Оҕом 9 сааһыттан мэлдьи иһэ ыалдьар буолан барбыта. Ыарыйдаҕын аайы Медицина национальнай киинигэр көрдөрө илдьэбит. Ол тухары тугу да кыайан быһаарбаттар. Улам наһаа күүскэ тииһиктиир буолан испитэ. Кылааһын салайааччыта «бу оҕо үөрэниэн баҕарбат, ол иһин куруутун иһэ ыалдьыбыта буолан кубулунар» диэбиттээх. Бу санаатахпына, оҕом айылҕаттан айдарыылааҕа аан бастаан оннук биллибит эбит.
Медкииҥҥэ хас да сыл устата көрдөрө сатаабыппытын кэннэ, кыайан диагноз туруорбакка, Москваҕа баран быһаартарыҥ диэбиттэрэ уонна түргэн үлүгэрдик квота булан биэрбиттэрэ. Ити 2012 сыл бэс ыйын ортото этэ.
Москваҕа Педиатрия уонна хирургия научнай-чинчийэр институтугар тиийдибит. Оҕобун 15 саастаах диэн бэйэтин эрэ ыллылар, миигин киллэрбэтилэр. Иккис күммүтүгэр Күннэйим ис уорганнарыгар компьютернай томография оҥоһуллуохтаах этэ. Мин ол күн балыыһаҕа баран иһэн кыыһым төлөпүөнүгэр эрийэ, суруйа сатаатым. Оҕобуттан туох да эппиэт суох. Балыыһаҕа тиийээт, балаататыгар киирбитим, арай Күннэйим ороно кураанах, бэйэтэ суох, оронун үрдүгэр футболката, шортига ууруллубут. Сүрэҕим, куһаҕаны сэрэйбиттии, өрө мөхсөн барда. Саатар, балаататын дьоно мин харахпын утары көрбөттөр, уку-суку туттар курдуктар. Хайдах баҕайыный диэн медицинскэй пуоска тиийдим, биир да киһи суох. Быраастар хосторо эмиэ кураанах. Көрүдүөргэ биир ийэттэн быраастары көрбүккүт дуо диэн ыйыппыппар, «бары реанимацияҕа сүүрбүттэрэ» диэн хоруйдаата. Онтон «биир оҕо компьютернай томографияҕа түһэ сылдьан комаҕа түспүт» диэбитигэр, этим тымныынан саласта. Реанимация салаатын ааныгар, баҕар ким эмит тахсаарай диэн, кэтэһэн турдум. Быраастар биир-биир реанимацияттан тахсыталаатылар, ким да тугу да сиһилии кэпсээбэт. Өйдөөбүтүм диэн Күннэй эмискэ комаҕа түспүт, биричиинэтэ биллибэт. Миэхэ реанимация салаатын төлөпүөнүн биэрэн баран, дьиэҕэр баран күүт диэтилэр.
Ол күн киэһэтигэр Үөһээ Бүлүүгэ эһэтин тиэргэнигэр турар уулаах биэ эмискэ сууллан түһэн өлөн хаалбыт. Өлүгэр биир даҕаны суор да, көтөр-сүүрэр да чугаһаабатах..
Дьиэбэр тиийэн балыыһаҕа эрийбиппэр, киэһэ 9 чаас диэки оҕоҥ тыҥата аккаастаан ИВЛ аппараатыгар холбоотубут диэтилэр. Мин ону истэн олох да буорайдым. Сарсыныгар эрдэ балыыһаҕа тиийэн быраастары көрүстүм эрээри, ким да тугу да чуолкай эппэт. Ол быыһыгар Дьокуускайым быраастарыгар эрийэ сатыыбын. Кэмниэ кэнэҕэс реанимация аанын аттыгар олоппос аҕалан көхсүбүнэн истиэнэҕэ сыста олордум уонна санаам күүһүнэн бэйэбиттэн оҕобор ситим ыыта сатаатым. Өйбөр оҥорбут ситиммин быспакка маннык олордохпуна, оҕом барахсан бэттэх кэлиэҕэ диэн. Быраастар балыыһаҕа хааларбын хата боппотулар. Ол курдук миэстэбиттэн харыс да сири халбарыйбакка, тугу барытын умнан, саныыр санаам барыта оҕобор олордохпуна, асчыт дьахтар миэхэ миин аҕалан биэрдэ. Бастаан ас киирбэт диэн аккаастана сатаатым. Кырдьык, аһыыр ас, утуйар уу умнуллубут кэмэ этэ. Ону киһим, аттыбар туран, күүһүнэн кэриэтэ миинин иһэртэ. Оҕоҕун реанимацияттан таҕыстаҕына сэниэтэ суох хайдах көрүөххүнүй диир. Билбитим, кини урут Дьокуускайга олоро сылдьыбыт эбит. Сахам сирин наһаа күндүтүк саныыбын, ахтабын диэбитин истэн, тирээн кэлбит ыар кэммэр чугас киһибин көрсүбүт курдук санаммытым. Киһиэхэ бэрт кыра да наада…
Иккис түүнүгэр реаниматологтартан көрдөспүппэр, дьонум аһыннылар быһыылаах, оҕобор киирэрбин көҥүллээтилэр уонна «ытаабаккыт, аймаммаккыт, комаҕа сытар киһи реакциятын биһиги билбэппит, алҕаска ытаан, айманан, туругун өссө бэргэтиэххитин сөп» диэн сэрэттилэр. Мин онно киирэн оҕобун көрөөт, хара күүспүнэн хараҕым уутун туттуннум. Күннэйим барахсан кумааҕы курдук куп-кубаҕай, барыта провод быыһыгар сытаахтыыр эбит. Испэр Үөһээ Айыылартан, Таҥараттан, Күнтэн, Сиртэн, Халлаантан — барыларыттан көрдөстүм. Ол курдук 10-ча мүнүүтэ оҕобун кытта көрүһүннэрэн баран төттөрү таһаардылар. Биир быраас ол онно «төһө өр комаҕа сытыан эйиэхэ Таҥара бэйэтэ да этэр кыаҕа суох» диэн этэн турардаах.
Кэлин эмтиир бырааһа миигин хоһугар ыҥыран ылан, төрдүгүтүгэр медиумнар, ойууннар бааллар этэ дуо диэн ыйытта. Быраастартан итинник эрэ ыйытыыны кэтэспэтэх буолан, олус соһуйдум. Мин, бэйэлэрин туох эрэ сыыһаларын билиммэккэ, аны ол оннукка түһэрээри гыналлар дии санаан, тугу да билбэппин, истибэтэҕим диэтим. Наһаа өр көрдөрдүбүт, эмтэннибит да биир даҕаны диагноз турбата, туох да быһаарыллыбата, саатар манна, киин сиргэ, быһаара сатыахтаахтарын эттим. Ол иннинэ Дьокуускайга реанимацияҕа киирбитигэр, ыксаан, лапароскопическай эпэрээссийэ кытта оҥорон турардаахтар. Ол да эпэрээссийэ тугу да быһаарбатаҕа, көрдөрбөтөҕө.
Күннэйим комаҕа түспүтэ үһүс сууккатын туолар чааһыгар, киэһэ 5 чаас саҕана, бэйэтин өйүгэр кэллэ диэбиттэригэр миигиттэн дьоллоох киһи суох этэ. Сотору соҕус буолаат миигин эмтиир бырааһа иккистээн ыҥыран ылан: «Мин үлэлиир сылларым тухары элбэх оҕону коматтан таһаарбытым, ол тухары биир да оҕо төһө өр өйө суох сыппытын этэр кыаҕа суоҕа. Оттон Күннэй, коматтан тахсаат, трубкаларын эҥин ылбыттарын кэннэ, «мин үс суукка манна суох этим, наһаа аччыктаатым» диэбитэ. Эбиитин миигин толору ааппынан ыҥырбыта. Ааппын кини хайдах да билиэ суохтаах этэ. Тоҕо диэтэххэ, миигин киниэхэ эмтиир бырааһынан комаҕа түспүтүн кэннэ анаабыттара», — диэн олус сөхпүтүн эппитэ. Мин, тугу да эппиэтиир кыаҕа суох буолан, истэн эрэ кэбиспитим.
Оҕобун дьэ уопсай балаатаҕа көһөрөр кэтэһиилээх күнүгэр, эбиэт кэннэ, реанимация нөҥүө ыкса турар хоско таһаардылар. Сүрэҕин тэбиитин бэрэбиэркэлиир аппараат туруордулар. Миигин оҕобун кытта хааларбын көҥүллээтилэр уонна хомуллар орон биэрдилэр. Оо, онно Күммүн сырылаччы сыллаан, кууһан, олус да үөрбүтүм. Онтум уһаабатаҕа… Икки чааһы кыайбакка, оҕом барахсан эмиэ өйүн сүтэрэн кэбистэ. Аны хараҕын аһа сытар. Эмиэ быраастар… сүүрүү-көтүү… аймалҕан… биир кулгаахпынан иһиттэхпинэ, «глубокий сопор» дииллэр… Оҕобун эрэ миигиттэн илдьэ барбатыннар диэн санаа… Тула истиэнэлэрим устан бардылар, дьон саҥата улам ыраатан истэ… Эмискэ түөспүттэн хаһыы төлө көтөн тахсыбытын кулгааҕым эрэ истэн хаалла.
Бу сырыыга, мин дьолбор, Күннэйим син балачча кэминэн өйүгэр кэлэн барыбытын үөрдүбүтэ.
