Аан ийэ айылҕабыт киһини интэриэһиргэтэр дьиктитэ, уратыта элбэх. Күһүҥҥү түүҥҥү халлааҥҥа быдьалыспыт мөлүйүөнүнэн сулустар бааллар да, айылҕабыт ураты дьиктитэ — биир оччо буоллаҕа. Олортон биирдэстэрэ Сунтаар улууһун Дьаарханыгар баар диэтэхпитинэ, арааһа, улаханнык сыыспат инибит. Чэ ону бэйэҕит сыаналаан, ыраҥалаан көрөөрүҥ.
Бу күннэргэ, университекка бииргэ үөрэммит үөлээннээҕим, Томпоттон төрүттээх Алексей Степанов Сунтаар Дьаарханыгар кэргэнин дьонугар оттуу барбыта. Сылын аайы баран оттоһор. Кини 20 сыллааҕыта күтүөттүү тиийэн баран, кымырдаҕастар сүүнэ улахан оргулларын бэлиэтии көрбүт эбит уонна ону хас оттуу тиийдэҕин аайы хайаан да кэтээн көрөр үтүө үгэстэммит. Ол туһунан Алексей: «Сунтаар улууһун Дьаархан нэһилиэгин Куоһаан диэн сайылыгын тыатыгар кымырдаҕастар бугул саҕа улахан оргуллара олус элбэх. Сылын аайы оттуу тиийдэҕим аайы кэтээн көрөбүн. Хаартыскаҕа көрөр оргулгут 20-чэ сыллааҕыта Дьаархаҥҥа күтүөттүөхпүттэн баар. Кэтээн көрүүбүнэн оргул сылын аайы 5 см үрдүүр, кэтириир. Куоһаан сайылыгар Холокуна диэн оттуур ходуһабыт тыатын саҕатыгар киһи үрдүгүн саҕа оргул баар. Ону тэҥэ, дулҕа саҕалары киһи ааҕан сиппэт. Онон-манан бугул саҕалар, оннооҕор да улахаттар бааллар. Аны туран, кутуйах ороҕун курдук кымырдаҕастар аартыктара ыраахха диэри субуллар. Биир уйаттан, ортотунан, 5-6 орох тибийэн олорор», — диэн кэпсээтэ. Санатар буоллахха, Дьаархан нэһилиэгэ Сунтаар сэлиэнньэтиттэн 100 км ыраах сытар.
Аны исписэлиистэр санааларын кытта билсиэҕиҥ.
Анатолий Попов, биологическай наука хандьытаата:
—Итинник улахан оргуллары кыһыл кымырдаҕастар тутталлар. Бөдөҥ оргуллар тугу туоһулуулларый? Кымырдаҕастар дьиэ кэргэннэрэ улаханнарын, үөскээбиттэрэ ырааппытын туоһулуур. Билиҥҥи туругунан саамай улахан оргул Томскайга Заварзино дэриэбинэ аттыгар харыйа, кедр, пихта быыстаах тыаҕа баара биллэр. Оргул үрдүгэ 2,5 м, кэтитэ 5,1 м. Учуонайдар быһаарбыттарынан ити оргул 100 саастаах. Итинник уйаҕа, ортотунан, 5 мөл. кэриҥэ кымырдаҕас олорор. Томскайдааҕы оргул Арассыыйаҕа эрэ буолбакка, аан дойду үрдүнэн саамай улаханнара буолуон сөбүн туһунан этэллэр.
Николай Винокуров, биологическай наука дуоктара, энтомолог:
—Ити оргуллар Саха сиригэр саамай улаханнарынан ааҕыллыахтарын сөп курдук. Итинник хабааннаахтар Ленскэй уонна Өлүөхүмэ улуустарыгар бааллара биллэр. Сунтаардар адьас харыстыахтарын наада.