Өйүүн – саамай кылгас күн, саамай уһун түүн үүнүө. Ахсынньы 21 күнүттэн кыһыҥҥы күн туруута саҕаланар. Күн уһуна кылгаан-кылгаан баран, ахсынньы 25 күнүгэр диэри тохтуур. Бу кэмтэн астрономияҕа саҥа сыл саҕаланар. Онтон күммүт кутуйах хаамыытынан, кыра-кыралаан уһаан барыаҕа. edersaas.ru
Бу бырааһынньыгы дьон түҥ былыргыттан бэлиэтиир. Тоҕо диэтэххэ, Эргэ Күн өлөр, онтон саҥаттан тиллэр диэн өйдөбүллээхтэрэ. Онон дьон эргэ дьыалаларын түмүктээн, саҥа сылга саҥалыы былааннанан, тэринэн киирэргэ бэлэмнэнэллэр. Күнү кытта тэҥҥэ “тиллэн”, сырдык, сылаас кэм кэлэрин күүтэллэр. Бу үүнүү, тиллии, үрдүккэ талаһыы кэмэ.
Астрологическай сыл саҕаланыыта
Сирбит иҥнэри буолан, хотугу полушарие хоту өттүгэр, соҕурууҥу полушарие соҕурууҥу өттүгэр күлүк түһэр, ол иһин полярнай түүн саҕаланар. Оттон сайын, төттөрүтүн, киирбэт күннээх түүннэр үүнэллэр. Кыһыҥҥы күн туруутугар хотугу полушарие чыпчаала Сир эргийэр иитин саамай ыраах туочукатыгар тиийэр. Онтон төттөрү эргийэн, саамай чугаһыыр туочукатыгар тиийдэҕинэ, сайыҥҥы күн туруута буолар. Ойууга ити ырылыччы көстө сылдьар.
Күн сыллааҕы эргийиитэ халандаар кэмин кытары чопчу сөп түбэспэт, ол иһин күн туруута сыл аайы араас кэмҥэ түбэһиэн сөп.
Сүбэлэр
Бу кэмҥэ түмүк оҥосторго, инникини былааннанарга тоҕоостоох кэм. Дьиэни ыраастаан, сууйан-сотон, эргэрбити, алдьаммыты барытын быраҕан, саҥа мал-сал, таҥас-сап, олохпутугар саҥа дьайыы, уларыйыы кэлэригэр бэлэмнэнэбит.
Бу ааспыт сылга хаалбыт хомолтону, кыһыыны-абаны, ыарыыны, кэлэйиини, о.д.а. барытын кумааҕыга суруйан баран, уматан кэбиһиэххэ сөп. Ону тэҥэ баҕа санаалары эмиэ суруйан баран, эһиилгэ диэри үчүгэйдик суулаан, ууран кэбиһэҕин.
Быйыл Ый үүнүүтэ ахсынньы 18 күнүттэн саҕаланна, бу кэмҥэ Баҕа санаа хаартатын (Карта желаний) оҥорор тоҕоостоох. Үүнэр сылга туохха талаһаргын, тугу баҕараргын торумнуоххун, баҕа санааҥ туоларыгар олук ууруоххун сөп.
Күн төрүүр кэмигэр халлаан аана арыллар дииллэр, элбэх эниэргийэ түһэр буолан, үтүөнү оҥорбутуҥ, үҥэн-сүктэн көрдөспүтүҥ үс төгүл бэйэҕэр үчүгэйинэн эргиллэн кэлэр.
Ангелина Васильева, “Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru