Горнай улууһун Бэс Күөл бөһүөлэгэр командировкаҕа тиийбиппитигэр кэрэ эйгэтигэр сити¬һиилээхтик үлэлии, бэйэлэрин ааттарын өрөспүүбүлүкэҕэ киэҥник биллэрэ сылдьар “Түһүлгэ симэхтэрэ” диэн иистэнньэҥнэр түмсүүлэригэр хайаан да сылдьарбытыгар көрдөстүлэр.
edersaas.ru
Бэйэлэрин тиэргэннэригэр туспа дьиэҕэ “буруо таһаарынан” үлэлии олорор түһүлгэ салайааччыта Варвара Ефремова үөрэ-көтө көрүстэ. Хас да кэрэ аҥаар иис абылаҥар ылларан күн солото суох олорор, кыл кистэлэҥэр саҥа үөрэнэ кэлбиттэр эмиэ бааллар.
Варвара Ефимовна сэһэргэһиигэ бэлэмнэниэр диэри эркиҥҥэ ыйанан турар наҕараадалары, хаартыскалары кэрийэ көрдүм. Биир хоско кылтан оҥоһуллубут таҥастарга хараҕым хатанна. Бу хоско ханна эрэ сөҕө-махтайа көрбүт эр киһи уһун сонноро, кимиэнигэр да маарыннаабат уруһуйдардаах сэлиэччиктэр ыйанан тураллар. Сыныйан көрбүтүм, аҕыйах сыллааҕыта эр киһиэхэ сахалыы соннору, сэлиэччиктэри, түбүтүөйкэлэри уо.д.а. өрөн, өрөспүүбүлүкэҕэ тиийэ аатырбыт, хомойуох иһин, билигин күн сиригэр суох Яков Ефремов ийэтигэр кэлэн турар эбиппин…
ДЬИҤ САХАЛЫЫ КУТТААХ БУОЛАН…
Тарбаҕар талааннаах, сахалыы ис куттаах, айылҕаттан айдарыылаах Яков Ефремов кыл оҥоһуктарынан киэҥ эйгэҕэ саҥа тахсан иһэн, ыарахан ыарыыттан бу олохтон туораабыта олус кыһыылаах уонна хомолтолоох этэ. Кини кылгас да буоллар, чаҕылхай олоҕун кылынан өрүү идэтигэр анаабыта.
Яков биэс оҕолоох Ефремовтар дьиэ кэргэттэригэр төрдүс оҕонон күн сирин көрбүтэ. Бэрдьигэстээххэ улуустааҕы гимназияҕа үөрэнэ сылдьан, 16 сааһыгар, ыраас халлааҥҥа этиҥ эппитинии, төбөтүгэр тымыра быһа баран, ыараханнык ыалдьыбыта. Сыл аҥаарын устата суорҕан-тэллэх киһитигэр кубулуйан, өлөр-тиллэр икки ардынан сыппыта. Ийэтэ Варвара Ефимовна күнү көрдөрбүт көмүс оҕотун мүччү тутумаары, бары күүһүн, өйүн-санаатын кинини эмтииргэ, үтүөрдэн киһи гынарга уурбута. Уол улуус уонна өрөспүүбүлүкэ балыыһаларыгар уһуннук эмтэммитэ, ийэтин сымнаҕас илиитигэр угуттанан, саҥа төрөөбүт оҕо кэриэтэ хаамарга, саҥарарга үөрэнэн, киһи-хара буолбута. Ол түмүгэр, кини бытааннык да буоллар, киһиттэн өйөнөн хаамар буолан, дойдутугар эргиллибитэ.
