Күннэр-түүннэр уһуннарын!

Ааптар:  Дьөгүөрчээн
03.10.2024
Бөлөххө киир:
https://pxhere.com/

Олох олорор – хонууну туоруур буолбатах диир улуу нуучча норуота. Мэлдьэспэппин, оннук. Арай сүүрбэлээх сүрэхтээх эрдэхпинэ ол туһунан санаабат этим. Барыта чэпчэкитик кэлэр дии саныырым.

Аармыйаҕа сулууспалаан дойдубар эргиллээт, Настя диэн учуутал кыыһы таптаан, кэргэн ылбытым. Сыбаайбалаан ньиргиппиппит. Үөрэхтээх кыыска тэҥнэһээри, кыанар бөҕө киһи буоламмын Хабаровскайдааҕы  физкультура институтугар үөрэнэ киирбитим. Биир сыл үөрэнэн баран, кэргэммин, оҕобун ахтаммын (ол сыл уолламмыппыт), иккис куурустан быраҕан төннөн кэлбитим. Настябынаан утуу-субуу уоллаах кыыс оҕоломмуппут.

Күрэхтэһии бөҕөнү кэрийэрим, ол сылдьан ааһар мичээр абылаҥар түргэнник ылларарым. Биир биэлсэр кыыска иирэммин, Настябын таҥнарбытым. Бииргэ эрэиириэм дуо, ойохтоох эрээри биир да кэрэ бэйэлээҕи быһа аһарбат эбиппин. Ким ханна тахсан киирбитэ барыта иһиллэ турар ытыс саҕа кыра нэһилиэккэ тугу истиэҥий. Настям биир күн турбута да, оҕолору илдьэ дьонугар көһөн хаалбыта. Онно дьэ ыксаан, тиийэн бырастыы гынарыгар көрдөһөөччү буоллум. Таптыыр сүрэх тугу бырастыы гымматаҕа баарай… Балачча өр сордоммутум кэннэ эйэлэһэн, аны куоракка көстүбүт. Настям саҥа тэриллибит кэпэрэтиипкэ үлэҕэ киирдэ. Мин туох көстөрүнэн үлэлии сырыттым. Оҕолор уһуйааннара эҥин суох буолан, мин дьоммор хааллылар. Сотору буолаат Настям үлэтэ көмө-тирэх буолан, 17-с кыбартаалга икки хостоох мас дьиэ атыыластыбыт.

Кырыымчык кэмҥэ хайдах эрэ сөпкө туттан дьиэлэнэн хааллыбыт. Баардаах баара батарбакка эмиэ били кыдьыгым тахсан, күүлэйдиирим, дьахтардыырым ханна барыай? Кэргэним бу сырыыга уһуннук тулуйбата, биир сарсыарда өлөртөрөн нэһиилэ сырыттахпына мас-таас курдук ааны көрдөрөн кэбиспитэ. Дьахтартан үүрүллүбүт эр киһи, кыһыыбыттан хайдах да буолуохпун билбэккэ биир-биэс тыла суох тахсан барбытым. Ол сыл оҕолорбор көмөлөһөргө суут иннигэр тылбын биэрэн, арахсыбыппыт. Арахсыбыт өрүөл тутуу үлэтигэр үлэлии киирбитим. Араас доҕордонон-атастанан аны аһыы утаҕы амсайан, күүлэйи өрө тутан күннээҕинэн олорор күн-дьыл ааһарын билбэккэ да хаалбытым.

Биир күлбүт-салбыт Туонньа диэн эдэр дьахтары кытта билсэн, уоттаахтык-күөстээхтик таптаһан, быстах иэйии абылаҥар куустарбытым. Дьиэтэ-уота суох киһи бэлэм дьиэҕэ тиийэн “лах” гына олоро түспүтүм. Бастаан утаа бэркэ олорбуппут. Оҕоломмуппут, кыыспытын ийэм аатынан Ася диэн ааттаабыппыт. Туонньа оҕо көрөн олорон, ньиэрбинэйдиирэ, ыһыытыыра-хаһыытыыра бэргээбитэ. Уоллаах кыыспар көмөлөһөрбүн, оҕолорбун көрсөрбүн сөбүлээбэтэ. Кыратык да хойутуурбун мүнүүтэтигэр тиийэ ааҕарын, дьиэтин өрүү “мин дьиэм” диирин тулуйбакка, ааны хайа быраҕан тахсан барбытым.

