ВИДЕО: «Кыл Саха» саҥа килиибэ күн сирин көрдө

12.04.2020
Бөлөххө киир:

Бэйэтин ураты үлэтинэн кэрэхсэтэр, сэҥээрдэр “Кыл Саха” төрүт дорҕооммут бөлөҕө бастакы “Алгыстаах дорҕоон” килиибэ бу күннэргэ “Саха” көрдөрөр-иһитиннэрэр хампаанньа ханаалыгар күн сирин көрөн сүрэхтэннэ.

edersaas.ru

Бу дириҥ ис хоһоонноох үлэ туһунан бөлөх салайааччыта Анна Томскаяны кытта кэпсэттибит.

—       Биһиги   2014 сыллаахха тэриллиэхпититтэн ыла килиип таһаарыахпытын баҕарбыппыт, онно үлэлэспиппит. Бастакы килииппит үнүстүрүмүөннэрбит уратытын көрдөрүөхтээх, дьиэрэтиибитин иһитиннэриэхтээх, оһуохайбыт дорҕоонун биэриэхтээх диэн режиссер Дмитрий Никаноровтыын сүбэлэһэн, толкуйдаан үлэлээтибит. Муусукатын Леонид  Ивановтуун-Лүҥкүрдүүн эрдэ устубуппут. Сергей Зверев—Кыыл Уола матыыбыгар импровизационнай оонньооһун, ол аата тутатына холонуу. Бастакы килииппитин саха норуотун кутун-сүрүн бэйэтин өйүгэр-санаатыгар иҥэрбит, саха төрүт култууратыгар сүппэт сүдү бэлиэни хаалларбыт улуу киһибит Кыыл Уола төрөөбүтэ 120 сааһыгар анаатыбыт, бэйэбит айар үлэбитинэн сүдү киһибитин айхаллыыбыт-уруйдуубут.

Килиип устарбытыгар күүс-көмө буолбут дьоммутугур махталбытын этэбит. “Кыл Саха” тэриллиэхпититтэн өйүүр Дьокуускай куорат дьаһалтатын култуураҕа уонна духуобунаска салалтатын начаалынньыга Антонина Корякинаҕа, ытыктыыр доҕотторбутугар Валентина уонна Василий Атласовтарга, Б.Ойуунускай аатынан Саха академичекай тыйаатырын режиссера Руслан Тараховскайга. Түгэнинэн туһанан, Сахабыт Өрөспүүбүлүкэтин Култууратын уонна духуобунай сайдыытын министиэристибэтигэр махтанабыт. Эһиги өйөөһүҥҥүтүнэн төрүт дорҕооҥҥо үлэ күүскэ барар уонна инникилээх-кэскиллээх үлэлии сылдьар Сергей Зверев-Кыыл Уола аатынан Үҥкүү тыйаатырбытыгар, СӨ Олоҥхо тыйаатырыгар итии-истиҥ тылларбытын тириэрдэбит. Билигин аан дойдуга ыарыы-дьай кэмигэр, барыбытыгар уустук бириэмэҕэ “Алгыстаах дорҕоон” диэн ааттаах бастакы улахан килииппит киэн эйгэҕэ таҕыста. Төрүт дорҕооммут тыаһыгар санаабытын сааһылыах, уоскуйуох, инникигэ эрэллээх буолуох диэн барыгытын ыҥырабыт.

ххх

Кэлиҥҥи кэмҥэ саха төрүт үнүстүрүмүөнүн кылыһаҕы – кыл струналааах кырыымпаны сөргүтүү, оҥоруу уонна онно оонньооһун тэтимнээхтик сайдар. 2014 сыллаахха «Кыл Саха» төрүт дорҕоон бөлөҕө тэриллибитэ. Бөлөх маастара уонна солиһа – Руслан Габышев, салайааччы – Анна Томская. Бөлөххө Сергей Афанасьевич Зверев-Кыыл Уола аатынан Үҥкүү тыйаатырын национальнай аркыастырын муусукааннара, Олонхо тыйаатырын артыыстара, Дьокуускайдааҕы музыкальнай кэллиэс уонна Арктикатааҕы култуура уонна ускуустуба институтун уһуйааччылара төрүт дорҕоон сайдыытыгар, киэн эйгэҕэ тарҕаныытыгар бэриниилээхтик үлэлии сылдьаллар. Бу бөлөх уратыта — үнүстүрүмүөннэрэ кыл устурууналаах, саха төрүт дорҕоонун, кылыһаҕын чопчу биэрэр. Айылҕаттан айдарыылаах маастар Руслан Габышев көмүс тарбахтарыттан чочуллан тахсыбыт көмүлүөк быһыылаах саха кыла дьон-сэргэ, муусука эйгэтин идэлээхтэрин сэҥээриилэрин ылла. Бөлөх Сахабыт сиригэр, Арассыыйаҕа, тас дойдуларга да номнуо бэйэтин аатын киэҥник ааттатта.

Надежда ЕГОРОВА, “Саха сирэ”, edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0