Күммүт төһө уһаата?

Бөлөххө киир:
Хаартыска: PxHere

Төһө да тохсунньу томороон тымныыта торулаан турдар, күн сырдыга уһаабыта биллэр курдук. Кутуйах хаамыытынан да буоллар, сырдык диэки чугаһаан иһэбит. Онон, күммүт уһуна төһө буолла?

Саамай уһун түүннээх, кылгас күннээх — ахсынньы 22 күнүгэр күн уһуна 5 чаас 8 мүнүүтэ этэ. Онтон биирдии-иккилии мүнүүтэнэн уһаан, тохсунньу 9 күнүгэр күммүт уһуна 5 чаас 40 мүнүүтэ буолла, ол эбэтэр, 32 мүнүүтэнэн уһаабыт. Билигин үстүү мүнүүтэ уһуу турар. Бу кэнниттэн мүнүүтэ эбиллэрэ улаатан иһиэҕэ, тохсунньу 13 күнүттэн — 4-түү, тохсунньу 23 күнүттэн 5-тии мүнүүтэ эбиллэн барыаҕа.

Ол курдук, тохсунньу 9 күнүгэр күн уһуна — 32 мүнүүтэнэн,

тохсунньу 13 күнүгэр — 47 мүнүүтэнэн,

тохсунньу 16 күнүгэр — 1 чааһынан,

тохсунньу 19 күнүгэр — 1 чаас 13 мүнүүтэнэн,

тохсунньу 25 күнүгэр — 1 чаас 43 мүнүүтэнэн (күн 4 чааска киирэр),

тохсунньу 31 күнүгэр — 2 чаас 15 мүнүүтэнэн,

олунньу 8 күнүгэр — 3 чааһынан,

олунньу 18 күнүгэр — 4 чааһынан,

олунньу 29 күнүгэр  — 5 чаас 4 мүнүүтэнэн,

кулун тутар 10 күнүгэр — 6 чаас 4 мүнүүтэнэн,

кулун тутар 20 күнүгэр — 7 чаас 3 мүнүүтэнэн уһуур.

Бу кэмҥэ күн уһуна 12 чааска тэҥнэһэр, онон сааскы күн тэҥнэһиитэ буолар. Күн сарсыарда 6 чаас 23 мүнүүтэҕэ тахсар уонна киэһэ 6 чаас 35 мүнүүтэҕэ киирэр.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0