиэлэ күнүскү утуйуу кэннэ тута ылар ордук. Төрөппүт маны эмиэ билиэхтээх:
— Оҕону бөлөххө киллэрэргэ наһаа уһуннук кэпсэтэр, ааттаһар сөбө суох.
— Оҕоҕо «утуйан турдаххына ылыам» диэт, тута ылыннарыылаахтык барыллар.– Ийэтиттэн хаалымаары гынар буоллаҕына, баҕар аҕа, эбээ илдьиэн сөп.
– «Эн аны улааттыҥ, детсад киһитэ буоллуҥ, онтон биһиги бары үөрэбит» диэн тыллары туттартан оҕо үөрэр, санаата көтөҕүллэр.
– Оҕо төһө өр кэмҥэ үөрэнэрэ туохтан тутулуктааҕый?
— Кини майгытыттан-сигилититтэн, доруобуйатыттан тутулуктааҕын анал үөрэхтээхтэр сөпкө бэлиэтииллэр. Бу кэм сороххо 1-2 ый уһуон, сороххо оннооҕор сыл аҥаара буолуон сөп. Хас биирдии төрөппүт, иитээччи оҕо тэрилтэҕэ сылдьара бу кини олоҕун биир сүрүн кэрдииһэ буоларын үчүгэйдик өйдүүр, онуоха өйөбүл буоларга кыһаллар. Онтон оҕо эмиэ үөрэр, долгуйар.Онон, оҕо уһуйааҥҥа хайдах сылдьара, сайдара киниэхэ улахан суолталаах. Онуоха суолта биэрэн төрөппүт, иитээччи биир санаанан үлэлииллэрэ оҕо инникитигэр үтүө сабыдыаллааҕын бары өйдүүбүт, чугастык ылынабыт.
ЫСПЫРААПКА:
Клавдия Васильева – РСФСР үөрэҕириитин туйгуна, РФ уопсай үөрэхтээһинин бочуоттаах үлэһитэ, СӨ Учууталлар учууталлара, үрдүк категориялаах иитээччи, Уус Алдан улууһун Мындааба с. «Кэнчээри» уһуйаанын методист-иитээччитэ.
2005 с. «Азия оҕолоро» аан дойдутааҕы оҕо фондатын лауреата, СӨ үөрэҕин тэрилтэлэрин попечителларын сэбиэтин ассоциациятын, СӨ Президенин Граннарын хаһаайката.
1993-2015 сс. оскуолаҕа киириэн иннинээҕи саастаах оҕолорго уонна иитээччилэргэ 8 методическай пособиены, хрестоматияны суруйбута.
Надежда ЕГОРОВА, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru