Кылаас салайааччыта 9 тыһыынчаҕа диэри эбии төлөбүрү ылыаҕа
05.02.2020
Балаҕан ыйын 1 күнүттэн кылаас салайааччыларыгар федеральнай хааһынаттан 5 тыһыынча солкуобай эбии төлөбүр көрүллүөхтээх. Саха сиригэр, уопсайа, 9124 кылаас салайааччыта баар.
edersaas.ru
“Күн бүгүн өрөспүүбүлүкэҕэ кылаас салайааччылара 700-4000 солкуобайга диэри эбии төлөбүрү ылаллар. Бу, оскуола сүһүөҕүттэн, учуутал акылаатыттан, коэффициеныттан, кылааска төһө элбэх оҕо баарыттан тутулуктаах. Өрөспүүбүлүкэттэн көрүллэр төлөбүрү таһынан, федеральнай бүддьүөттэн эбии 5 тыһыынча солкуобай көрүллүөхтээх”, — диэн СӨ үөрэҕин уонна наукатын миниистирэ Владимир Егоров иһитиннэрдэ. Оччотугар, кэлэр үөрэх дьылыттан кылааһы салайар учууталар 9 тыһыынча солкуобайга диэри эбии төлөбөрү ылар буолуохтара.
Бу, дойду бэрэсидьиэнэ Владимир Путин Анал этиитигэр олоҕуран оҥоһуллар.
Людмила ПОПОВА, edersaas.ru
+1
+1
+1
+1
+1
+1
+1