Кынаттаах саҥа көрүүлэр

Ааптар: 
06.09.2021
Бөлөххө киир:

Бу күннэргэ Сэмэн Григорьев “Саҥа көрүү” диэн ааттаах сөпкө тыынар, сүһүөҕү бөҕөргөтөр, хаан эргиирин тупсарар үөрүйэхтэри табатык туһанарга уонна уһун үйэлэниигэ туһуламмыт кинигэтин аахтым.

edersaas.ru
Сэмэн Григорьев аҕыс сыл Бүлүү куорат 1 №-дээх алын кылаас оскуолатыгар физкультура учууталынан, онтон Кыргыдай нэһилиэгэр уон сыл баһылыгынан талыллан таһаарыылаахтык үлэлээбитэ. Билигин сөбүлүүр идэтинэн дьону эт-хаан, өй-санаа өттүнэн чэгиэн буоларга сүбэлиир, көмөлөһөр, күүс-тирэх буолар тренеринэн үлэлиир. Салайар үлэҕэ баай уопуту мунньуммут киһи олоҕун хайысхатын тосту уларыппыт биричиинэтин маннык быһаарар: “Салайар үлэҕэ сылдьаммын, бэйэм кыахпын-дьоҕурбун ситэри туһаммат, тугу саныырбын ситэ этиммэт, наада диирбин толору оҥорбот курдук, нуорма-быраап эрэ аактатынан салайтаран, устаап-сокуон иитинэн дьаһанан, ыырым кыараан хаалбыттыы, санаам тууйуллар курдук сананар буолбутум”, – диир. Маннык кичим кэмнэр кимиэхэ баҕарар биллэн ааһар быыһык кэмнэрэ баалларын үгүстэр билэн эрдэххит.

Үс сыллааҕыта Сэмэн норуоттар икки ардыларынааҕы мотивациялыыр тириэньэр Жанат Жусупов социальнай йога дьарыгар (тренинигэр) сылдьар уонна сүтэрбит сүтүгүн булбут курдук хараҕа арыллан, олоҕун суолун саҥа көрүүтүн устун туһулуурга аныыр бигэ санааны ылыммыт. Билигин Сэмэн “SAINA” киини тэрийээччи уонна салайааччы, Саха Өрөспүүбүлүкэтин үтүөлээх артыыската Екатерина Саввинова-Саинаны кытта тэҥҥэ Жанат Жусупов трениннэрин Намҥа, Хатаска, Мирнэйгэ, Сунтаарга, Ньурбаҕа, Үөһээ Бүлүүгэ, Бүлүүгэ ситиһиилээхтик ыыппыттар. Кинигэҕэ киһи этин-хаанын сөпкө уһугуннарар, хаан эргиирин чөлүгэр түһэрэр, сөпкө тыынар, илбинэр, быччыҥнары табатык күүрдэр туһунан сүбэлэр бааллар. Салгыы бэйэ ис кыаҕын сөпкө арынарга сүбэлэри чопчу булан ааҕыахха сөп.
Сэмэн кинигэтигэр хас биирдии киһи доруобуйатын бөҕөргөтөр уонна
олоҕун тупсарарга көмөлөһөр ньымалар тустарынан кэпсиир.
Манна биэс сүрүн ньыма: аһылыкка сыһыаҥҥа, сөпкө тыыныыга, арыыланыыга, спордунан, хамсаныынан дьарыктаныыга, өйү-санааны чэбдигирдиигэ болҕомтону ууруу түгэннэрэ суруллубуттар. “Киһи бэйэтин дьарыктаабатах күнэ – халтайга ааспыт күн”. Бу кынаттаах этии кими баҕарар толкуйдатар. Ким бу орто дойдуга дьоллоохтук, чэгиэнник, ситиһиилээхтик олоруон баҕарбат буолуой? Бу кинигэ дьон сарсыҥҥы күнү саҥалыы көрүүтүгэр туһалаах уонна көмөлөөх буолуоҕар ис сүрэхпиттэн баҕарабын.


Андрей Яковлев-Чуос,
«Саха сирэ» edersaas.ru 
саайтка анаан

+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0