Горнай улууһун Бэс Күөл бөһүөлэгэр олорор норуот маастара, “Түһүлгэ симэхтэрэ” иистэнньэҥнэр түмсүүлэрин салайааччыта Варвара Ефремова кылы ыраастыырга, ситии оҥорорго сүбэлэрин билсиҥ.
edersaas.ru
ЫРААСТААҺЫН
1. Сылгы сиэлин сэлээн баран, биир да мутуга суох ыраас синньигэс талаҕынан эбэтэр маһынан тэбиибит, хоҕун түһэрэбит. Сиэлбитин хаарга тэлгээн баран тэбиибит. Хаачыстыбалаахтык тэбэммит буоллаҕына, хаарыҥ хараарар уонна сиэлиҥ сахсайар.
2. Тэбэммит ыраас сиэли дьиэҕэ киллэрэн, өҥүнэн арааран илиинэн наардыыбыт. Холобур, хара сону тигэргэ биир да атын өҥнөөх сиэл суох буолуор диэри биир-биир салаанан арааран харата эрэ хаалыар диэри ыраастыыбыт.
3. Наардаммыт сиэли бороһуоктаах сылаас ууга (итии буолуо суохтаах) 2-3 чаас сытыара түһэбит. Онтон уу үрдүгэр сиэл кирэ дагдайан, хараарбыт буоллаҕына, сиэли ыган ылабыт уонна сомпууннаах сылаас ууга баттаҕы сууйар курдук аргыый аҕай гына араара-араара сууйабыт. Ол кэнниттэн сөрүүн ууга сайҕыыбыт уонна көнө сиргэ чараас гына арааран баран, тэлгэтэ ууран куурдабыт.
СИТИИ ОҤОРУУ
1. Сууйуллубут, куурбут ыраас сиэли синньигэс гына арааран ылан, былыргылыы, ньилбэккэ (эбэтэр станокка) ууран, кыратык илитэ-илитэ илиибитинэн өрө эрийэн, утах оҥортолуубут.
2. Бэлэм 2 утаҕы биир өттүттэн эрбэххинэн уонна сөмүйэҕинэн холбуу тутан олорон, уҥа илиигинэн бастаан өрө эрийэн таһаараҕын, онтон аллараа ньиккэрийэн түһэрэн кытаатыннараҕын. Ол түмүгэр ситии тахсар.
3. Ситиибит уһун буолбутун кэнниттэн иилистибэтин диэн икки маһы кириэстии тутан, эриэн төгүрүк сап оҥоробут.
Надежда ЕГОРОВА, “Саха сирэ”, edersaas.ru