Кыбартыыраҥ өрөмүөнүн ороскуота төлөнөр

11.10.2017
Бөлөххө киир:

Ааҕааччы суруйар: «2015 с. ахсынньы 29 күнүгэр РФ Судаарыстыбаннай Дуумата элбэх кыбартыыралаах уопсай дьиэҕэ олорооччулар хапытаалынай өрөмүөҥҥэ төлүүр усунуостарын толуйуу туһунан сокуону регионнар бэйэлэрэ ылыналларыгар быраап биэрбиттээх. Онно олоҕуран, Саха Өрөспүүбүлүкэтин бырабыыталыстыбата 2016 с. атырдьах ыйын 28 күнүгэр 307 №-дээх уурааҕы ылыммыта. Уураахха ыйылларынан, элбэх кыбартыыралаах дьиэҕэ олорор 70 уонна 80 саастарын туолбут биэнсийэлээхтэр хапытаалынай өрөмүөҥҥэ төлөөбүт суумаларыттан: 70 саастаахтартан үөһээ – 50 бырыһыана, оттон 80 саастаахтартан үөһээ 100 бырыһыана төннөрүллэр.

edersaas.ru


Бу толуйуу субсидия агентствотын нөҥүө харчынан төлөнүөхтээх. Дьэ, маны ыларга уончаҕа чугаһыыр араас ааттаах-суоллаах докумуон куоппуйалара ирдэниллэр. 70 уонна 80 саастарын ааспыт  кырдьаҕастар доруобуйаларын туруга хайдаҕын бэйэҕит сэрэйэр буолуохтааххыт. Ким атаҕа ыалдьар, ким кыайан истибэт, ким кыайан көрбөт, о.д.а. ыарыылар баалаабыт дьонноро буолаллар. Дьэ, олор бэйэлэрэ «сүүрэн-көтөн», көтөх муҥунан араас докумуону сүгэн-көтөҕөн субсидия агентствотыгар туттарыахтаахтар үһү. Сокуон ирдэбилэ оннук дииллэр.

Ол эрэн, сокуону киһи суруйар уонна киһи толорор. Сокуону суруйааччылар бары эдэрдэрэ биллэр, онон кырдьаҕастар доруобуйаларын кыһалҕаларын кинилэр билбэттэр. Олоххо көстөрүнэн, элбэх кыбартыыралаах уопсай дьиэҕэ олорооччулар тустарынан чахчылар уопсай дьиэлэргэ өҥө оҥорор коммунальнай ситимнэргэ бааллар. Тоҕо диэтэххэ, ол саҕана уопсай дьиэни биэрэллэригэр эмиэ элбэх докумуону ирдээн ылан баран эрэ кыбартыыраны биэрэллэрэ. Онон, уопсай дьиэни бас билэр тэрилтэ субсидия агентствотын кытары хардарыта аахсара тоҕо сатамматый? Баҕардахха, сатаныахтаах.

Ону таһынан, биир биэнсийэлээх усунуос кээмэйин сокуоннайа суох үрдэтэн тутталларын туһунан өрөспүүбүлүкэ борокуратууратыгар тиийэ үҥсүбүт даҕаны, сөптөөх хоруйу ылбатаҕын туһунан хаһыакка суруйан турардаах. Бу боппуруоһу сиэрдээхтик, сокуоннайдык быһааралларын оннугар тэрилтэттэн тэрилтэҕэ көлбөрүтүү түгэннэрэ көстөллөр.

Ити курдук, бииртэн биир мэһэйдэр тахсан иһэллэр. Аҕамсыйбыт уонна кырдьаҕас дьон сорохтор туох докумуон ирдэниллэрин да билээхтээбэттэрэ баар суол. Онон, хаһыат элбэх кыбартыыралаах дьиэҕэ олорооччулар хапытаалынай өрөмүөннэригэр сыһыаннаах быраабылалары билиһиннэрэргит буоллар».

Прокопий Васильев

Маны билэр ордук

Хапытаалынай өрөмүөн иһин компенсация Саха сиригэр 2016 сыл ыам ыйыттан төлөнөр. Хаһан баҕарар, саҥа саҕалааһын олоххо киирэригэр иирбэ-таарба боппуруостар үөскүүллэр, сорох дьон билбэтиттэн сылтаан, туһаныахтааҕын да туһаммакка хаалар.

— Нэһилиэнньэ чэпчэтиилэринэн туһанар араҥата хапытаалынай өрөмүөн төлөбүрүттэн босхоломмот. Кинилэр хапытаалынай өрөмүөн усунуоһун туһаныллар тариф кээмэйинэн төлүөхтээхтэр. Арай, механизма атын – ол эбэтэр өрөмүөҥҥэ туттубут ороскуоттара төннөрүллэр. Ороскуоттарын компенсациялааһын социальнай өйөбүл тус сыаллаах дьаһалынан буолар.

— Сайабылыанньалары тутуунан уонна компенсация төлөбүрүнэн «Субсидиялар агентстволара» ГКУ дьарыктанар. Докумуоннары эбэтэр Элбэх функциялаах кииҥҥэ (МФЦ) туттарыахха сөп. Нэһилиэнньэҕэ табыгастаах буоларын туһугар сайабылыанньаны уонна докумуоннары «Субсидиялар агентстволарыгар» сакаас-суругунан ыытар кыах эмиэ бэриллэр.

— Компенсация олорор дьиэни бас билэр, соҕотоҕун олорор, үлэлээбэт кырдьаҕаска (ону сэргэ, дьиэҕэ бииргэ олорор дьиэ кэргэнин састаабыгар киирсэр үлэлээбэт кырдьаҕастардаах киһиэхэ төннөрүллэр: 70 саастарын ааспыттарга – 50%, 80 cаастаахтарга – 100%.

— Компенсация кээмэйэ хапытаалынай өрөмүөн усунуоһун муҥутуур кыра кээмэйиттэн таһаарыллар (олорор дьиэ уопсай иэнин 1 кв.миэтэрэтигэр). Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр муҥутуур кыра төлөбүр кээмэйэ таас дьиэлэргэ – 3.50 солкуобай, мас дьиэлэргэ 3,00 солкуобай.

— Компенсация ыларга сайабылыанньа суруйуохха наада. Эбэтэр докумуоннары хомуйан, дьиэ кэргэн бэрэстэбиитэлэ туттарыан сөп.

— Сайабылыанньа биэрбит киһи түбэһэр араҥата тустаах ирдэбиллэргэ эппиэт­тээбэт, сыыһа сибидиэнньэлэри биэрбит уонна хапытаалынай өрөмүөҥҥэ иэстээх буоллаҕына, субсидия агентствота аккаастыан сөп.

Ханнык докумуоннар наадаларый?

Пааспар куоппуйата;

— кыбартыыраны бас билэр бырааба регистрацияламмыт сибидиэтэлистибэ куоппуйата (баҕа өттүнэн);

— дьиэ кэргэнин састаабын туһунан ыспыраапка (баҕа өттүнэн);

— үлэлээбэтин бигэргэтэн үлэ киниискэтин куоппуйата;

— кэнники 12 ыйга хапытаалынай өрөмүөҥҥэ төлөбүрү оҥорбутун туһунан кибитээнсийэ;

— дьиэ кэргэнин чилиэннэрэ тус чахчылары туһанарга сөбүлэҥнэрин биэриилэрэ;

— бааҥҥа счет реквизиттэрэ ыйыллыбыт докумуон куоппуйата.

Саха сиригэр 70-тан үөһээ саастаах дьон ахсаана 40 тыһыынчаҕа тиийэр. Куораттарга бу араҥаҕа түбэһэр 25 тыһыынча курдук кырдьаҕас олорор. Ол гынан баран, кинилэртэн хастара кыбартыыраны бас билээччи буолара чопчу учуоттаммат. Тоҕо диэтэххэ, үксүгэр кыбартыыра докумуонун оҕолор бэйэлэрин ааттарыгар оҥортороллор.

Надежда ЕГОРОВА, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0