Ити түбэлтэ кэнниттэн үс хонон баран кыысчааным эмиэ өйүн сүтэрэн реанимацияҕа киирбитэ. Мин изоляторга оҕом аттыгар хоммутум. Бу сырыыга комаҕа суукка аҥаара сыппыта. Ол эрээри уһуктан баран, оҕом миигиттэн ураты кими да өйдөөбөт да, билбэт да буолан хаалбыт этэ. Балтын, эһэтин, эбэтин, аймахтарын, доҕотторун — барыларын ким эрэ өйүттэн сотон кэбиспитин курдук. Ол сытан миэхэ маннык кэпсээн турардаах: «Арай улахан баҕайы уочаракка турабын, киһи бөҕө баар — эр дьон, дьахталлар, оҕолор. Бары араас-араас омуктар, ким да тугу да саҥарбат эрээри, бэйэ-бэйэбитин өйдөһөр курдукпут. Бу халлааҥҥа сылдьабын диэн өйдүүбүн. Иннибэр ханна эрэ киирэргэ аналлаах улахан көмүс дуйдаах аарка баар диибин. Аарка иннигэр трибунаҕа үрдүк уҥуохтаах плащтаах киһи турар, капюшонун сүүһүгэр диэри сабыччы тардыммыт. Улахан халыҥ кинигэлээх. Киниэхэ уочаратынан тиийбит киһини ол кинигэтигэр баар испииһэгинэн көрөр дии санаатым. Онтон арай улахан экран курдук көһүннэ. Онно дьон олоҕо бүтүннүү кылгастык көстөн ааһар. Миигиттэн биир киһинэн инники турар киһи киэнэ быраастар эпэрээссийэлиир остуол тула туралларынан быстан хаалла. Ону көрөн, кини олоҕо итинник түмүктэммит эбит диэн өйдөөтүм. Онтон кэлэр киһини били плащтаах киһи, аарканан аһардыбакка, түөһүттэн аста.
Анарааҥҥыта, сиргэ түспэккэ, үргүлдьү өссө аллара курулуу турда. Арааһа, аакка түстэ быһыылаах. Мин уочаратым кэлбитигэр, арай плащтаах киһи: «Эрдэ кэлбиккин», — диэт, түөспэр кириэс охсон баран, аллара анньан кэбистэ. Ол түһэрбэр быһа барыллаан биэс этээстээх дьиэ үрдүгүттэн бэйэм эппэр-сииммэр кэлэн түспүт курдук этим».
Биирдэ оҕом тугу эрэ батыһыннара көрөрүн бэлиэтээтим. «Балаатабытыгар хара киһи киирэн баран, түннүккэ турда уонна реанимация диэки истиэнэни курдат ааста», — диэтэ кыыһым. Ол күн реанимацияҕа бүөрүнэн сытар 16-лаах кыысчаан сырдык тыына быстыбыта. Ити кэннэ дьон кэннигэр үрүҥ, хара, сиэрэй күлүктэри көрөбүн диир буолла. Мин кинини уоскутаары, кома кэннэ дьон ауратын эҥин көрүөххүн сөп диэн быһаарбытым. Өссө Интернеккэ ааҕан, ити аата галлюцинациялар эбит, хайдах эрэ буолбуппун диэхтиирэ. Ыксаан, балаататыгар киирбит быраастартан миигин психиатрга көрдөрүҥ, дьон көрбөтүн көрөбүн диэн хаста да көрдөспүтэ. Биир быраас: «Эн бэйэҥ ити туһунан ыйытар буоллаххына, 99% доруобайгын», — диэн хоруйдаабыта. Ону ааһан, психиатрдар бэрэбиэркэлээн баран, доруобай диэн түмүк таһаарбыттара.
Өссө биир дьиибэтэ диэн, утуйа сытан түүн ортото эмискэ ойон туран, улахан баҕайытык саҥа таһааран хаһан да урут истибэтэх сахалыы ырыаларын ыллыыр буолбута. Туораттан көрдөххө, уутун быыһыгар ыллыыр курдук. Биирдэ Розалина Файрушина «Эн сэрэй» диэн ырыатын саҕаланыаҕыттан бүтүөр диэри ыллаан турардаах. Дьиҥинэн, ол ырыаны үөрэппэтэҕэ даҕаны, ыллаабатаҕа даҕаны. Оннук түүн эмискэ ыллаан кэлэрин иһин хонукпутугар оонньуур хоско орон бэлэмнээн утутар буолбуттара. Мин оҕобун аны төбөтүнэн булкуллубут диэхтэрэ диэн биир куттал. Утуйа сылдьар эрээри, оронуттан ойон туран, сыанаҕа курдук доргуччу ыллаан барар этэ. Мин уһугуннара сатыырым даҕаны, олох уһуктан биэрээччитэ суоҕа. Ыллаан бүтэн баран, бэйэтин өйүгэр кэлбэккэ да, утуйара.
«Күннэй кистэлэҥ олоҕо» («Айар», 2022) кинигэттэн быһа тардан.