Кылаан Чыпчаал ситиһиилээх Елена Маркова

09.07.2019
Бөлөххө киир:

Намҥа Олоҥхо ыһыаҕын кэмигэр маннык кэпсээни истэн кэллим:  “Былатыан Ойуунускай отутус сылларга Намҥа  Олоҥхо ыһыаҕын тэрийбит. Онно Нам олоҥхоһутугар Дьиибэ Бытыкка, кини талааныгар сүгүрүйэн, оччотооҕуга олус сэдэх малы — патефон бэлэхтээбит. Кэлин Дьиибэ Бытык бэйэтин ахтыытыгар, кинини бу дьоҕуругар Түбэ киһитэ Дьаакып Бэстирикиэп уһуйбута,
диэбит эбит. Дьаакып Бэстирикиэп — саха номоҕор киирбит сэттэ сүүс сүөһүлээх баай Бэстирикиэптэн төрүттээх киһи буолар”, — диэн.

edersaas.ru

Олоҥхо ыһыаҕын үөрүүлээхтик аһыыга, бу, Ойуунускай убайбыт олоҥхоһут Дьиибэ Бытыкка патефону бэлэхтиир түгэнэ көстөн ааспыта…  Оттон Олоҥхо ыһыаҕын сүрүн күөн-күрэһин муҥур кыайыылааҕа Елена Маркова эһээтэ Тарас Ильич Пестряков – Түбэ Үрүҥ Күөлүттэн төрүттээх киһи эбит. Тарас Ильич аҕата Илья Петрович Пестряков — Бөҕөл Ылдьаа Улуу Эбэ-Үрүҥ Күөл кырдьаҕаһа буолар. Сэттэ сүүс сүөһүлээх баай Бэстирикиэп хос-хос сиэнэ. Үрүҥ  Күөл күһүҥҥү Улуу муҥхалара саҕаланыыларыгар Эбэҕэ алгыһы кини эрэ ыытара уонна бу муҥхалары иилээн-саҕалаан сала­йара эбитэ үһү. Дьэ, онон, бу номоххо киирбит Илья Петрович Пестряков-Бөҕөл Ылдьаа хос сиэнэ  Елена  Константиновна  Маркова  Намҥа буолбут Олоҥхо ыһыаҕын сүрүн күөн күрэһин Кылаан Чыпчаалынан буолла!

Бүгүн биһиги ыалдьыппыт Елена Маркова кэпсээнин истиэҕиҥ.

“Эбэм түүлүнэн өтө көрөр дьоҕурдааҕа…”

— “Көбөкөн” сопхуос биригэдьииринэн, дириэктэринэн үлэлээбит мин аҕам Константин Константинович Лукинов өттүнэн тылга улахан дьоҕурдаах дьон Лукиновтар – быраата, нуучча тылын, литературатын учуутала Гаврил Константинович Лукинов, Үөһээ Бүлүү Дүллүкүтүгэр күтүөттээн олорон, оһуохайдьыт бэрдэ этэ. Оһуохай көрүҥнэригэр хас да кинигэлээх. Аҕам эдьии­йэ Февралина Константиновна эмиэ бибилэтиэкэҕэ үлэлээбитэ. Уопсайынан, тыл күүһүгэр итэҕэйэр уонна сүгүрүйэр, сахалыы элбэхтик ааҕар, кинигэнэн үлүһүйэр ыалга 4-с оҕонон күн сирин көрбүтүм. Бииргэ төрөөбүт 7-бит, онтон тоҕо эрэ мин соҕотоҕун ыллыыр-туойар дьарыктаахпын.

Ийэм аах төрдүлэрэ түбэлэр— Надежда Тарасовна Пестрякова (кыыс эрдээҥҥи араспаанньата) ийэтэ Елена Дмитриевна култуура үлэһитэ — ыллыыр-туойар талааннааҕа. Мин Елена диэн билигин диэн кини аатын сүгэбин.

Аҕам ийэтэ Вера Ильинична эмиэ элбэх сэһэннээҕэ, түүлүнэн, туох күүтэрин өтө көрөн билэр дьоҕурдааҕа. Онтон миэхэ эмиэ кыратык бэриллэн, олох уларыйыытын түүлбүнэн билээччибин.

— Кылаан Чыпчаал буолуоҥ иннинэ тугу түһээбиккиний?

— Олоҥхоҕо Кылаан Чыпчаал буолуом диэн 100 бырыһыан эрэл, биллэн турар, суоҕа. Үксүн үөрэнээччилэрбин, бөлөхтөрбүн кытта дьарыктана сырыттахпына, арай биирдэ түүлбэр кэллэ  — дьүһүнэ-бодото көстүбэтин иһин, көннөрү бэйэм, туох эрэ иччитэ дии саныыбын… уонна:  уҥа өттүгэр эйиэхэ Ооҕуй оҕуһу олордуохпут, кини эйиэхэ көмөлөһүө, тылгын-өскүн этэн, сэһэргээн биэрэ олоруо, — диэтэ…

Олоҥхоҕо кэлиим

— Биһиги көбөкөттөр – олоҥхоһут Прокопий Прокопьевич Ядрихинскай-Бэдьээлэ биир дойдулаахтара буоламмыт, оскуола саҕаттан олоҥхо кылгас  тойуктарын уонна аҕыйах олук тыллары үөрэтэн, саҕалаабыппыт. Олоҥхо ис хоһоонун уонна олоҥхо уустук көрүҥ буоларын аан бастаан учууталым Мария Петровна Попова билиһиннэрбитэ. Бэдьээлэ үбүлүөйдээх сылларыгар кулууп сценатыгар тахсан, олоҥхоттон быһа тардыылары көрдөрөөччүбүт. Миэхэ бухатыыр тойугун туойтараллара,  онуоха, бу оҕо күүстээх, кылыһахтаах куолас­таах эбит дииллэрин аан маҥнай истибитим…  Онтон ыла олоҥхону интэриэһиргээн, кыралаан боруобаланар буолбутум. Бүлүүтээҕи педколледжка үөрэнэ сырыттахпына, хас биирдии устудьуон бэйэтин улууһа хайдах-туох тойуктардааҕын, туох айымньылардааҕын билиһиннэриэхтээҕэ. Мин колледжка “Айылгы”  диэн фольклор ансаамбылыгар дьарыктаммытым. Бэйэм биир дойдулааҕым Бэдьээлэ олоҥхотуттан үөрэтэн, сыыйа кэнсиэрдэргэ, араас тэрээһиннэргэ кыттар буолбутум. Холобур, Бүлүүтээҕи педколледж саҥа таас дьиэтэ аһылларыгар Бастакы бэрэсидьиэн Михаил Николаевка тойуктаан баран кымыстаах чороону туттарар соругу, бачча элбэх устудьуонтан  чуолаан миэхэ, Нам кыыһыгар сүктэрбиттэрэ олус эппиэтинэстээх этэ. Ити курдук, Бэдьээлэ “Дьырыбына Дьырылыатта Кыыс Бухатыыр” олоҥхотун сыыйа барытын үөрэппитим. Ол кэнниттэн Уус Алдан олоҥхоһута Николай Бурнашов “Кыыс Дэбилийэ” олоҥхотун сөбүлээн, үөрэппитим уонна 6 сыл толорбутум итиэннэ бу олоҥхобунан өрөспүүбүлүкэтээҕи “Муҥха олоҥхотугар” ыччаттарга икки төгүл бастаабытым. Олоҥхо ыһыахтарыгар  бу олоҥхобун дьоҥҥо иһиттиннэрэн, миэстэлэһэр буолбутум.

Дьырылыаттаҕа эргиллии…

— Олоҥхо ыһыаҕар чуолаан “Дьырыбына Дьырылыаттанан” кыттан, өрөспүүбүлүкэҕэ  дьахталлартан-кыргыттартан аан бастакынан  Кылаан Чыпчаалы ситистиҥ…

— Мин быйыл “Дьырыбына Дьырылыаттабар… ” иккистээн эргилинним… Ол миэхэ олус улахан суолталаах. Хайдах суруллубутунан, хайдах баарынан, сирэ-уота, айылҕата, туох баар хараҥа-сырдык сүүрүктэрэ  хайдах ойууламмыттарынан, тугу даҕаны кылгаппакка-быспакка, иккистээн кэриэтэ үөрэтэммин, 45 мүнүүтэ толору олоҥхолоотум. Онон, миэхэ саҥа олоҥхо кэриэтэ буолла.

— Олоҥхоҕо уһуйар ньымаҥ тугуй?

— 2005 сылтан, аан бастаан Намнааҕы оҕо эйгэтин түөлбэтигэр Ефросинья Васильевна Соколова диэн бу Нам улууһугар “Дьырылыатта” оҕо фольклорнай бөлөҕүн төрүттээбит, олоҥхону үөрэтиигэ бэйэтэ туспа суоллаах-иистээх уһуйааччыны кытта биир хоско олорон, кини уҥа илиитэ буоламмын, үлэлээбит дьоллоохпун. Кини оҕолору хайдах уһуйарын, тойуктарын, кылыһахтарын хайдах эрчийэрин, күөмэйдэригэр эрчиллиилэри оҥорторорун көрөн-истэн, ол ньыматын билигин бэйэм эмиэ туттабын.

Оҕо олоҥхону тоҕо үөрэтиэхтээҕий?

— Олоҥхолуур оҕо сахалыы ийэ тылынан холкутук, сөпкө саҥарар, санаатын толору этэр-тыынар, кэп­сиир-ипсиир буолар. Ханнык баҕарар кэмпириэнсийэлэргэ, дакылаат күрэхтэригэр кыттар, үөрэҕэр ситиһиилэнэр. Ол эбэтэр, олоҥхону үөрэтэр, толорор  оҕо толкуйдуур-өйдүүр дьоҕура сайдар. Ханнык баҕар суруйууну иккитэ-үстэ аахта да — түргэнник өйүгэр тутар, ол үөрэҕэр улахан көмөлөөх.

Билиҥҥи кэмҥэ олоҥхону толоруу оҕолорго үрдүк чыпчаалга турар.  Оҕолор олоҥхонон дьарыктанан, аныгы үйэҕэ оннооҕор бэйэлэрэ хамнастаналлар. Ол курдук, билигин олоҥхоһут оҕолор бириистэрэ үксэ харчынан кэлэр. 20-лии, 30-туу тыһыынча солкуобай бэрт үчүгэй буоллаҕа — наадалаахтарын атыылаһыналлар. Уонна олоҥхолуур оҕолор, улуустарын аатын көмүскүүр буоланнар, мин санаабар, ытыс үрдүгэр сылдьаллар. Кинилэргэ улуус баһылыга, сахалыы таҥастарын тиктэллэригэр-көрүнэллэригэр анаан “Харысхал” бырагырааманан, үп-харчы аныыр. Олоҥхоһут оҕолорго “Бэс Чагда” оҕону сайыннарар кииҥҥэ босхо путевка бэриллэр. Онно Ийэ олоҥхоһуттарга дьарыктаналлар, эрчиллэллэр, маастар-кылаастары ылаллар, талааннаах дьоннуун билсэллэр. Бу барыта эдэр олоҥхоһукка аартыктары арыйар…

Олоҥхону бэйэҥ айаҕын?

— Айан суруйуохпун баҕарабын. Ол эрээри, билигин оҕолору үөрэтэр, уһуйар буоламмын, бириэмэ ситэ булбаппын. Сүрүн үлэм — З.П.Винокуров аатынан Оҕо искусствотын оскуолатыгар фольклор кылааһын салайааччытабын, 24 оҕону үөрэтэбин. Нам 1-кы оскуолатыгар, начаалынай оскуо­лаҕа, Нам улуустааҕы гимназия­тыгар, “Дьырылыатта” оҕо фольклорнай бөлөҕөр – уопсайа 300-тэн тахса оҕону дьарыктыыбын.

Саха фольклоругар интэриэс улаат­та. Инньэ гынан, аны улахан дьон баҕатын учуоттаан, 2018 сылтан П.П.Ядрихинскай-Бэдьээлэ аатынан Олоҥхо дьиэтин иһинэн “Дьырылы”, “Күбэй Хотун” фольклор бөлөхтөрүн дьарыктыыбын. Итиэннэ ыччаттарга “Тэгил” диэн бөлөхтөөхпүт.

«Айар кутум аҕалара»

– Айар үлэҕэр өйүүр, көмөлөһөр дьонуҥ кимнээҕий?

— Олоҥхоҕо уонна саха төрүт фольклорун үөрэтэрбэр, тарҕатарбар сүрүн күүс буолбут дьоннордоохпун. Мин кинилэри “Айар кутум аҕалара” диэн ааттыыбын. Ол курдук, дойдубар Нам улууһугар норуот ырыаһыта, тойуксут, олоҥхоһут Константин Никонович Тихоновы  ааттыыбын. Олус махтанабын. Аан бастаан миигин кини өйдөөн көрбүтэ. Олоҥхо ыһыахтарынан сырытыннарбыта. Мин үһүс кыыспын оҕолонон олорор буолан, бастакыга, Сунтаарга буолбут Олоҥхо ыһыаҕар эрэ сылдьыбатаҕым. Онон, дойдубар, 12-һин кыттыбыт Намҥа буолбут Олоҥхом ыһыаҕар  Кылаан Чыпчаалы ылыым ордук үөрүүлээх, долгутуулаах.

Махтана ааттыыбын Дмитрий Иванович Кривошапкины, Ефросинья Васильевна Соколованы. Бу үс киһи мин олохпор, айар үлэбэр сабыдыаллара улахан.

Итиэннэ, биллэн турар, олоҕум аргыһыгар, мин туспар сүүрэр-көтөр, кыһаллар кэргэммэр Степаҥҥа махтанабын. Үс кыыспытын фольклорга бэйэм үөрэтэбин. Кэргэним эмиэ “Тэгил”  бөлөххө дьарыктанар.

— “Колми” ХЭТ туруорбут кылаан бирииһин – УАЗ массыынаны туттуҥ. Массыынаны ыытаҕын?

—Ыытарга кыралаан үөрэнэ сылдьабын, ол гынан баран, дьэ, тиэхиньикэ диэн ыарахан соҕус эбит… Мин олоҥхону төһө баҕарар үөрэтиэхпин сөп, оттон суол быраабылалара диэн, дьэ, олус уустук, судургута суох дьыала быһыылаах…

  Кэпсээниҥ иһин махтал, Елена! Ситиһиилэри баҕарабын!

— Махтал!

* * *

Биир дьиктитэ баар — Олоҥхо ыһыаҕа аһыллыан биир хонук иннинэ аан бастакы тэрээһиҥҥэ Олоҥхо дьиэтигэр быыстапка аһыллыытыгар тиийэн кэлбиппитигэр, дириэктэр Вера Колпашникова мин көрдөһүүбүн ылынан, П.Ядрихинскай-Бэдьээлэ аатынан Олоҥхо дьиэтин туһунан кэпсээнин, атын туохтан, кимтэн да буолбатах — чуолаан бу, 300-тэн тахса оҕону олоҥхоҕо, тойукка, төрүт култуураҕа уһуйар Елена Марковаттан чуо саҕалаабыта…

Татьяна МАРКОВА, edersaas.ru

 

Мария ВАСИЛЬЕВА хаартыскаҕа түһэриилэрэ.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0