Биир сайын үлэтэ суох сырыттахпына быраатым «дьиэ туттабын, кэлэн көмөлөс» диэн ыҥырда. Тугу гынарым турдаҕай? Бардым. Дьиэ тутуһан , оттоһон быраатым аахха сайылаатым. Онно тиийэн хочуолунайга үлэ көстөн, хачыгаардыы хааллым. Дэриэбинэ олоҕо күөстүү оргуйар. Киэһэ аайы кулуупка ыччат мустар. Кэнсиэр туруорабыт, күрэхтэһиилэр буолаллар. Миигин эмиэ ыччат ахсааныгар киллэрэннэр, Вера диэн лидер кыыс онно-манна дэлби кытыннарар. Сэҥээрбит харахтарынан унаарыччы көрүтэлиир. Кини миигин сөбүлүүрүн курдаттыы сэрэйээт, түгэни мүччү туппатаҕым. Ол кыһыны быһа ыччат уопсайыттан арахпакка Вералыын эрийсии бөҕө буоллубут. Биир сааскы сарсыарда долгуйа мичээрдии “оҕо күүтэбин” диэбитигэр уотунан оҕустарбыт курдук дьүһүлэммитим. “Түһэртэр, мин харчы биэриэм, биһиги бииргэ буолар кыахпыт суох” диэн эдэр кыыһы хайдахтаах курдук аймаабыппын, олоҕун алдьаппыппын билигин эрэ өйдүүбүн. Вера хараҕа уу-хаар баһан устунан оҕолуу маккыраччы ытаабыта. Мин түргэн үлүгэрдик хомунан, эппиэтинэстэн куотан куораты былдьаспытым. Тоҕо эрэ Вераны бэйэтин буруйдаабытым. Били эдэр сылдьан “саханы элбэтэбин” дии-дии уолаттары кытары тылга тииһэн биэрэрбит. Көр-күлүү курдук этэ эрээри…

Дьокуускай барахсан түүҥҥү уоттара угуйара. Кулууптары кэрийэр эмиэ чэпчэки олоҕу батыспытынан барбытым. “Аһаары” гыннахха атас-доҕор элбии түһэрэ. Аны харчыны хамаҕатык биэрэр “аптамааттар” үөдүйбүттэрэ. Булбут харчым сыыһын онно барыыр идэлэммитим. Чэпчэки харчыны батыспытым. Ол казинолар, хаартылар, аптамааттар биирдэ иккитэ улаханнык “тосхойон” баран, тыаһа суох хамнаспын, харчыбын барытын супту эмпиттэрэ.
Түптээн үлэлээбэт, оҕолорбор харчы биэрбэт буолбутум. Өйүм-санаам аптамааттан харчы ылбыт киһи диэн, барытын сүүйтэрэн баран, дууһам ыарыытын мүлүрүтээри арыгылыы барарым.
Уолум Коля улаатан истэҕин ахсын миигиттэн тэйбитэ. Арай кыыһым Таня  кэпсэтэрэ. Көрсө сатыыра, аҕаҕа наадыйара.

Туонньа харчы төлөөбөккүн диэн үөҕэ-үҥсэ сатаан баран, аны кыыскыттан аккаастан диэн эккирэппитэ. Маҥнай сөбүлэспэккэ гынан баран, арахсыбакка сордуурун, эккирэтэ сылдьан араастаан үөҕэрин тулуйбакка кыыспыттан «аккаастанабын» диэн сурук суруйбутум.

Кэнники истибитим, кэргэн тахсыбыт этэ. Биирдэ түүннэри маҕаһыыҥҥа баран иһэн эдэр уолаттар табах көрдөөбүттэригэр, кыахпын билиммэккэ тыл бырахсыбытым. Үс турбут уол ас гыныахтара дуо, тохсунньу тоһуттар тымныытыгар өйбүн сүтэриэхпэр диэри кырбаабыттара. Төһө өр сыппыппын билбэппин, ожоговай отделениеҕа уһуктубутум. Атахтарбын, илиилэрбин үлүтэммин тарбахтарбын быспыттара, инбэлиит буолбутум. Киһини салгытар күннэр-дьыллар дьэ тиийэн кэлбиттэрэ. Отут аҕыс эрэ сааспар киһи көрөр киһитэ буолбутум.

Барар суолум баҕана үүтэ буолан ийэм эрэйдээх кэлэн дойдубар таһаарбыта. Ийэм дэлби дабылыанньата тахсар буолан, биир сарсыарда хотонугар тахсан баран, тымыра быстан суох буолбута. Оо, онно төһөлөөх аһыйбыппыный ийэбин… Хомоппуппун, ийэм иһирэх тылын истибэтэхпин төһөлөөх кэмсиммиппиний… Ийэм барахсан өрүү сураһар, хайдах да түгэҥҥэ өйүүр киһим кини эрэ этэ. Сиэннэрин сураһа, Настялыын билсэ турар этэ. Ол да иһин буолуо, тиһэх суолугар атаарар күммүтүгэр Настя куораттан тахсыбыта. Улахан дуоһунаска үлэлии сылдьар, толуу-мааны дьахтар этэ. Холку кэрэ бэйэтэ өссө тупсубут этэ. Кыыһым Танюша эмиэ кэлсибитэ. Наһаа долгутуулаах көрсүһүү буолбута эрээри , туохутары уунардаах буолан кэпсэтиэхпиний, бу дьүһүммүнэн… кыыспын көрөн баран кыбыһыннахпыан!.. Ол күн төттөрү барбыттара…

Дууһа кыланыытыттан ыар туох да суох эбит бу орто дойдуга… Күннэр-түүннэр уһуннарыын… Олох туһунан толкуйдуурга күһэллэр күн-дьыл кэлбит эбит. Ааспыт олох туһунан. Аны кэлэн туох инникилээх буолуохпунуй. Хаамар-хаампат, тутар-туппат икки ардынан тыыннаах дьиэ бөҕүгэр кубулуйбутум номнуо уонча сылыгар барда. Билигин сулумах кырдьыбыт эдьиийбэр доҕор буолан кыбыллан олоробун. Куораты түннүгүнэн көрөр үлэлээхпин.
Былырыын сайын салгын сии диэн таһырдьа оҕо былаһааккатын таһыгар олордохпуна биир үстээх-түөртээх уол миигиттэн арахпата. Бэстилиэтинэн ытыалаабыта буола оонньоһор, ол сылдьан илиим тарбахтарын көрөн соһуйан, ону-маны ыйытан киһини сэргэхситэр киһи буолан биэрдэ. Оҕо бэһирэр киһитэ буолан сүөм үрдээтим. Таһырдьа оонньуур оҕолор саастарынан улахан буолан, оонньоппотторун үҥсэргиир. Кыра доҕорум күн аайы сонунун кэпсии тоһуйар. Хайдах эрэ бэйэм уолум кыратын санатар…

Биирдэ оннук кэпсэтэ олордохпутуна уолум “баабушкаа” дии-дии сүүрэн хаалла. Сотору буолаат эбэтиниин сиэттиһэн тиийэн кэллэ. “Вот моя бабушка” – диэбитигэр өндөйөөт, бэркэ билэр чаҕылыспыт харахтарбар кэтиллэ түстүм. Иннибэр Туонньам турар эбит. Оо, дьылҕа диэҥҥэ онно итэҕэйдим. Ол икки ардыгар аны кыра доҕорум ийэтэ тиийэн кэллэ, миигин кытары үөрэ-көтө эҕэрдэлэстэ. Оттон мин хаһан эрэ Асябыттан аккаастанан сурук суруйбут тарбаҕа суох илиилэрбин кистээтим эрэ…

Дьөгүөрчээн

+1
11
+1
0
+1
4
+1
0
+1
5
+1
0
+1
9