Кыаммат дьоҥҥо, элбэх оҕолоох ыалларга көмө улаатта

25.04.2017
Бөлөххө киир:

Муус устар 21 күнүгэр Ил Дархан Егор Борисов «О социальной поддержке отдельных категорий граждан в Республике Саха (Якутия)» диэн ыйаахха илии баттаата. Бу докумуон кыаммат уонна элбэх оҕолоох ыалларга анаммыт аадырыстаах көмөҕө, дьарыктаах буолууга, социальнай өйөбүлгэ ситимнээх үлэни мэктиэлиир.

Ангелина ВАСИЛЬЕВА, “Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru


Хас да ый устата тустаах министиэристибэлэр көмөнү олоххо хайдах киллэрэр туһунан толкуйдаабыттара, бэлэмнээбиттэрэ. Ил Дархан бу иннинэ өрөспүүбүлүкэ араас улуустарыгар тиийэн, элбэх оҕолоох ыалларга сылдьан, кэпсэтэн, маннык көмө наадалаах эбит диэн түмүккэ кэлбитэ.
Олохтоох дьаһалталар ким туох көмөҕө наадыйарын испииһэктээн, сайаапкалары хомуйаллар. Тыа сиригэр төлөнөр уопсастыбаннай үлэҕэ быстах кэмҥэ үлэтэ суох дьону хабан, дьарыктаах буолалларыгар көмө оҥоруохтара. Сыл аайы 100 нэһилиэккэ биирдии мөлүйүөн солк. бэриллиэҕэ. Бу суума кыаммат дьоҥҥо субсидия быһыытынан, хаһаайыстыбаларын сайыннаралларыгар туһуланыаҕа.

* Оҕоҕо бэриллэр босуобуйа балтараа төгүл улаатыаҕа. Бу көмө ыйдааҕы тиийинэн олоруу алын кээмэйиттэн кыра дохуоттаах дьоҥҥо бэриллэр. 18 саастарын туола илик оҕолор өрөспүүбүлүкэҕэ баар мусуойдарга босхо сылдьыахтара. Маны таһынан, биэстэн элбэх оҕолоох дьиэ кэргэн чилиэннэрэ өрөспүүбүлүкэ уонна муниципальнай тэриллиилэр бас билиилэригэр баар култуура уонна спорт тэрилтэлэригэр босхо сылдьар кыахтаныахтара.
* Ыарахан балаһыанньаҕа түбэспит кыаммат дьоҥҥо уонна ыалларга аадырыстаах тус көмөнү оҥорууга 2 төгүл, үлэтэ суох дьон дьарыктаах буолууларын хааччыйыыга 3 төгүл, тыа сиригэр уопсастыбаннай үлэни тэрийиигэ 3,5 төгүл, үлэ көрдүүр дьону быстах үлэнэн хааччыйыыга 7 төгүл үбүлээһини улаатыннарыахтара.
* Ону тэҥэ, социальнай хантараак бырагырааматын үбүлээһинэ эмиэ 1,5 төгүл эбиллиэҕэ.
* 2018 сылтан чэпчэтиилээх тарыып көрүллүбүт оройуоннарыгар, олорор дьиэни уотунан ититиигэ холботторууга, сорох дьон тус аадырыстаммыт көмөнү ылалларыгар барыта 25 мөл. солк. көрүллүөхтээх. Бу көмө гааһынан уонна киин ититиигэ холбонууга эмиэ сыһыаннаах.
* Ил Дархан уурааҕар элбэх оҕолоох кыаммат ыалларга төрүүр дьиэттэн тахсарга кыһыл оҕо таҥаһын кэмпилиэгин, спортивнай уонна үөрэнээччи куорматын атыылаһарга ый аайы төлөбүр оҥоһуллуохтааҕа, 3 сааһыгар диэри оҕо аһылыгынан хааччыйыы көрүллүөхтээҕэ ыйыллар.
* Оҕо үс сааһыгар (элбэх оҕолоох ыалларга 6 сааһыгар) диэри быраас ырысыабынан босхо эминэн хааччыйыы баар буолуо.
* Кыаммат ыаллар оҕолорун эбии үөрэхтээһин (араас сайыннарар куруһуоктар) судаарыстыбаннай тэрилтэлэригэр сырытыннарыахтара.
* Профессиональнай үөрэх тэрилтэлэригэр күнүскү (очнай) көрүҥ устудьуоннарыгар социальнай истипиэндьийэ диэн баар буолуо. Устудьуон кыаммат ыал оҕото буоллаҕына, сылга биирдэ дьиэтигэр баран кэлэр бырайыаһын ороскуота төлөнүөҕэ.

Егор Борисов кэлэр сыллааҕы бүддьүөккэ бу ороскуоттары киллэрэр туһунан уурааҕар илии баттаата.

Ангелина ВАСИЛЬЕВА, “Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0