Ыарахан ыарыы кэнниттэн доруобуйата мөлтөөбүтүн да иһин, иннин диэки дьулуһара, үтүөрэн киһи тэҥэ буоларга бигэ эрэллээҕэ. Биир дойдулаахтара уолларын туһунан: “Яша оҕолуу чараас дууһатынан тулалыыр эйгэҕэ, дьоҥҥо-сэргэҕэ киһи сыһыана хайдах буолуохтааҕын таба таайбыттыы, туохха барытыгар олус харыстабыллаахтык сыһыаннаһара. Кини айылҕа киһиэхэ күүс биэрэр, эмтиир аналлааҕар итэҕэйэрэ. Ол иһин, саха киһитин сиэринэн, быыс буллар эрэ тыаҕа тахсара, биир саастыылаахтарын кыылы-сүөлү харыстыырга үөрэтэрэ. Яша сахалыы куттаах айылҕа оҕото буолан, төрүт былыргы кылынан өрөр дьарыга тахсыылаах буолбута буолуо», — диэн этэллэр.
Яша суорҕан-тэллэх киһитэ да буолан сыттар, ийэтэ Варвара Ефимовна кылынан үлэҕэ күнүн-дьылын барыырын, сыратын-сылбатын уурарын көрөн, ийэтигэр көмөлөһөргө баҕалааҕын эппитэ. Бастаан кыл массаажкаттан саҕалаан, төгүрүк көбүөрдэри оҥорон барбыттара.
УОЛУН КЭС ТЫЛЫН ТОЛОРОН
Варвара Ефимовна чугас дьоно бары репрессияланан, соҕотох хаалбыт Варвара Яковлевна Васильева диэн соҕотох эмээхсиҥҥэ иитиллэн, кинини эбээ оҥостубута. Варвара Яковлевна суохтан баары оҥорор иистэнньэҥ эбит. Уон эрэ хонуктааҕыттан эбээтигэр иитиллэр ыйаахтаммыт Варя кыыс эбээтин-эһээтин кытары пиэримэҕэ олорбуттара. Онно эбэтэ барахсан пиэримэ сүөһүлэригэр барыларыгар ньилбэгэр быа хатарын көрө улааппыта. Куйа, хатыҥыр эмээхсин ынах-сүөһүгэ, сылгыга, таба тэриллэригэр хайдах-таах курдук элбэх быаны хаппытын кэлин улаатан эрэ баран өйдөөбүтэ, сөҕө-махтайа санаабыта. Онтон оҕонньордоох-эмээхсин кыыстарын Варяны оскуолаҕа үөрэттэрээри, Бэс Күөлгэ көһөн кэлбиттэрэ. Кыыс үөрэҕин быыһыгар эбээтигэр көмөлөһөн, түү тэбиир үлэлэммитэ. Эбээтэ сыттык хаатыгар уган биэрбит түүтүн күнү быһа таһырдьа таһааран тэбиирэ. Кыыс биир саастыылаахтарын кытары киинэҕэ барыан, оҕо курдук оонньуон баҕарара да, түү тэбиир үлэлээх буолан, арыт ытыы-ытыы хаалан хаалара. Ол да иһин, улааттахпына, бу накаастаах үлэҕэ хаһан да эргиллиэм суоҕа дии санаабыттааҕа. Кырдьыга да, иис идэтигэр эргиллибэтэҕэ, райпоҕа сэбиэдиссэйдээбитэ, биэс оҕоҕо күн сирин көрдөрбүтэ.
«… Ол гынан баран, ыар кыһалҕа тирээн кэлэн, ыарыһах уолбун кытары дьиэҕэ олорорго тиийбитим. Онон тугунан эрэ дьарыгырарбар үөһээттэн ыйаах бэриллибит курдуга. Оҕом миигин көрөн: “Ийээ, тугунан эрэ дьарыгыр”, — диир буолбута. Оччотооҕу нэһилиэк сэбиэтэ Ольга Испандярова иис араас куруһуогун тэрийбитэ. Имитиигэ, быа хатыытыгар үөрэммитим. Эбээм курдук, ньилбэкпэр быа хатар эрэ буолан баран, быа хатар хайдах курдук ыарахан уонна ыарыы¬лаах үлэтин билбитим. Онон, хаһан эрэ, оҕо сылдьан аны эргиллиэ суох буолбут идэбэр иккистээн эргиллибитим», — диэн Варвара Ефимовна оонньооботох оҕо сааһыгар эргиллэн ылар.
