Үөрэхтэрин саҥа бүтэрэн куоракка үлэ булан, киин сиргэ олохсуйуон баҕалаах дьоҥҥо олорор сир — саамай тыын боппуруос. Эдэр исписэлиискэ син биир тута үрдүк хамнаһы төлөөбөттөр. Дьиэ куортамнаатахха, куортам эрэ туһугар өрө мөхсөр курдук буолаҕын. Үлэһит киһи буолан баран төрөппүттэргиттэн харчы көрдүөххэ диэтэххэ, эмиэ табыгаһа суох.
edersaas.ru
Ол иһин биһиги урут кыргыттары кытта кыттыһан, хас да буолан 2 хостоох дьиэни куортамнаан уопсай курдук олорорбут. Хамнас кэллэ да, куортамҥа, уоппутугар, аспытыгар барытыгар кыттыһарбыт. 3-4 кыыс буолан куортам харчытын кыттыһан төлөөтөххө. киһи син уйунар харчыта. Ол эрэн, ким эрэ ыал буоллаҕына, мэһэйдэтэллэрэ элбиир, онон тута туһунан бараллар.
Ити курдук, олохторун саҥа саҕалыыр дьоҥҥо өйөбүл быһыытынан, федеральнай социальнай бырагыраама оҥоһуллан, быйыл Дьокуускай куоракка 37 кыбартыыраны чэпчэтиллибит сыананан биэриэхтэрэ. Богдан Чижик аатынан уулусса 31 №-дээх 124 кыбартыыралаах дьиэтиттэн 37 –тэ социальнай куортамынан үлэлиэҕэ.
Саха сирин Тутууга министиэристибэтэ кыһалҕалаах ыаллары талан ылан, 15 кыбартыыраны чэпчэтиллибит сыананан куортамҥа биэриэҕэ. 22 кыбартыыраны коммерческай сыананан куортамныахтара эрээри, сыана ырыынак киэнинээҕэр чэпчэки буолуо, — диэн Өрөспүүбүлүкэтээҕи ипотечнай ааҕыныстыбаҕа иһитиннэрэллэр.
«Куортамнааччылар саҥа өрөмүөннээх: муостата ламинааттаах, суунар сиргэ кафель, керамогранит, сырдык обуойдаах, натяжной үрдүлэээх дьиэҕэ киириэхтэрэ. Хас кыбартыыра аайы – саҥа бытовой тиэхиньикэ, миэбэл хомуллан турар”, — диэн этэллэр.
Бэс ыйын 27 күнүгэр дьиэҕэ наадыйааччылары кытта Бырабыыталыстыба бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Игорь Никифоров, Саха сирин Тутууга министиэристибэтин, Өрөспүүбүлүкэтээҕи ипотечнай ааҕыныстыба АУо бэрэстэбиитэллэрэ куортамҥа барар дьиэлэри көрүөхтэрэ.
Бу иннинэ Каландаришвили уулуссаҕа турар дьиэ 28 кыбартыыратын куортамҥа биэрбиттэрэ. Онтон 9-гар — социальнай куортамынан, коммерческайынан – 19.
Марианна Тыртыкова, «Саха сирэ», edersaas.ru