«Мир Сибири» диэн ааттаах аан дойдутааҕы этническэй муусука бэстибээл-куонкуруһа от ыйын 7-9 күннэригэр Красноярскай куорат чугаһыгар Шушенскай бөһүөлэккэ буолан ааспыта.
edersaas.ru
Бу үрдүк таһымнаах албан ааттаахтар, суон сурахтаахтар түһүлгэлэригэр «Инструментальнай толоруу» номинацияҕа Башкирия, Удмуртия, Монголия, Саха сирин этническэй муусука күүстээх толорооччулара кытаанах сүүмэрдээһини ааһан ыҥырыллыбыттара. Саха сириттэн «Кыл саха» бөлөх ситиһиилээхтик кыттан, “Аан дойду бириэмийэтэ” лауреат үрдүк аатын ылла.
Куонкуруска Руслан Габышев, Вероника Лыткина, Афанасий Федоров, Анна, Афанасий Томскайдар, Анюта Иванова, Зоя Васильева, Дмитрий Винокуров, хомусчут Артур Семенов көрөөччү да, дьүүллүүр сүбэ да сэҥээриилэрин, хайҕалларын ыллылар. Ансаамбыл сүбэһитинэн Сергей Зверев—Кыыл Уола аатынан Үҥкүү тыйаатырын оркестрын уус-уран салайааччыта уонна сүрүн дирижера, СӨ искусстватын үтүөлээх деятелэ Николай Петров буолар. Үрдүк таһымнаах дьүүллүүр сүбэ үгүс омук тыаһыттан арааран, урукку үйэлэр улаҕаларыттан кэлбит былыргы дорҕоону сэҥээрдэ, бастыҥынан аахта.
Улуу Енисей модун долгуннара саха доҕуһуолун ыра курдук ыраахха ыыттылар, арҕастарыгар сүгэн аарааҥҥа диэри аргыстастылар…
х х х
Ханнык баҕарар омук атын омуктарга суох, национальнай сүрүн уратылаах төрүт-уус ырыалаах-тойуктаах, муусукалаах. Онно сөп түбэһэр туспа үстүрүмүөннээх буолар. Сахаҕа музыкальнай уратыбыт кылыһахтаах тойукпут, оһуохайбыт баар. Оттон кинилэри үүт-үкчү үтүктэн доҕуһуоллуур үстүрүмүөммүт — кыл буолар.
Саха туһа диэн сылайары билбэт сындааһыннаах, омук туһа диэн уоскулаҥы умнубут «Кыл сахалар» куппут түгэҕэр сөҥө сыппыт сахабытын уһугуннаран, тилиннэрэн, тылыннаран долгуттулар, үөртүлэр.
Икки сыллааҕыта талааннар түмсэннэр, бэттэр булсаннар, Дьокуускай куоракка саха национальнай оркестрын иһинэн «Кыл саха» бөлөх тэринэн (салайааччы СӨ култууратын туйгуна, РФ тыйаатырын диэйэтэллэрин сойууһун чилиэнэ Анна Томская), улуу сахтар саҕанааҕы сүтэ сыспыт дорҕоону тилиннэрэр сүҥкэннээх үлэҕэ туруммуттара. Бэрт аҕыйах күүстээх санаалаах мусукааннар, төрүт дорҕоон төрдүн таба тайаммыт, дьиҥ сахалыы куттаах маастар, импровизатор-толорооччу Руслан Габышевы тула мустан бииртэн биир үрдэлтэн үрдээн, арыйыылартан арыллан иһэллэр.
