Кыаммат ыалларга төлөбүр кээмэйэ улаатыан сөп

Бөлөххө киир:

Бэрэсидьиэн Владимир Путин ыал ыйдааҕы дохуота эрэгиийэҥҥэ олохтоммут тиийинэн олоруу алын кээмэйиттэн кыра буоллаҕына, көмө төлөбүрдэр кээмэйдэрин улаатыннарарга этии киллэрдэ.

edersaas.ru

— 2021 сыллааҕы бүддьүөккэ ити төлөбүрдэргэ үбү-харчыны көрөргө сорудахтыыбын. Бырабыыталыстыба чуолкай, судургу, өйдөнөр киритиэрийдэри олохтуохтаах. Бу биир киһиэхэ тиксэринэн, эрэгийиэҥҥэ олохтоммут тиийинэн олоруу алын кээмэйиттэн кыра дохуоттаах ыалларга эбии көмө баар буолуохтаах.

Бу иннинэ кыра дохуоттаах дьиэ кэргэттэргэ көмө баарын кини санатта. Ол курдук, кинилэргэ оҕо төрүөҕүттэн 1,5  сааһыгар диэри төлөбүр ый аайы бэриллэр. Быйылгыттан 3-7 саастаах оҕолорго төлөбүр төлөнөр буолла. Кээмэйэ – тиийинэн олоруу алын кээмэйин аҥаарыгар тэҥнэһэр.

Оччотугар бу төлөбүрдэр 2021 сылтан кээмэйдэрэ улаатыан сөп.

Ангелина Васильева, “Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru

Хаартыска: интэриниэттэн

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0