«Кыһыл көмүс хоруоп» абылыыр күүһэ

Ааптар: 
07.07.2018
Бөлөххө киир:

Былатыан Ойуунускай аатынан Саха академическай тыйаатырыгар бу күннэргэ Дмитрий Федоров-Дмитрий Таас сэһэнинэн туруоруллубут мүччүргэннээх түгэннэрдээх «Кыһыл көмүс хоруоп» испэктээк көрөөччү дьүүлүгэр таҕыста.

edersaas.ru

Режиссер Руслан Тараховскай чаҕылхай буочара бу айар үлэтигэр эмиэ көһүннэ. Саха классиктарын туруорарга холонор аныгы үйэ эдэр режиссера ааспыт XX үйэ олоҕун арыйыыта сонун уонна кэрэхсэбиллээх. Кини Николай Якутскай «Төлкө» диэн романынан оҥоһуллубут инсценировката көрөөччү болҕомтотун улаханнык тарпыта. Бу испэктээк да оннук көрөөччүнү бэйэтигэр улаханнык тардыыһы.

Быыс аһылларын көрөөччүлэр эрэнэ күүттүбүт: «Дьэ, тугу көрөн астынабыт бүгүн?» Дмитрий Таас «Кыһыл көмүс хоруоба» киһи биир тыынынан көрөр туруоруута буолан үөртэ. Ааспыт үйэ дьалхааннаах 30-с сыллара. Күөх Тумул сэлиэнньэтигэр кэпэрэтиип бирикээсчитинэн үлэлии сылдьар Кириһээн Макаарабы оҕо эрдэҕиттэн «дэриэтинньик сиэнэ» диэн сирэй-харах анньаллара. Дьон кэпсииринэн, былыр кини эһэтэ Дугуйа Ньукуу Унньулла кинээс диэн аатырар баай киһиэхэ хамначчыттыы сылдьан, эмискэ «куһаҕан өлүүттэн» өлөн, илэ дэриэтинньик буолбута үһү…

Испэктээк бу маннык саҕаланар.  Көрөөччү тута 30-c сылларга түбэһэ түһэр. Артыыстар таҥастара-саптара, тутта-хапта сылдьаллара, туруоруу уота-күүһэ, муусуката — оччотооҕу кэм бэркэ ойууланар.

Кириһээн оруолун толорбут эдэр артыыс Николай Протасов «Кыһыл көмүс хоруопка» сулустаах чааһа умайда диэтэхпинэ, арааһа, сыыспатым буолуо. Хара маҥнайгыттан кини дьоруойун олоҕор, тыҥааһыннаах түгэннэригэр Кириһээнниин тэҥҥэ «түбэһэн», быһата, артыыс оруолугар киирэн бараҕын.

Эдэр артыыс көрөөччү дууһатын кылын маннык таарыйыыта – айар үлэ эйгэтигэр чаҕылҕай саҕалааһын. Уол дьоҕурдаах да, талааннаах да эбит. Онон мантан инньэ Николай Протасов аатын дорҕоонноохтук ааттатарыгар эрэл баар.

Татьяна Легантьева (социальнай ситимнэргэ «Туллук» аатынан биллэр)  бэйэтин уобараһын Кэтэриинэни – учуутал кыыһы эмиэ бэркэ оонньоото.

Эдэр дьон икки ардыгар таптал кыыма күөдьүйүүтүн бу икки артыыс олус иһирэхтик оонньоон, көрөөччүнү бэйэлэригэр ордук тартылар, нарын таптал баарын итэҕэттилэр.

Оттон Кууһума остуорас ойоҕо Суоппуйа барахсан кылгас уонна эрэйдээх олоҕун артыыс Ильяна Павлова олус да итэҕэтиилээхтик оонньоото! Эдэр дьахтар бандьыыт чиччиктэригэр күүһүлэнэн, кинилэр оонньуурдара буолан, бэркэ эрэйи көрөн айманара, ытыыра, «абырааҥ…» диэн ааттаһара киһи уйулҕатын хамсатар.

Ильяна аата баар испэктээктэрин мин биир бэйэм анаан эккирэтэн көрөбүн. Ханнык да уобарас буоллун: мэник кыыс, атаах дьахтар, олоҕор ыар охсууну ылбыт эмээхсин – оруолун олох арылхайдык арыйар талааннаах айар куттаах артыыс. Бу да сырыыга «Кыһыл көмүс хоруоп» Ильяна Павлова Суоппуйатын олоҕунан дириҥ, сытыы ис хоһооннонно.

Бандьыыттартан куотан иһэр Кириһээн уол «тыла суох» оҕонньору кытта көрсүһүүтэ көрөөччүгэ үгүс толкуйу үөскэтэр: уолга — эһэтэ буоларын таайбат дуо, оҕонньорго – сиэнин сүрэҕэ сэрэйбэт дуо? Кинилэр көрсүһүүлэриттэн ыла наар таайа олороҕун: хаһан, ханнык түгэҥҥэ кырдьык арылларый?

Онтон эһээлээх сиэн оҕонньор өлөр чааһыгар букатыннаахтык быраһаайдаһар кэпсэтиилэрин истэ олорон, киһи уйадыйар: оҕонньор барахсан кэнэҕэс ыччаттарын кэскилин харыстаан, үтүө аатын киртиппэккэ, кыһыл көмүс хоруоп кистэлэҥин туһунан кимиэхэ да кэпсээбэккэ, сиргэ көмүллүбүт  баайынан уоран туһаммакка, «дэриэтинньик» аатыра сылдьыбыт. Ол ону сиэнэ Кириһээн өйдөөн, эһээтигэр махтаныан махтаннаҕа.

Ыччат артыыстары кытта норуот сөбүлүүр артыыстара оонньууллара испэктээги олус киэргэтэр, дириҥ ис хоһооннуур. Ол курдук, көрөөччү таптыыр артыыската Изабелла Николаева Сургууһут ойоҕун Суон Маарыйаны олус бэркэ оонньоото. Ол да иһин испэктээк бүтэһигэр артыыстар бокулуоҥҥа тахсыыларыгар, Изабелла Николаева махталлаах көрөөччү дохсун ытыс тыаһын хомуйда.

Испэктээк бүтүүтүгэр Кириһээн үөрэххэ барар. Кэтэриинэлиин быраһаайдаһар түгэннэрэ – кылаабынай дьоруой олоҕор хайаан да ситиһиилээх киһи буоларыгар итэҕэтэр. Кэтэриинэ быраһаайдаһа турар түгэнин өр көрдөрдүлэр. Онно эдэр дьон хайаан да дьылҕаларын холбуохтара, Кириһээн саҥа олоҕу түстүүр ытыктанар уонна убаастанар салайааччы буолан, эһэтин Дугуйа Ньукуу аатын киэн тутта ааттатыаҕа диэн санаа үөскүүр.

«Кыһыл көмүс хоруоп» детектив жанрыгар оҥоһуллубут испэктээк буолан, киинэ курдук. Бэйэҥ да билбэккинэн, оннооҕор кылгас тохтобул — антракт кэмигэр тулуйбакка, салгыы туох буоларын, дьоруойдаргын көрө охсоору, испэктээк иккис чааһын кэтии олороҕун.

Тапталлаах артыыстарбытын ытыс тыаһынан доҕуһуоллатан атаарыыга, сцена быыһа сабылларыгар: «Ама, испэктээк бэлиэр бүтэн хаалла дуу?» — диэн хомойоҕун. Бу буолар тыйаатыр абылыыр күүһэ!

Дьэ, онон, күндү доҕоттор, «Кыһыл көмүс хоруобу» хайаан да көрүҥ.

Елена ПОТОЦКАЯ, “Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru

 Ааптар хаартыскаҕа түһэриитэ.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0