Бастаан тэриллэригэр бөлөх «Кыл кырыымпа» диэн ааттаах этэ. Онтон ырытан көрөн бараннар, кырыымпа диэн – ааттыын скрипка, устурууналыын тимир диэн, үстүрүмүөннэрин аатын кыл диэн уларыппыттар. Кыл – кылыһах, аатыгар да баар, айылҕата, айылгыта – кылы һах диэн, онон «Кыл саха» буолаллар. Көһөҥө көмүстэр бу дьонуҥ. Итинник этэрим оруннаах – үлэһит дьон буолалларын билэрим бэрт. Бастаан саҕалыыр хаһан да ыарахан, аны кылга оонньуур – таарый да тыас биэрэр тимир устуруунатааҕар уонунан уустугун эт хааннарынан, тарбахтарын иминэн биллэхтэрэ аҕай. Төһөлөөх сыранан ситиһии ситиспитин, араас моһоллору этэҥҥэ туораан билинии кэлбитин бэйэлэрэ билэн эрдэхтэрэ. Үөгүлүүр үп, хаһыытыыр харчы хабалатыттан, барыһырар баҕаттан батыммыт сэмэй дьон.
х х х
Бу айаны үтүө санаанан үбүлээбит, өйөөбүт, көмөлөспүт СӨ култууратын уонна духуобунай сайдыытын миниистиригэр Владимир Тихоновка, Дьокуускай куорат (А.Н.Корякина) уонна Мэҥэ Хаҥалас улууһун (С.М.Холмогоров) култууратын управлениеларыгар, «Саха сирин тимир суоллара» АУо, “Якутия” АУо, «Туймаада» ФАПК, «Чороон ХХI үйэ» хампаанньаҕа, А.М. Семеновка, Я.Ю. Барабановка, ону таһынан Альбина Дегтяреваҕа мусукааннар ис сүрэхтэриттэн махтаналлар.
Бу бөлөх оонньоотоҕуна, үгүс киһи кута долгуйарын, бэйэлэрэ да билбэттэринэн ураты уоскуйуу, сынньалаҥ туругар киирэллэрин бэлиэтииллэр. Ол эбэтэр бэйэбитигэр баар тыас эрэ киһини долгутар, аймыыр кыахтаах, хайа да атын омук муусуката итинник турукка киллэрбэт буолуохтаах. Саха саҥнаах сайдарыгар, ис кута бөҕөргүүрүгэр хас биирдиибит испитигэр кистэнэ сылдьар бэйэбит тыаспыт-ууспут, дорҕооммут алкыйан тахсарыгар «Кыл саха» бөлөх улахан сабыдыаллаах.
«Кыл саха» бөлөх тэриллиэҕиттэн араас сирдэринэн бэстибээллэргэ, кэмпириэнсийэлэргэ кытынна – Карелияҕа, Казахстаҥҥа, Бурятияҕа, Санкт Петербурга, Москваҕа. Саха төрүт дорҕоонун сэҥээрэн Америка, Турция тэлэбиидэнньэлэрэ кэлэн устубуттара, уруулуу түүр омуктар төрүт дорҕоону сэҥээрээччилэрэ олус улахан сыанабылы биэрэллэр. Арассыыйа композитордарын сойууһун бэрэссэдээтэлэ Р.Ф. Калимуллин: «Бу ансаамбыл бэйэлэрин үстүрүмүөннэринэн сахалыы төрүт дорҕооҥҥутун таһааран ыллатта. Кимиэхэ да мааарыннаабат, хатыламмат, дэҥҥэ көстөр бөлөх», – диэн Саха сирин композитордарын IX сийиэстэригэр эппитэ. Мусукааннар дьиҥ саха дорҕооно тарҕанарыгар үгүс өрүттээх, элбэх хайысхалаах үлэни ыыталлар. Ол иһигэр, кэнсиэртэргэ, бэстибээллэргэ, араас тэрээһиннэргэ кыттыы, маастар-кылаастары, куурустары ыытыы уо.д.а. Быйылгы ыһыахтарга (чуолаан Туймаада, Мииринэй ыччат, Амма улууһун ыһыахтарыгар) кыл кэрэ дорҕооно айылҕа тыаһыныын, алгыстыын алтыһан саха киһитин сүрэҕин иһинэн киирдэ.
Мария ГАБЫШЕВА, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru