Бүлүү куоракка Тулаайах уонна төрөппүт көрүүтэ-истиитэ суох оҕолорго көмөлөһөр С.М.Аржаков аатынан киин дириэктэринэн Николай Харлампьев үлэлиир. Уруккута учуутал идэлээх Николай Николаевич хайа күн ананыаҕыттан үлэҕэ-хамнаска, оҕолору үөрэтиигэ, иитиигэ сонун суоллары уонна саҥа хайысхалары көрдөөн барбыта. Бу күннэргэ кини эмиэ саҥа холбоһуктаах бырайыагы олоххо киллэрсэргэ сүүрэ-көтө сылдьар.
edersaas.ru
ТАБА ТАЙАНЫЫ…
— Мин социальнай хабааннаах бырайыакпын “Кынат” диэн ааттаабытым. Биллэрин курдук, көтөр — кынатынан, киһи — дьоҕурунан. Ханнык баҕарар оҕо кыра эрдэҕиттэн кистэлэҥ баҕа санаалаах. Ол баҕа санаатыттан кыым да саҕа кылам гыннаҕына, ситиһии сиэттистэҕинэ, кини кынаттанан өссө үрдүккэ көтөргө дьулуһуон сөп. Ол эрэн, нэһилиэнньэ сорох араҥата бэйэтин кыаҕын уһугуннарбакка, талаанын сайыннарбакка хаалара баар суол. Холобур, тулаайах эбэтэр төрөппүт көрүүтэ-истиитэ суох хаалбыт оҕолор, олох уустук түгэннэригэр түбэспит оҕолор атын киһи өйөбүлэ суох баҕа санааларын олоххо киллэрэллэрэ ыарахаттардаах.
Ол иһин, бырайыакпытын Бүлүү улууһуттан, Тулаайах уонна төрөппүт көрүүтэ-истиитэ суох оҕолорго көмөлөһөр С.М.Аржаков аатынан Бүлүүтээҕи киинтэн саҕалаатыбыт, — диэн бэйэтин кэмигэр сахалыы рэп-ырыанан оҕолор, ыччаттар уонна улахан дьон кутун туппут Джида, билигин бэйэтэ суоллаах-иистээх, “Кынат” бырайыак ааптара Егор Васильев кэпсээтэ.
Егор Васильев “Кынат” бырайыагынан Киин иитиллээччилэриниин чугастык алтыһан, ким туох дьоҕурдааҕын билэн, онно көмө-тирэх буолар соруктаах. Бу оҕолортон ким эрэ ырыаҕа-тойукка, ким эрэ спорка, ким эрэ аныгы технологияларга уо.д.а. сыстыан баҕарыа. Онуоха оҕо личность быһыытынан сайдарыгар сөптөөх суолу сүбэлээн биэриэхтэрин баҕараллар. Биллэрин курдук, Оҕо дьиэтэ оҕону 18 сааһыгар диэри иитэр-үөрэтэр. Салгыы кини ханна барара, туох идэни талара бэйэтиттэн эмиэ улахан тутулуктаах. Оттон бэйэтин кэмигэр туохха дьоҕурдааҕын таба тайаммыт, ким буолуон баҕарарын быһаарыммыт оҕо инники суолун солоноругар, уопсастыбаҕа бэйэтин миэстэтин булунарыгар арыый чэпчэки буолар.
Култуура эйгэтигэр чугас сылдьар, элбэх ырыаһыты, муусукааны, режиссеру кытары бииргэ үлэлииргэ үөрүйэхтээх, аптарытыаттаах Егор Васильев Киин оҕолоро ырыаһыт быһыытынан сайдалларыгар көмөтө элбэх буолуо. Оҕону маастарыстыбаҕа үөрэтэргэ, сценаҕа туттарга-хаптарга, таҥаһы-сабы таба таларга, фонограмма оҥорторорго уо.д.а. тус бэйэтинэн сүүрэн-көтөн үлэлэһиэ.
Баҕар, биир эмэ киһи: “Ырыанан-үҥкүүнэн эрэ муҥурданаллар дуо?” — диэн ыйытыан сөп эрээри, Егор Васильев үлэтэ элбэх өрүттээх. Оҕо дьоҕуруттан көрөн, ханнык баҕарар эйгэҕэ үлэлэһэргэ бэлэм.
ОҔО «АҺЫЛЛАРЫН» МҮЧЧҮ ТУППАККА
“Кынат” бырайыагы олоххо киллэриигэ бииргэ үлэлэһэргэ бастакынан ылсыбыт Николай Харлампьев:
— Биһиги Тулаайах уонна төрөппүт көрүүтэ-истиитэ суох оҕолорго көмөлөһөр кииммитигэр араас улуус оҕолоро бааллар.
Бүлүүтээҕи Оҕо дьиэтэ (билигин Киин) — өрөспүүбүлүкэҕэ бастакы уонна саамай “саастаах”. 1930 сыллаахха тэриллиэҕиттэн күн бүгүҥҥэ диэри үлэлиир. Арай, үлэлиир хайысхабыт арыый уларыйда. Урут тулаайах эрэ оҕолор ылыллар буоллахтарына, билигин төрөппүт көрүүтэ-истиитэ суох хаалбыт оҕолор, олох ыарахаттарыгар түбэспит ыал оҕолоро киирэллэр. Араас төрүөтүнэн оҕотун көрөр кыаҕа суох төрөппүт сайабылыанньа суруйдаҕына, оччоҕо быстах кэмҥэ биһиэхэ кэлэн олоруон эмиэ сөп.
“Иитиллээччилэрбит 18 саастарын туоллулар да, син биир биһигиттэн тахсан бараллар, судаарыстыба көрүүтүгэр-истиитигэр киирэллэр”, — диэн быстах соруктаах үлэлээбэппит. Биһиги Кииммититтэн инникигэ эрэллээх, бэйэтэ суоллаах-иистээх оҕо тахсарыгар кыһаллабыт. Онуоха араас ураты ньымалардаахпыт. Холобур, бэйэбит педагогтарбытын сэргэ, Егор Васильев бырайыагынан оҕолорбутун араас эйгэҕэ сыһыарыахпыт, хайысхалыахпыт. Оҕолор билэллэринэн, Джида, бэйэтин бырайыагын билиһиннэрбитигэр барахсаттар харахтара хайдах курдук уоттаммытын көрүө этигит. Этэргэ дылы, кинилэр көстүбэт кынаттана түспүттэрэ. Өрөспүүбүлүкэҕэ маннык аптарытыаттаах дьон биһиэхэ саҥа тыыны киллэрэллэр.
Хас биирдии оҕо туох эрэ баҕа санаалаах. Егор Михайлович бырайыагын сыалынан-соругунан биир эрэ оҕону кытары буолбакка, хас биирдии оҕону кытары алтыһан, дьоҕурун быһааран баран, ханнык хайысханан сайыннарыахха сөбүнэн тустаах сүбэлэри-амалары биэрии буолар.
Биллэн турар, ханнык баҕарар саҕалааһыҥҥа ыарахаттар көстүөхтэрин сөп. Ол гынан баран, оҕолорбут тустарыгар туох эрэ кэскиллээҕи киллэриэхпитин баҕарар буоллахпытына, ыарахантан толлубакка, иннибит диэки баран иһэр санаалаахпыт.
Билиҥҥи саха ыччата аан дойду хайа баҕарар дойдутугар олорор биир саастыылааҕыттан сайдыытынан хаалсыа суохтаах дии саныыбын. Тымныы килиимэттээх, ыраах дойдуга олорорбут мэһэй буолуо суохтаах. Егор Васильев доҕотторо киэҥ эйгэлээхтэр. Кинилэр аҥаардас бэйэлэринэн да биһиги ыччаттарбытыгар үтүө холобур буолаллар. Онон бырайыак саҕаламмытын ис сүрэхпиттэн биһириибин. Биһиги бу бырайыагынан кими да бэйэтин баҕата суох ырыаһыт дуу, спортсмен дуу, политик дуу гына сатаабаппыт. Баҕар, ол оҕоҕо наадата суоҕа буолуо дии. Онон, бу бырайыак хас биирдии оҕоҕо көмөлөһөр, тирэх буолар аналлаах. “Кынат” биир күннээҕи дуу, биир сыллааҕы да үлэ буолбатах. Бастакы хараҥаччыбыт Сааскылаана Дьокуускай куоракка култуура уонна искусство кэллиэһигэр киирэн үөрэнэн, киин куорат сценатыгар ыллыыр, тэлэбиидэнньэҕэ көстөр түгэнэ үүнэрэ буоллар, олус да дьоллонуом этэ. Ити – “Кынат” бырайыак биир ситиһиилээх түмүгэ буолуо этэ.
* * *
Бу икки эдэр киһи ылсыбыт хайҕаллаах дьыалалара үтүө түмүктээх буоларыгар эрэл баар. Биллэн турар, ханнык баҕарар уопсастыбаннай хамсааһын биир санаалаахтарын өйөбүлүн эрэ буолбакка, үбү-харчыны эрэйэр. Егор Васильев бу бырайыагынан бииргэ үлэлэһэр дьонун аҥаардас Бүлүүгэ илдьэригэр-аҕаларыгар, астарын, хонор сирдэрин уо.д.а. хааччыйарга үп ирдэнэрэ сэрэйиллэр. Онуоха улуус дьаһалтатын, тустаах тэрилтэлэр көмөлөрө улахан буолуо. Тэрийээччилэр бу бастакы бырайыактара баҕа хоту түмүктэри аҕаллаҕына, инникитин атын улуустары кытары үлэлэһэр былааннаахтар.
“Кынаттар” кулун тутарга Бүлүүгэ өссө кэлэр кэмнэригэр улуус баһылыга Сергей Винокуровы кытары көрсөр баҕалаахтар. Бу иннинэ эпиэкэ тэрилтэтин салайааччыта Пелагея Антоновалыын көрсүһүүлэрэ эмиэ инникигэ кынаттаабыта.
Надежда ЕГОРОВА. “Саха сирэ”, edersaas.ru