Туймаада ыһыаҕын дуораана билигин да өйү-санааны уратытык өрүкүтэр, сүрэҕи-быары манньытар. Үс Хатыҥ киэҥ нэлэмэн түһүлгэтигэр икки күн тиһиктээхтик ыытыллыбыт сэргэх тэрээһиннэриттэн биирдэстэринэн, «Кымыстыы кутуллар ырыалар» диэн ыһыахха анаммыт ырыалар күөн күрэстэрэ буолар. Бу күрэскэ көмүс куоластаах ыллам ырыаһыттар Уус Алдантан, Сунтаартан, Горнайтан, Намтан, Чурапчыттан, Дьааҥыттан, Үөһээ Бүлүүттэн, Дьокуускай куораттан кытыннылар. Ырыа куонкуруһун туһунан биһиэхэ А.Е.Кулаковскай -Өксөкүлээх Өлөксөй аатынан норуоттар доҕордоһууларын дьиэтин пресс-сулууспатыттан иһитиннэрдилэр.
«Кымыстыы кутуллар ырыалар» иккис төгүлүн ыытыллыбыт ыһыах туһунан ырыалар өрөспүүбүлүкэтээҕи күөн күрэстэригэр ыллыылларын сөбүлүүр дьон, сааһынан хааччаҕа суох, бары кытыннылар.
Бырайыак ааптара СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ, норуоттар доҕордоһууларын дьиэтин айар мастарыскыайын салайар, норуоттар икки ардыларынааҕы уонна өрөспүүбүлүкэтээҕи элбэх бырайыактар ааптардара Светлана Лукина.
СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ, норуоттар доҕордоһууларын дьиэтин генеральнай дириэктэрин солбуйааччы Розалия Колосова бэрэссэдээтэллээх дьүүллүүр сүбэҕэ Саха сирин народнай артыыһа Владимир Татаринов, РФ үөрэҕириитин туйгуна, хормейстер Альбина Пилецкая, үүнэр көлүөнэ тыйаатырын артыыһа, СӨ үтүөлээх артыыһа Мария Данилова, СӨ үөрэҕириитин туйгуна, педагог-фольклорист, импровизатор-тойуксут Любовь Каратаева үлэлээтилэр.
Куонкуруска ыһыах туһунан олус бэртээхэй ырыалар ылланнылар. Оттон көрөөччүлэр улаханнык сэргээн, астынан тэҥҥэ ылластылар.
Түмүккэ миэстэлэр маннык таҕыстылар:
Гран-при – Лукачевская Анна Владиславовна, Өнөр нэһилиэгэ, уус Алдан
I ст. лауреат – «Дьүрүскэн оһуор» хор, Дьокуускай к., хормейстер Пилецкая Альбина Афанасьевна
II ст. лауреат – Бурцев Николай Семенович, Чараҥ, Уус Алдан.
III ст. лауреат – Иган Владимир Иванович, Дьокуускай
I ст. диплом – Журавель Светлана Владимировна, Дьокуускай
II ст. диплом – Нохсорова Сахаайа Михайловна, Сунтаар
III ст. диплом – Васильева Марина Христофоровна, Дьааҥы, Үүттээх
Номинациялар
«Сахалыы тыыннаах ырыа» — Макарова Айталина Григорьевна, Мукучу, Кэбээйи
«Бастыҥ ырыа доҕуhуола» — Белолюбская Мария Иннокентьевна, Нам
«Күн күөрэгэй ырыаhыт» — Аммосова Изабелла Семеновна, Табалаах, Дьааҥы
«Алгыстаах ырыаhыт» — Белолюбская Мария Иннокентьевна, Нам
«Ураты куоластаах ырыаhыт» — Егорова Наталья Алексеевна, Бэрдьигэстээх, Горнай
«Айдарыылаах тойуксут» — Соколова Валентина Николаевна, Дьокуускай
«Өбүгэттэн тардыылаах тойук» — «Тойук» фольклор ансаамбыла, салайааччы Федорова Г.Г., Дьокуускай
«Кылыhахтаах ырыа бастыҥа» — Анна Николаевна, Гаврил Гаврильевич Григорьевтар дьиэ кэргэн, Кэптин, Горнай
«Кэрэхсэллээх кэрэ куолас» — Никитина Мария Владимировна, Дьокуускай
«Ырыа чаҕаан ырыаhыт» — Иванова Лизанна, Түбэй, Сунтаар
«Истиҥ иэйиилээх ырыаhыт» — Новикова Екатерина Петровна, Дьокуускай
«Алыптаах ырыа бастыҥа» — «Сайсары» ырыа ансаамбыла, сал. Степанова С.К., Дьокуускай
«Кылаан кылыhах» — Григорьев Гаврил Гаврильевич, Кэптин, Горнай
Өксөкүлээх Өлөксөй аатынан норуоттар доҕордоһууларын дьиэтин кэлэктиибэ күөн күрэс бары кыттыылаахтарыгар махтанар итиэннэ сыллата бу курдук кэлэн көхтөөх кыттыыны ылалларыгар баҕарар.
Хаартыскалар: А.Е.Кулаковскай аатынан норуоттар доҕордоһууларын дьиэтин пресс-сулууспата