«Кыл Саха» уонна «Дэгэрэҥ эйгэтэ» сахалыы муусука кэнсиэригэр ыҥыраллар

Ааптар: 
Бөлөххө киир:

Олунньу 4 күнугэр киэһэ 16:00 уонна 18:30 чаастан «Кыл Саха» @kyl_sakha төрүт дорҕоон бөлөҕө уонна Христофор Максимов аатынан саха ырыатын-тойугун сайдыытыгар өйөбүл пуондата «Дэгэрэҥ эйгэтэ» саха ырыатын, муусукатын кэнсиэригэр ыҥыраллар.
Кэнсиэргэ кыттыыны ылыахтара: Дмитрий Иванов, Варя Аманатова, Мичийэ, Михаил Санников, Павел Семёнов — Байбал, Иннокентий Максимов, Василий Местников, Александр Дьячковскай-Саарын, Ньургуйаана Никитина, Сахаайта Мойтохонова, Василий Неустроев-Баян Бааска, Артур Семёнов, Туйаара Софронеева.

Буолар сирэ: Ленин уул.47, Камернай саалата
Билсэр тел.: 8-962-739-35-53, 8-964-423-47-89

«Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0