Кыра ыстаастаахтарга «больничнай» үрдээтэ

Бөлөххө киир:

Муус устар ыйтан больничнайы” ааҕарга саҥа быраабылалар киирдилэр. Ол чэрчитинэн, кыра хамнастаах, эбэтэр кыра ыстаастаах үлэһиккэ “больничнай” суумата улаатар. Бу туһунан Владимир Путин кулун тутар 25 күнүнээҕи «быһа эпииргэ» эппитэ. 


Билиҥҥэ диэри үлэлээбит быраабыла быһыытынан, 8 сыл ыстаастаах эрэ буоллахха, “больничнай” толору ааҕыллара, кыра ыстаастаах дьон ыарыйдахтарына ылар суумалара кыра этэ.

Муус устар ыйтан Арассыыйаҕа “больничнайы” ааҕыы базатын алын суумата 12130 солкуобайга тэҥнэстэ (тиийинэн олоруу алын кээмэйигэр тэҥнээтилэр). Саха сиригэр үлэ төлөбүрүн алын кээмэйэ 33 964 солкуобайга уонна 33 964 солкуобайга (хотугу эргимтэҕэ) тэҥнэһэр. Бүддьүөттэн үбүлэммэт тэрилтэлэр уонна федеральнай бүддьүөттэн үбүлэнэр тэрилтэлэр үлэһиттэригэр 1,4 уонна 1,7, өссө 2,0 коэффициент ааҕыллар. Онон кинилэргэ үлэ төлөбүрүн алын кээмэйэ (МРОТ) тиийинэн олоруу алын кээмэйиттэн намыһах буолуо суохтаах – 18 443 солкуобайга тэҥнэһэр.

Хамнаһы “кэмбиэргэ” ылар, ол эбэтэр үлэни биэрээччиҥ нолуогу, усунуоһу төлөөбөт буоллаҕына, “больничнай” төлөммөт.

«Больничнайы” ааҕыы орто хамнас уонна үлэ ыстааһын кээмэйиттэн тутулуктаах.

— 8 сылтан элбэх ыстаастаах үлэһиттэр орто хамнастарын 100%-нын ылаллар. Муҥутуур суума — 69 961 солкуобай.

— 5-8 сыл ыстаастаах дьон орто хамнастарын 80%-нын ылаллар.

— 5 сылга тиийбэт ыстаастаах дьон орто хамнастарын 60%-нын ылаллар.

Урут Арассыыйаҕа 2,3 мөлүйүөн киһиэхэ “больничнайдара” үлэ төлөбүрүн алын кээмэйиттэн кыра сууманан ааҕыллан төлөнөр этэ. Билигин алын баазата үлэ төлөбүрүн алын кээмэйигэр тэҥнэһэн, саҥалыы ааҕыы муус устар ыйтан төлөнөр буолла.

Ангелина Васильева, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru

Хаартыска: bash.news

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0