Онтон уолчаана оронугар сытан дьарыгыран, утуйан хаалбыт илиитэ устунан хамсаан барбыта. Аан бастаан массааска, угунньа оҥорбуттара. Онтон уол улахан үлэҕэ киир¬сиэн баҕаран, төгүрүк көбүөр оҥорон үөрдүбүт. Ефремовтар улахан кыыстара, учуутал идэлээх Любовь Павлова уруһуйдуур талааннаах буолан, үһүөн толкуйдаан, мандардаан көрүөхтэн эриэккэс үлэлэри биир-биир күн сиригэр көрдөрөн испиттэрэ.
Үс көлүөнэ Ефремовтар (эбээлэриттэн саҕалаан) иис идэтин баһылыыр кэмнэригэр барыта сонун этэ: сахалыы иистэнии, кылынан өрүү, сиэлинэн оҥоруу саҥа саҕаланан эрэрэ. Ефремовтар үлэлэринэн улуус уонна өрөспүүбүлүкэ быыстапкаларыгар ыҥырыллан, куруук бириистээх миэстэлэргэ тиксэр буолбуттара.
Яков онтон эрдийэн, санаата көнньүөрэн, аны улахан үлэҕэ ылсарга, санаммыта, эр киһи уһун сонугар ылсарга баҕалааҕын биллэрбитэ. Онон, ийэтиниин, эдьиийиниин толкуйдаан, ким да үлэтигэр маарыннаабат, элбэх толкуйтан, сыраттан тахсыбыт эр киһи соннорун өрөн, дьон биһирэбилин уонна махталын ылан барбыттара.
Маннык айымньылаах үлэ үөһүгэр сылдьан, Яша күн сириттэн күрэнэн, дьонун-сэргэтин, биир дойдулаахтарын харах уутунан сууннарбыта. Ийэ барахсан уолун сүтэрбит аһыытын биир сылы быһа кыайан аһардыбатаҕа, бэйэтэ этэринии, “дууһата ыалдьыбыта”. Ханнык да иискэ, атын үлэҕэ даҕаны сыстар баҕата уостан хаалбыта. Ол да буоллар, уолун кэриэһин санаан, күүстээх санаатын ылынан, олоххо иккистээн төннүбүтэ. Яша кэриэһэ – нэһилиэктэригэр тутуллубут Арчы дьиэтин ис-тас бараанын сахалыы оҥоруу уонна киэргэтии этэ. Түмсүүтүн иистэнньэҥнэрин уонна биир дойдулаахтарын түмэн, Арчы дьиэтин сахалыы тэриллэрин оҥорон барбыттара. Ону сэргэ, уола өлбүтэ биир сылыгар Яков Ефремов аатынан өрөспүүбүлүкэтээҕи быыстапканы тэрийбиттэрэ, 2015 с. кини үлэтин кэпсиир “Үтүөнү үксэтэ, кэрэни кэрэһилии” диэн кинигэни бэлэмнээн таһаарбыттара.
Варвара Ефимовна оскуолаҕа ахсыс кылаастарга кылынан үлэҕэ куруһуогун тэрийбитэ иккис сыла буолла. Кинилэр ортолоругар Ефремовтар төрдүс көлүөнэлэрин бэрэстэбиитэлэ – сиэннэрэ Спартак баар. Кини ахсыс кылаастан өрө үөрэнэн, убайа Яков оҥорбут сонугар көмөлөспүтүн билигин киэн тутта саныыр.
Ити курдук, эмтээҕинэн уонна араҥаччылыыр, алгыыр аналлааҕынан биллэр сылгы кылынан, сиэлинэн дьа¬рыктаныыны Ефремовтар аймах салгыы сайыннараллар, дьоннорун-сэргэлэрин куттарыгар иҥэрэллэр.
Надежда ЕГОРОВА, “Саха сирэ” edersaas.ru